Ньурбалар «Авиалесохрана» үлэһиттэригэр улахан махталлаахтар

Ньурбалар «Авиалесохрана» үлэһиттэригэр улахан махталлаахтар

Ньурба улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Артур Яковлев атырдьах ыйын 22 к. «Авиалесохрана» Дьокуускайдааҕы отделениетын парашютнай-баһаарынай хамаандатын инструктора Иван Загировы көрүстэ. «Авиалесохрана» отделениетын 28 үлэһитэ кэлэн, оройуон сиригэр-уотугар улахан баһаардары утары күүскэ үлэлэспиттэрин бэлиэтээн, салалта уонна олохтоохтор ааттарыттан улаханнык махтанан туран, Махтал суругу туттарда.


Иван Загиров кэпсииринэн, кинилэр Дьокуускай таһыгар бэс ыйын 14 к. бастакы баһаар буолбутугар үлэлии тахсыбыттар. Онтон ыла дьиэлэриттэн-дьонноруттан тэлэһийэн, араас улуустарынан сайыны быһа үлэлээбиттэр.

«Ньурбаҕа 28 буолан кэлэн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр баһаардары умуруоруу үлэтин саҕалаабыппыт. Бу күҥҥэ диэри Ньурба улууһун сиригэр эрэ буолбакка, быысаһа сытар Сунтаар уонна Үөһээ Бүлүү баһаардарын утары эмиэ үлэлээтибит. Дьоммут хас да бөлөххө арахсан араас баһаардарынан сырыттылар. Тоҕо диэтэххэ, ханна баҕарар көмө наада этэ, ол иһин ханна баҕарар төһө кыалларынан элбэхтик көмөлөстүбүт. Үлэбит түмүгэ ити көһүннэ. Күннээҕи олохпутугар кыһалҕа үөскээбэтэ, барытынан толору хааччыллыбыппыт. Элбэх сыллар тухары сайын маннык балааккаҕа олоро үөрүйэхпит. Уматыкка ханнык эмэ сорох түгэннэргэ боппуруостар үөскүү сылдьыбыттара эрээри, бу барыта быһаарыллар боппуруостар. Баһаарга үлэҕэ биһиэхэ буруо эрэ мэһэйдиирэ, киһи көрөрүгэр да, тыынарыгар да уустук түгэннэрдээҕэ. Ол иһин итини утары охсуһарга күһэллэрбит. Ким да биһигиттэн ыалдьыбата-хайаабата, ханнык да үҥсүү суох. Баһаардары утары үлэлэспит олохтоох дьону уонна «Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрин үчүгэйдик сыаналыыбын. Мин 2003 сылтан үлэлиибин, улахан уопуттаахпын. Парашютунан 800 ыстаныылаахпын. Ол эрээри барыта үлэбинэн буолбатах, Дьокуускайга аэро-кулуупка дьарыктанабыт. Биһиги сүрүн тэрилтэбит Дьокуускайга баар. Ханна үлэлиибит да, сонно олохтоох нэһилиэнньэттэн эмиэ киирэн үлэлиэхтээхтэр диэн бириинсиби тутуһабыт. Олохтоохтортон эмиэ хамаандалар инструктордарын бэлэмниибит, эрчийэбит», — диэн сэһэргээтэ инструктор Иван Загиров.

Түмүккэ улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Артур Яковлевтан улууска балаһыанньа хайдаҕын  туоһуластым. «Атырдьах ыйын 22 күнүгэр улууска регистрацияламмыт бүтэһик баһаар умуруорулунна, — диэтэ Артур Янович. — Бүгүн «Авиалесохрана» Дьокуускайдааҕы отделениетын 28 үлэһитэ үлэлэрин түмүктээн Ньурбаттан баран эрэллэр. Кыралаан уоттар бааллар эрээри, аһаҕас уоппут суох. Ардахпыт көмөлөһөн быйыл сайын баһаар үлэтин түмүктээн эрэбит. Нэһилиэктэр салалталарыгар, баһаары утары үлэлэспит бары дьоҥҥо махтанабыт. Быйыл ойуур баһаардарын умуруоруу былаанынан Ньурба куоратыгар уонна 18 нэһилиэккэ 256 киһини уонна 88 тиэхиньикэни бэлэмнээбипппит. Бу буолбут ойуур баһаардарыгар нэһилиэнньэттэн 133 киһи сылдьан үлэлээтэ, тэрилтэлэр уонна дьон 53 тыраахтарын туһанныбыт. Бүгүн кинилэргэ докумуон оҥоһулла турар. Баһаар бүттэ даҕаны, 5 күнүнэн докумуон толоруллан киллэриллиэхтээх. Үксүлэрин толорон ыыттыбыт, билигин итинэн «Якутлесресурс» салалтата дьарыктана сылдьар.

Ааптар: Геннадий Антонов

Добавить комментарий