Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Акана нэһилиэгин сиригэр Түүкээн өттүгэр уот турда диэн биллэрбиттэрэ. Бу баһаар Чкалов диэн аҕыйах киһилээх учаастактан 17 биэрэстэлээх Ыйылас диэн сиргэ буолбута. Акана уонна Чкалов олохтоохторуттан 11 киһилээх уонна 4 тиэхиньикэлээх добровольнай баһаарынай дружина суһаллык баран 3 күн үлэлээн кэллэ.
Бу туһунан Акана нэһилиэгин баһылыга Ефрем Михайлович Семенов иһитиннэрдэ. 2 УАЗ микроавтобуһунан, 1 водовоһунан уонна кустарнай булууктаах «Беларус» тыраахтарынан бара сылдьыбыттар.
— Тиийбиппитигэр «Авиалесоохрана» Үөһээ Бүлүүтээҕи отделениетын 7 киһилээх бөлөҕө кэлэн, баһаары утары үлэлии-хамсыы сылдьара, — диир Ефрем Михайлович. — Уот бэтэрээ өттүгэр 10-тан тахса гааны сиэбит этэ, биһигинэн киирэн Үөдэй диэки барыан сөптөөҕө. Ону боһойон ойууру солоон уонна булуугунан сири хайа тартаран күүскэ үлэлээтибит.
«Авиалесоохрана»-лар сүрдээх уопуттаахтарын көрдөрөн, биһиэхэ ыйан-кэрдэн биэрэн, күүс-көмө буолбуттарыгар улаханнык махтанабыт. Чуолаан хамандыырдарыгар Семенов Николай Семеновичка, парашютистар Спиридонов Данил Петровичка, Федоров Александр Сергеевичка, Дмитриев Дмитрий Валерьяновичка, Петров Петр Револьевичка, Дмитриев Дьулустаан Валерьевичка уонна Корнилов Вячеслав Григорьевичка, — диир баһылык.
— Уот өрө Сис Мэйигин диэки бара турда. «Авиалесоохрана»-лар ол диэки быраҕыллан бу күннэргэ үлэлиэхтээхтэр. Билигин биһиги манабылга хааллыбыт. Уоту эргийбит сирбититтэн тахсан барбатын диэн маныыбыт. Дьоммут солбуһан сылдьаллар. Эбии киһи наада диэн буолла даҕаны, тутатына барыахпыт.
Үчүгэйэ диэн — онно 60 м үрдүктээх урукку буровой тимир вышка баар. Ол үрдүгэр таҕыстахпытына сибээс хабар. Итиэннэ уот ханан киирэн баран эрэрэ үчүгэйдик көстөр. Инньэ гынан вышка үрдүттэн көрөн тиийэн үлэлииргэ үчүгэй. Бу билигин эмиэ дьоммут биллэрэн хомунан баран эрэбит, — диэн кэпсээтэ Ефрем Михайлович.
Ааптар: Геннадий Антонов