Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр быйыл аан бастаан «Айар каникул академията» диэн оҕолор сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар анаан, арт-былаһаакка тэриллэн үлэлээтэ. Манна 40-тан тахса оҕо сылдьыбыт. Биһиэхэ бу туһунан сиһилии норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
Академияны тэрийээччи норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин художественнай салайааччыта Жанна Степановна Николаева үлэни иилээн-саҕалаан ыыппыт. Бастакы симиэнэ бэс ыйын 17—30 күннэригэр, иккис — от ыйын 1 — 14, үһүс — от ыйын 15—28 күннэригэр үлэлээбит. Хас биирдии симиэнэ түмүгүнэн улахан отчуоттуур кэнсиэр көрдөрбүттэр.
Арт-былаһааккаҕа Дьокуускай куораттан, улуустартан оҕолор сылдьыбыттар. Кинилэр үҥкүүлүү, ыллыы үөрэммиттэр. Фольклору үөрэппиттэр, арт-уруоктары сэргээбиттэр, дикторга холоммуттар, сатаан тутта-хапта сылдьарга уһуйуллубуттар.
—«Айар каникул Академиятын» преподавателлэрэ оҕолору кытары уопсай тылы булан, сэһэргэһэн, тэҥҥэ оонньоон, күлэн оҕолор тапталларын ылыахтарын ыллылар. Ол курдук, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, СӨ култууратын үтүөлээх уонна туйгун үлэһиттэрэ, С.А.Зверев-Кыыл Уола үҥкүү национальнай тыйаатырыттан туруорааччы Людмила Семёновна Антипина, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин национальнай культураҕа киинин сүрүн исписэлииһэ Марина Юрьевна Павлова, НДД художественнай-постановочнай салаатын салайааччы Жанна Степановна Николаева, «Тойук» фольклорнай-этнографическай ансаамбыл художественнай салайааччыта Галина Гаврильевна Фёдорова, НДД национальнай культураларга киинин салайааччыта Ирина Егоровна Стрекаловская, «Сюрприз» үҥкүү народнай ансаамбылын педагог-репетитора Андрей Александрович Пойда, «Сайсары» вокальнай ансаамбыл художественнай салайааччыта Светлана Константиновна Степанова, НДД худуоһунньук-декоратора Илларионова Галина Владимировна, Санкт-Петербурдааҕы политехническэй университет устудьуона Лена Ионкова, национальнай культуралар кииннэрин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэс буолбут культураларын секторын сүрүннүүр исписэлиис Охлопкова Ольга Петровна о.д.а. таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Хас биирдии оҕоҕо дьоҕурун таба тайанан арыйарга, элбэх доҕордоноллоругар көмөлөстүлэр, — диэн суруйаллар.
Туйгун Винокуров, Өймөкөөн:
— Эдьиийдэрбин Самаананы, Аявринаны кытары сырыттым. Бары наһаа доҕордостубут. Хас күн аайы оонньоон, саҥаны билэн, үөрэтэн наһаа астынныбыт. Лааҕырбыт өссө да үлэлиэн баҕарабын. Быйыл кыһыны быһа төһө эрэ ахтабын!
Юнми Ха, Дьокуускай:
— Наһаа элбэх саҥа табаарыстарданным. Икки нэдиэлэ олус түбүктээх эрээри, наһаа интэриэһинэйдик уонна сэргэхтик ааста. Үҥкүүлээн, ыллаан, араас музыкальнай үнүстүрүмүөннэргэ оонньуу үөрэнэн, чабырҕахтары этэ үөрэнэн күммүтүн-дьылбытын билбэккэ да аһардыбыт.
Алина Ядрихинская, 9 №-дээх оскуола, Дьокуускай:
— Үҥкүүлүүрбүн наһаа сөбүлээтим. Өссө оҕолору кытары оонньуурбун, саҥаны-сонуну билэрбин, үөрэтэрбин астынным. Арт-былаһааккабыт айар эйгэҕэ бэртээхэй ыллыгы тэллэ. Бары наһаа сөбүлээтибит. Умнуом суоҕа, быйыл хайдахтаах үчүгэйдик сынньаммыппын!
Комогорцевтар дьиэ кэргэн: —Сайыҥҥы сынньалаҥнарын оҕолор туһалаахтык атааралларыгар көмөлөспүт арт-былаһааккаҕа махталбыт муҥура суох! Биһиги оҕолорбут үөрүү бөҕөлөр. Наһаа элбэх табаарыстаннылар, бириэмэлэрин туһалаахтык атаардылар. Арт-былаһаакка салгыы сайда, үлэтэ кэҥии турдун!
Ивановтар дьиэ кэргэн: —Маннык арт-былаһаакканы тэрийбит А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр махталбытын тиэрдэбит. Уолбут Андрей төһө да кыратын иһин, манна ылбыттарыттан бары наһаа үөрбүппүт. Андрей күн аайы манна үөрүүнэн сырытта. Киэһээ кэлэн тугу үөрэппиттэрин астынан, киэн туттан туран кэпсиир, ырыа-тойук бөҕө буолар.
Винокуровтар дьиэ кэргэн: —Бэртээхэй лааҕыр. Преподавателллэрэ олус эппиэтинэстээхтэр, бары улахан үөрүйэхтээх дьон. Онон киһи чахчы да астынан сырытыннарар лааҕыра. Барыгытыгар туйгун доруобуйаны. Үлэҕит-хамнаскыт сайда турдун!