Быыбар киин хамыыһыйатын чахчытынан, сыл саҕаланыаҕыттан атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри Арассыыйа 59 субъегар 401 быыбардыр хампаанньа ыытыллыбыт.
edersaas.ru
Саната таарыйа эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тоҕус быыбар уонна икки олохтоох референдум болдьоҕун иннинэ ыытыллыбыттара. Ол курдук, тохсунньу 27 күнүгэр Уус Маайа нэһилиэгин баһылыгын уонна бөһүөлэк сэбиэтин дьокутааттарын, кулун тутар 3 күнүгэр Алдан оройуонун Анамы национальнай нэһилиэгин, Нам улууһун Арбын уонна Хатыҥ Арыы нэһилиэктэрин баһылыктарын, кулун тутар 17 күнүгэр Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгин баһылыгын уонна дьокутааттарын, бэс ыйын 2 күнүгэр Өймөкөөн улууһун Аартык нэһилиэгин дьокутааттарын быыбардара буолбута.
Маны таһынан кулун тутар 31 күнүгэр Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр эбэҥки национальнай нэһилиэгин ыстаатыһын иҥэрэр, бэс ыйын 9 күнүгэр Абый улууһун Белай Гора бөһүөлэгэр арыгы атыытын бобор туһунан боппуруостар олохтоох референдумунан быһаарыллыбыттара.
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр
Бүтүн Арассыйатааҕы быыбар биир кэлим күнүгэр Хабаровскай кыраай, Новгород, Орел уонна Свердловскай уобаластар биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарыгар Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын эбии быыбара, 16 субъекка үрдүкү былаас уорганнарын, 13 субъекка бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын быыбардара ыытыллыахтаах.
Саха сиригэр үс улууска (Аллайыахаҕа, Аллараа Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ) уонна “Жатай” куораттааҕы уокурукка, 18 нэһилиэккэ, ол иһигэр Сунтаар, Орто Халыма улуустарын киинигэр дьаһалта баһылыктарын, итиэннэ уон сэттэ улууска уонна Жатайга бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттара быыбарданыахтара. Онон 22 муниципальнай тэриллии баһылыга уонна 123 дьокутаат талыллыахтаахтар. Онно барыта 479 хандьыдаат регистрацияланан, быыбар иннинээҕи аҕытаассыйалыыр үлэлэрин ыыта сылдьаллар.
Хандьыдааттар испииһэктэрин көрдөххө, нэһилиэктэр баһылыктарын быыбарыгар уон үлэлии сылдьар баһылык, түөрт баһылыгы солбуйааччы киирсэн эрэр эбиттэр. Холобур, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын баһылыга Илья Кузьмин, Уус Маайа Күбүн баһылыга Аида Борохина, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов салгыы үлэлииргэ быһаарыммыттар.
Улуустар баһылыктарыгар ким хандьыдаат буолла?
Эппиппит курдук, үс улууска уонна биир куораттааҕы уокурукка баһылыктар талыллыахтаахтар. Биирдиилээн ылан көрдөххө, куорат таһынааҕы Жатай бөһүөлэгин баһылыгын быыбарыгар аҕыс киһи турбутуттан, регистрацияны сэттэ хандьыдаат ааспыт: биирдэм урбаанньыт Татьяна Гапеева (бэйэтэ туруоруммут), «Алмаз» ТРК генеральнай дириэктэрэ Микаэль Заболотнай (КПРФ), «Альянс-Бырайыак» ХЭТ салайааччыта Александр Захаров (бэйэтэ туруоруммут), Жатай баһылыгын солбуйааччы Евгения Исаева («Биир ньыгыл Арассыыйа»), быстах кэмҥэ үлэтэ суох Мичил Николаев («Сиэрдээх Арассыыйа»), «Дьокуускайдааҕы аэрогеодезическай тэрилтэ» АУо отделын начаалынньыга Анатолий Ощепков (бэйэтэ туруоруммут), «Монолит-Эксклюзив» хампаанньалар бөлөхтөрүн дириэктэрэ Владисав Теппор (ЛДПР).
