Суордаахха ойуур баһаарын туругун кэтииллэр
Суордаах нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта иһитиннэрэринэн, баһаар туруга «Тинэһэ», «Мас Хайдыбыт» сирдэригэр баара бэлиэтэнэр. Бөһүөлэктэн 1 көс аллараа турар Метеоыстаансыйаҕа тиийэрэ 8 килэмиэтир хаалла.
— Оттон үөһэ «Мас хайдыбыт» өттө систэн сыһыытыгар түстэҕинэ «Улаҕаа» сылгыһыттарыгар кутталы үөскэтиэн сөп. Буруоттан сылтаан, бөртөлүөт атырдьах ыйыттан көтө илик. Устудьуоннар, уоппускаҕа кэлбит-барбыт дьон Баатаҕайга да, манна да хаайтаран олороллор, — диэн олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Семен Афанасьевич иһитиннэрэр.
Добровольнай баһаарынай дружина салайааччыта А.Е. Горохов уот туругун көрө-истэ сылдьар. Салгыы улэтинэн Дулҕалаах нэһилиэгэр баран турар.
«Ан-2» сөмөлүөт кэлиэҕэ диэн порт былаһааккатын урбаанньыт М.В. Слепцов бэлэмнээтэ. Кини көтөр аал урукку былаһааккатын хас да сыл үүммүт талаҕын быста, суолун көннөрдө.
Ааптар: «Вести Верхоянья» хаһыат