Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Андреевич Попов быйыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолар.
Леонид Андреевич Николай Гоголь «Тарас Бульба», Борис Полевой «Повесть о настоящем человеке», Александр Фадеев «Молодая гвардия», Александр Пушкин, Михаил Лермонтов, Владимир Маяковскай хоһооннорун сахалыы саҥардыбыт, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот Знага” уордьаннардаах суруйааччы.
Эдэр бэйиэт 9 хоһоонун 20-с үйэ улуу поэтессата Анна Ахматова тылбаастаабыта, ол сэбиэскэй поэзия Көмүс пуондатыгар киирбитэ. Бу маннык чиэскэ саха бэйиэттэриттэн кини эрэ тиксибитэ.
…Түүн кэтит чэпчэки кыната/ Ночь простерла покрывало
Түөлбэ киэҥ иэнин саппыта/ Над иссохшею землей,
Сөрүүҥҥэ баҕаран, утатан/ И долина отдыхала,
Сыhыы сыыгыныы сыппыта/ Тихо шелестя травой…
Леонид Попов нарын лирикалаах хоһоонноро билигин да ырыа буолан, уостан түспэккэ ылланаллар: «Илиибэр эн илииҥ баар курдук», «Кини дуо, мин кэрэ аналым», «Ханна көрдүм этэй мин?», “Сунтаар миигин ыҥырар”, “Өлөөн үрэх үрдүгэр”, о.д.а.
Төрүт дьон төрүөҕэ
Бүгүн кини оҕо сааһын, төрүттэрин, төрөөбүт дойдутун туһунан сырдата түһүүм.
Леонид Попов төрүттэрэ — кулубалар. Аҕатын өттүнэн хос-хос эһэтэ Моонньо кулуба сурукка киирэр аата – Николай Попов, 1780 сыллаахха төрөөбүт. Моонньо хос эһэтэ – Тараҕай Болтоҥо диэн нууччалары утары кыргыһан, устуоруйаҕа киирбит киһи. Ол туһунан учуонай Г. Попов кинигэтигэр баар. Моонньо кулубаттан икки оҕо төрөөбүт: Ылдьаа Попов (Өлүөскэ кулуба) уонна Мойбордоох Мотуруона (норуокка биллэринэн Суоһалдьыйа Толбонноох, Хочо Хотуна, Ааттаммат Хотун). Бу дьахтар туһунан элбэх номох баар.
Өлүөскэ кулуба араас үтүөлэрин иһин ыраахтааҕыттан мэтээл ылбыта. Киниттэн суос-соҕотох уол оҕо хаалбыт: Николай Алексеевич Попов — суруйааччы эһээтэ, Хочо улууһун бүтэһик кулубата. 1903 сыллаахха Тойбохойго норуот оскуолатын аспыта, 1908 сыллаахха оскуола дьиэтин туттарбыта. Саха сирин бастакы меценаттарыттан биирдэстэрэ. 1921 сыллаахха суута-сокуона суох ытан өлөрбүттэр.
Николай Алексеевич уонна Аксинья Уваровна төрөппүт уоллара Андрей Николаевич (Леонид Попов аҕата) 50 сыл учууталынан үлэлээбитэ. Ийэтэ Мария Ивановна Слепцова (Мэҥэ Хаҥалас) халыҥ, киэҥ удьуордаах аймахтар. Хос эһэтэ Суһуохтаах Мааркап Тараҕай нэһилиэгэр 24 сыл кинээстээбит, икки ыҥырыкка Мэҥэ улууһугар кулубалаабыт. Оттон Мааркабыстар төрүттэрэ – ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут, номоххо киирбит Бэрт Маарыйа.
Бэрт Маарыйаттан ситимнээх үс бөдөҥ, уһулуччу талааннаах суруйааччы баар: В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Леонид Попов, Иван Арбита. Онон кини төрүт дьон төрүөҕэ, ытык дьон ыччата этэ.
«Саныыбын төрөөбүт алааспын…»
Леонид Андреевиһы оҕо эрдэҕинэ таптаан Лүөлэ диэн ааттыыллара. Үс оҕоттон кыралара этэ. Сытыы-хотуу уолчаан алта сааһыттан ааҕар, суруйар буолбута. Аҕата дьиэтигэр үөрэппитэ, онтон 7 сааһыгар Тойбохой оскуолатыгар 2-с кылааска тута киирбит. Кыра эрдэҕиттэн хоһоон суруйара үһү.
1936 сыллаахха дьоно Дьокуускай куоракка көспүттэрэ. Леонид бастаан рабфакка, онтон пединститукка, кэлин Москваҕа Литературнай институкка үөрэнэн, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт быһыытынан киэҥник биллибитэ.
“Кулуба сиэннэрэ” диэн кыйдаабыттарыттан эбитэ дуу, дойдутугар Сунтаарга кэлин соччо сылдьыбат буолбут. Арай убайыгар Илья Андреевичка сылдьара үһү. Ол эрэн, 1989 сыллаахха атырдьах ыйыгар, 70 сааһын туолар үбүлүөйүгэр төрөөбүт дойдутугар, Уһун Күөлгэ анаан кэлэн барбыта. Бу кини тиһэх сырыыта этэ.
