Якутия Сегодня

Улуу Кыайыы 75 сылыгар — 75 үтүө дьыаланы

Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, Амма улууһугар илин эҥэр улуустар бэтэрээннэрэ көрүстүлэр. Бу туһунан биһиэхэ улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Людмила Трофимовна  Никитина иһитиннэрдэ.


—Тэрээһин сүрүн сыала-соруга: Улуу Кыайыы 75 сылын  чиэстээхтик көрсөргө анаан үлэни ыытыыга үөрүйэҕи атастаһыы. Чэгиэн сылдьарга чөл олоҕу тарҕатыы, сырдатыы. Тэрээһин түһүлгэтигэр Тааттаттан Светлана Ивановна Беркина, Мэҥэ Хаҥаластан  Маргарита Михайловна Максимова, Чурапчыттан Матрена Николаевна Матвеева, Уус Алдантан Зинаида Ивановна Егорова, Дьокуускайтан бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэттэрэ Никита Никитич Ноев салалталаах дэлэгээссийэлэр, уо.д.а. кэлэн кытыннылар.

Төгүрүк остуолга үлэ үөрүйэҕин атастаһыы, санаа үллэстиитэ буолла. Онно бу курдук сыллата көрсөн үлэни-хамнаһы сырдатар, билиһиннэрэр, инникини былаанныыр наадатын, үлэни-хамнаһы көҕүлээн биэрэрин ыйдылар. Тыа сирин аҕам саастаахтара олохпутун бэйэбит сэргэх оҥоробут. Онон түмсүүлээх буолуоҕуҥ, сибээһи тута олоруоҕуҥ диэн санааларын үллэһиннилэр. Горнайдар ыҥырыыларын ылынан, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө 75 үтүө дьыаланы өйүүргэ  диэн бары биир киһи курдук сөбүлэстибит, сүбэлэстибит.

Маны сэргэ, хабылыкка, хаамыскаҕа, мохсуоҕа күөн күрэс ааттааҕа ыытылынна.  Оҕо, эдэр сааспытын санатар оонньууларбытыгар бары да көхтөөхтүк кытынныбыт. Түмүккэ Уус Алдан улууһун хамаандата инники күөҥҥэ таҕыста, кыайыы өрөгөйүн туттулар. Онон тэрээһини эһиил кыайыылаах Уус Алдан улууһугар оҥорорго этии киирдэ.

Ыраахтан кэлбит ыалдьыттары  Наталья Кононовна Дьячковская салайааччылаах «Үһүс көлүөнэ оскуола» кыттыылаахтара сүрдээх сайаҕастык көрсөн, бэртээхэй кэнсиэр көрдөрөн, минньигэстик аһатан, махтал ылыахтарын ыллылар. Быйылгы тэрээһини Амма улууһун социальнай управлениета,  улуус бэтэрээннэрин уонна «Үһүс көлүөнэ оскуола» сэбиэттэрэ тэрийдилэр.

Онон Улуу Кыайыы 75 сылыгар туруоруммут сыалбытын-сорукпутун толорорго бары көхтөөхтүк кыттабыт.

 

0
0