Ньурба Чуукаарыгар оскуола-саад бастакы сыбаайата түһэрилиннэ
Бүгүн, атырдьах ыйын 13 күнүгэр, Чуукаарга бэлиэ түгэн буолан ааста. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга 100/50 миэстэлээх оскуола-саад дьиэтин маҥнайгы сыбаайатын түһэрдилэр. Эбийиэк бырайыагын «Газстройпроект» ХЭТ (гендириэктэр Мария Кучумова) оҥордо, бэдэрээтчитинэн «Строй-Импульс» ХЭТ (Анатолий Протопопов) буолар. Бу эбийиэк сыаната — 330 мөл. солк., «АЛРОСА» АК-ны кытта сөбүлэһии быһыытынан улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киирэр үп суотугар тутуллар.
Бу күн өр кэмнээх кэтэһиилэрэ олоххо киирэн эрэриттэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт Чуукаар нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар муһуннулар. Сахалыы сиэри-туому биллиилээх норуот ырыаһыта, үҥкүү тылын тылын этээччитэ Ким Федоров ситэрэн аал уокка айах тутта, алгыс бастыҥын уонна эҕэрдэ тойугун анаата.
Нэһилиэк баһылыга Владимир Степанов, улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Данил Федоров, «Строй-Импульс» ХЭТ тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, оскуола выпускнига Иннокентий Николаев, КПРФ райкомун сэкирэтээрэ, биир дойдулаахтара Владимир Семенов, Герой-ийэ, үлэ бэтэрээнэ Анна Александрова мустубут дьону истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
30 сыллааҕыта Чуукаар орто оскуолатын бүтэрбиттэр элбэх буолан кэлэн биир дойдулаахтарын үөрүүлэрин үллэһиннилэр, тапталлаах оскуолаларыгар бэлэхтэрин дириэктэр Марина Анисимоваҕа туттардылар.
«Строй-Импульс» ХЭТ прораба Андрей Прокопьев кэпсииринэн, 12 м усталаах 281 сыбаайа түһэриллэр. Быйыл 12 киһи үлэлиэҕэ.
«Манна сирэ арыый ыарахан соҕус, чугаһынан муустаах, — диир кини. — Ол иһин сыбаайаларбыт уһуттар. Билигин 5 киһи баар — буровиктар уонна геодезист, 2 киһи сыбаайа скважиналарын бетонун кутуохтара, итиэннэ стяжка оҥорооччу 5 киһи кэлиэҕэ. Күҥҥэ 6-7 сыбаайаны түһэрдэххэ, манна ыйтан ордук үлэлиэхтэрэ. Сыбаайа икки ардыгар сылааһы тутар стяжка оҥоһуллуоҕа. Ол кэнниттэн манна шлакоблоктары аҕалыахпыт, арматуратын баайан бэлэмниэхпит. Баалката, плитата саас ууруллуоҕа. Ыам ыйыгар кэлэн баалкатын барытын бетонунан кутуохпут. Бэс ыйыгар плитата ууруллан бүтүөҕэ уонна эркинин таһаарыы саҕаланыаҕа».
Тэрээһин арыый уталыйан, хата, мустубут дьон сирин маҥнай үүттээһиниттэн саҕалаан сыбаайа түһэриитин бэркэ кэрэхсээн көрдүлэр. Үөрүүлэригэр буолан бириэмэ да биллибэккэ ааста. Уһун устуоруйалаах, 1914 сыллаахха тэриллибит церковнай-приходской оскуолаттан силис тардыылаах Чуукаар оскуолатын саҥа таас дьиэтин тутуутун саҕалыыр түгэн кимиэхэ баҕарар истиҥ үөрүүнү аҕалла. Эбийиэк 2022 сылга үлэҕэ киириэҕэ.
Аны быйыл исписэлиистэргэ анаммыт, толору хаачыллыылаах 4 кыбартыыралаах олорор дьиэ, 75 ынах сүөһүгэ аналлаах саҥа хотон үлэҕэ киирэллэрэ күүтүллэр. Өр тутуу үлэтэ ыытыллыбакка турбут нэһилиэккэ хамсааһын тахсан, Чуукаар нэһилиэгин сайдыытыгар саҥа саҕахтары арыйыаҕа.
Ааптар: Геннадий Антонов