Боруулаах отчуттара күнү-дьылы үлүмнэһэллэр
Быйыл Үөһээ Дьааҥы оройуонун үрдүнэн үгүс дьон мобильнай биригээдэ тэринэн оттуу сылдьар. Боруулаахха эмиэ оттооһун үлэтэ үгэнниир.
«Боруулаах нэһилиэгин олохтоохторо «Хатырык», «Күп», «Биллээх» сирдэригэр баран оттууллар. Билиҥҥи туругунан отчуттар 4-түү, 7-лии, 8-тыы, 9-туу, 22-лии туонна оттору туруордулар», – диэн тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ иһитиннэрэр.
Маны тэҥэ, «Көдөй» сиригэр оскуола үөрэнээччилэрэ сылгыларыгар 19 туонна оту туруоран, былааннарын аһары куоһардылар. Онон отчуттар былдьаһыктаах күннэри баттаһан, былааны толорорго дьулуһаллар.
Ааптар: «Вести Верхоянья» хаһыат