Аллайыаха улууһун баһылыгын быыбарыгар биэс хандьыдаат регистрацияламмыт: Аллайыаха улууһун дьаһалтатын хапытаалынай тутууга управлениетын салайааччы Виталий Слепцов (бэйэтэ туруоруммут), Аллайыаха улууһун военкоматын үлэһитэ Егор Уваров (КПРФ), «Физическэй култуура уонна оҕо уонна ыччат спордун сайдыытын киинэ» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин дириэктэрэ Михаил Габышев («Сиэрдээх Арассыыйа»), «ОДьКХ» СУТ управлениетын начаалынньыга Яков Елисеев («Биир ньыгыл Арассыыйа») уонна Госдуума дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Семен Макаров (ЛДПР).
Аллараа Халыма улууһун баһылыгын быыбарыгар уон хандьыдаат туруоруллубутуттан биэс хандьыдаат регистрацияламыт: Аллараа Халыма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Екатерина Дмитриева (бэйэтэ туруоруммут), «Сахаэнерго» АУо Аллараа Халыматааҕы РЭС начаалынньыга Рамиль Алимов (КПРФ), быстах кэмҥэ үлэтэ суох Ярослав Бандеров (бэйэтэ туруоруммут), Госдуума дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Евгений Рябченко (ЛДПР), быстах кэмҥэ үлэтэ суох Валерий Сентяков («Биир ньыгыл Арассыыйа»).
Сытыы киирсии – Өлүөхүмэҕэ
Өлүөхүмэ улууһун баһылыгын быыбарыгар тоҕус хандьыдаат турбутуттан, регистрацияны сэттэ киһи ааспыт: Өлүөхүмэ улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы э.т. Эдуард Кондратьев («Биир ньыгыл Арассыыйа»), «Өлүөхүмэ кыладабыайа» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Николай Ефимов-Владимиров (бэйэтэ туруоруммут), Ил Түмэн дьокутаата Сулустаана Мыраан (Сиэрдээх Арассыыйа), «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» Өлүөхүмэтээҕи учаастагын маастара Михаил Еникеев (ЛДПР), «Дьокуускай куорат баанньыктара» МУТ дириэктэрэ Василий Поскачин, В.П. Ларионов аатынан Хотугу сир физико-тиэхиньиичэскэй проблемаларын институтун научнай үлэһитэ Николай Харбин, «Россельхознадзор» Саха сиринэҕи управлениетын отделын салайааччы Константин Шестаков (үһүөн бэйэлэрэ туруоруммуттар).
Быыбар ирдэбилэ кытаанах, толоруллар докумуона элбэх, онуоха эбии хандьыыттааттар бэйэлэрэ биитэр кинилэр бэрэстэбиитэллэрэ үөскүүр мөккүөрдэрин, сөбүлэспэт боппуруостарын суутунан быһаартараллар. Быыбар киин хамыыһыйатын чахчытынан, суукка билиҥҥитэ сэттэ үҥсүү киирбититтэн – алтата Өлүөхүмэ улууһун баһылыгын быыбарыгар сыһыаннаах. Итини бу улууска быыбар иннинээҕи киирсии сытыырхайыытын быһыытынан сыаналыыр сиэрдээх.
Эксперт санаата
Алексей Ефимов, Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ:
— Сокуон быһыытынан, дойду үрдүнэн быыбар биир кэлим күнэ балаҕан ыйын иккис өрөбүлүгэр тэриллиэхтээх, онон быйылгы биир кэлим быыбар балаҕан ыйын 8 күнүгэр ыытыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быыбар 24 улууска, ону да сорох нэһилиэктэргэ уонна биир куораттааҕы уокурукка ыытыллар, онно барыта 171 тыһыынча 551 киһи эбэтэр өрөспүүбүлүкэ бүттүүн быыбардааччытын 18,3 бырыһыана кыттыаҕа. Улуустардааҕы быыбар хамыыһыйаларын салайааччылара уонна чилиэннэрэ уопсастыбаннай төрүккэ үлэлиилэрин быһыытынан, итиэннэ быыбары тэрийэн ыытыы балаһыанньаларыгар сыллата араас уларыйыы, эбии киирэринэн, биһиги миэстэтигэр тиийэн, кинилэри үөрэтэбит, үбүлээһин боппуруостарын, бүллүтүөннэри тиэрдиини, о.д.а. быһаарабыт.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сообщение Чугаһаан истэҕин ахсын долгуйуу улаатар появились сначала на Эдэр Саас.