Эһэм Бүөтүр кулуба Николай Алексеевичтаахха иитиллибит буолан, Поповтар аҕабын уруургууллара үһү. 50-с сылларга Дьокуускайга үөрэнэр сылларыгар Андрей Николаевичтаахха куруук сылдьара. Устудьуон уолу аһатан, кыра харчы биэрэн ыыталлар эбит. Леонид Андреевич киниэхэ Евгений Шварц “Первоклассница” кинигэтин сахалыы тылбаастаппыт, оччотооҕу харчынан 3 500 солкуобайга аҕам көстүүм, бачыыҥка, сэлээппэ атыылаһан, туруору таҥныбыт, “хамыһаар” буола түспүт. Хор, ол саҕана чараас да кинигэ ботуччу гонорардаах эбит ээ…
Онон “норуодунай суруйааччы кэлэр” диэн сурах иһиллээтин, дьиэни-уоту сууйуу-сотуу, ас астааһына саҕаламмыта. Эдьиийбит Ксения Петровна дьиэ кэргэнэ көмөлөспүттэрэ. Сотору буолаат, биир массыына толору киһи кутулла түспүтэ. Леонид Андреевиһы арыаллаан эдэр суруйааччы Эдуард Соколов, ырыаһыт Раиса Захарова, сэбиэт Екатерина Васильева, мелодист Валерий Платонов, учуонай Зоя Петухова бааллара. Сайылык ыала төһө кыалларынан, бырааһынньык остуолун тардыбыттара. Тугу кэпсэппиттэрин үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Раиса Захарованы көрдөһөн ыллаппыттара.
Уончалаах кыыс бооччойбут хоһооннорум тэтэрээтин аҕалан аахтарбыттарыгар, “маладьыас, өссө суруй” диэбитэ.
Бу сырыытыгар Уһун Күөлтэн 5-6 биэрэстэ тэйиччи сытар төрөөбүт өтөҕөр Харбаҕа бара сылдьыбатаҕа. Арай, былыргылыы куруһуба ыстаабыналардаах, киэҥ-куоҥ, суон бэрэбинэлэртэн тутуллубут, оҕо сааһа ааспыт дьиэтэ бөһүөлэккэ көһөрүллэн, оскуола интэринээтэ буолан турарын көрдөҕө буолуо.
Харба Күөлгэ билигин Поповтар Тойон сэргэлэрэ эрэ иҥнэйэн турар. Өтөхтөрүгэр элбэх тутуу, күрүө-хаһаа онно оҥойор. Биир хаартыскаҕа көстөрүнэн, манна кыра дэриэбинэ курдук элбэх тутуулаах дьиэ-уот таһыгар 5 саастаах кырачаан Лүөлэ сэрбэйэн турара үйэтийэн хаалбыт. Бу кэмҥэ, баҕар, кини “киэһээҥҥи сарыалга кэрэхсээн, үрүйэ ырыатын истэрэ” эбитэ буолуо. Ол дьиэттэн, күрүөттэн-хаһааттан туох да хаалбатах, оттонор ходуһа буолбут… Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар Арыылаах нэһилиэгин дьаһалтата, дьоно-сэргэтэ Харбаҕа тимиртэн бэлиэ суругу, эбэтэр сэргэни туруоруохтарын, ону тэҥэ Поповтар сэргэлэрин сөргүтүөхтэрин сөп эбит.
100 сыллаах үбүлүөйүгэр
Үбүлүөйдээх сылынан Уһун Күөлгэ Леонид Попов скверэ тутулла турар, онно биир дойдулаахтартан харчы хомуллубута. Ону тэҥэ кини мусуойа туспа дьиэлэниэхтээх. Бу мусуой-хоһу аҕам Николай Петрович Васильев 90-с сыллар бүтүүлэригэр Л.А. Попов аатын сүгэр орто оскуола иһинэн тэрийбитэ. Оччотооҕу кырдьаҕастары, бэтэрээннэри видеоҕа устан үйэтиппитэ – билигин сыаналаах экспонат буолуохтаах. Леонид Попов төрөөбүтэ 80 сылыгар аҕам матырыйаал хомуйа диэн анаан Дьокуускайга тиийэн кэлбитэ. Онно бастакы кэргэнэ Анфиса Ивановнаҕа, иккис кэргэниттэн кыыһа Лиля Леонидовнаҕа дьиэлэригэр бара сылдьыбыппыт, кэпсэтэн, ахтыы ылбыппыт, тутта сылдьыбыт сорох малларын экспонат быһыытынан биэрбиттэрэ.
Л.Поповка анаммыт улуус таһымнаах Литературнай түһүлгэ үһүс сылын ыытыллар. Иллэрээ сыл Тойбохойго, былырыын Уһун Күөлгэ буолбута. Быйыл эмиэ төрөөбүт дойдутугар ыытыллыахтаах.
Ырыалара ылланар, хоһоонноро ааҕыллар, дьон уоһуттан түспэт буоллахтарына – бэйиэт айымньылара тыыннаахтар, өркөн өйүн өргөһө, санаатын модун кылаана, уус тылын оһуора өлбөт үйэлээхтэр.
Ангелина Васильева,
Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.