Ньурбаттан норуоттар икки ардыларынааҕы Ыччат туристическай форумугар кытыннылар
Саха сириттэн Ньурба улууһун бэрэстэбиитэллэрэ, кэргэннии Прокопий уонна Аделина Чымыровтар Татарстан Великий Болгар куоратыгар буолбут Ыччат туристическай форумугар кытыннылар. Дойду таһымыгар суолталаах тэрээһиҥҥэ бары эрэгийиэннэртэн уонна тас дойдулартан 450-тэн тахса киһи, итиэннэ 75 Арассыыйа уонна омук сирдэрин спикердэрэ, араас эйгэлэртэн экспертэр бааллар.
Ньурба улууһун имидж бэлиитикэтин уонна социальнай коммуникацияларын управлениетын исписэлииһэ Прокопий Чымыров кэргэнин Аделинаны кытта быйыл Хаҥалас улууһугар «Орто Дойду» туристическай-этнографическай комплексыгар «Эдэр ыал» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Ыччат министиэристибэтиттэн кинилэргэ бириис быһыытынан Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат форумугар кыттарга сэртипикээт анаммыта.
Форумҥа кэргэннии Чымыровтар араас лиэксийэлэргэ уонна маастар-кылаастарга, интерактивнай сиэссийэлэргэ, практическай дьарыктарга сылдьан элбэҕи биллилэр. Тэрээһиҥҥэ туристическай хампаанньалар уонна туроператордар, сүрүн медиа уонна трэвел-блогердар, инвестордар уонна IT-хампаанньалар, HORECA уонна туризм эйгэтигэр былаас бэрэстэбиитэллэрэ, ыалдьытымсах буолуу экспертэрэ уонна идэтийбит айанньыттар кытыннылар.
«Форум үрдүк таһымҥа ааста, — диир Прокопий Чымыров. — Казахстантан тиийэ элбэх сирдэртэн кэлбиттэр. Туризм сайдарыгар үгүс ньымалары тутталларын көрдөрдүлэр. Күн аайы саҥа спикердар кэлэн кэпсииллэр. Профессионаллар этэллэринэн, Арассыыйа үрдүнэн туризм саҥа сайдан эрэр. Ол иһин хас биирдии киһиэхэ манна үлэлииргэ кыах элбэх. Маркетинг күүстээх оруолу оонньуур эбит, үксүн билигин туризмҥа IT-технология ньыматынан араас сыһыарыылары оҥороллорун сырдаттылар. Татарстан улахан сайдыылаах регион эбит. Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн үһүс миэстэҕэ турар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Дьоно наһаа эйэҕэстэр, күлэ-үөрэ сылдьаллар. Бэйэлэрин култуураларын өрө туталлар, туох-баар саҥа кэлбит астарга, таҥастарга барытыгар бэйэлэрин култуураларын холбоон иһэллэринэн маладьыастар. Дьон Саха сирин наһаа сэргииллэр. Айылҕатын кэрэтин көрдөрбүппүт итэҕэйбэттэрэ дьиктитин. Ол курдук Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэрин — тукулааны, Булууһу, Өлүөнэ очуостарын хаартыскаларын көрдөрбүппүтүгэр, «фотошоп» диэн күллэрбиттэрэ. Биһиги бу улахан Форумҥа кыттыыбыт түмүгүнэн элбэх туһалааҕы уонна көдьүүстээҕи биллибит-көрдүбүт, үгүс дьону кытта алтыстыбыт».
Ааптар: Геннадий Антонов