Биһиги Сардаанабыт (өйдөбүл)

Хомолто хайа да күн хара тыанан хаампат, өрүүтүн дьон үрдүнэн барар. Төһө да оннугун иһин, өлөр өлүү да буоллар, арай, биири кыайбат – киһи туһунан өйдөбүлү ахтылҕан солбуйар.

Дьокуускай куорат 10 №-дээх “Туллукчаан” уһуйааныгар таһаарыылаахтык үлэлээбит иитээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Үөрэҕирии уонна Айылҕа харыстабылын министиэристибэлэрин Бочуоттаах Грамоталарынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай дьокутаатын гранынан бэлиэтэммит, киин куорат “Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ-үөрэтиигэ киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэтин хаһаайката Сардаана Аполлоновна Бадлуева бэс ыйын 28 күнүгэр соһумардык күн сириттэн туораан барыбытын олус хомотто. Дьүөгэбит суох буолбута 40 хонугун атырдьах ыйын 6 күнүгэр туолар. Итэҕэйбэппит, куруук аттыбытыгар баарын курдук саныыбыт…

Сардаана Аполлоновна 1963 с. от ыйын 19 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр төрөөбүтэ. Уһуйааҥҥа кырачааннар куттарын тутан, төрөппүттэри кытары ыкса ситимнээхтик, туруоруммут сыалын ситиһэр үтүө хаачыстыбалары өрө тутан, өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, сиэрдээхтик уонна кэрэтик олорон ааспыта. Оҕолору олус таптыыра, кинилэргэ үгүс ырыаны-хоһоону үөрэтэрэ, кырачааннар бырааһынньыктарын чуор куолаһынан доргуччу ыытара. Үлэҕэ олус көхтөөх, элбэх, сонун идеялардаах, сэргэх кэпсээннээх-ипсээннээх, оҕолуу көнө майгылаах, амарах дууһалаах, эдэрдии эрчимнээх, идэтигэр бэриниилээх этэ. Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэригэр, эдэр кэллиэгэлэригэр мэлдьи сүбэлии-амалыы, туох кыалларынан көмөлөһө сылдьара. Уһуйаан филиалын үлэтигэр олус кыһаллара, филиал материальнай базата тупсарыгар үгүс сыратын уурбута.

Куруук үөрэн-көтөн мичилийэ сылдьар Сардаанабытын биһиги умнубакка ахта-саныы сылдьыахпыт. Үөрэ-көтө сылдьыбыт бэйэтэ аны биһиги кэккэбитигэр суох диэҕи сүрэх тоҕо эрэ итэҕэйиэн баҕарбат… Тыл кэриэһэ тыыннаах буолуохтун.

10 №-дээх “Туллукчаан” уһуйаан кэллэктиибэ.
Дьокуускай куорат.

0
0

Добавить комментарий