Табалаах нэһилиэгэр кыстыкка бэлэмнэнэллэр
Бу күннэргэ «Дьааҥы оройуона» МТ баһылыгын солбуйааччы М.И. Осипов Табалаах нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын, оттооһун хаамыытын уонна кыстыкка бэлэмнэнии боппуруостарын билсэ бара сырытта. Улуус биир улахан нэһилиэгэр уопсайа 250-ча сылгыны, ынаҕы туталлар.
Үлэ хаамыытын туһунан «Дьааҥы оройуона» МТ баһылыгын солбуйааччы М.И. Осипов иһитиннэрдэ: «Окко сезоннааҕы былааны 83% толорорго дьулуһаллар. Оройуоҥҥа СӨ Бырабыыталыстыбатын өттүттэн көмө оҥоһуллуохтааҕын, Табалаах дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Е.Е. Потапова нэһилиэгин хас биирдии хаһаайыстыбата төһө окко, эбии аһылыкка наадыйарын ааҕан-суоттаан, оройуоҥҥа бастакынан сайаапка түһэрдэ.
Кыстыкка киириигэ 174 ыалы кииннэммит ититэр ситимҥэ холбоон олороллор. Уопсайа 350-ча ыал баар эбит буолла5ына, бу сыыппара — нэһилиэк ыалын аҥара эрэ. Онон нэһилиэнньэ эбии хочуолунай тутуутун туруоруста».
П.С. Лебедев салайааччылаах хочуолунай кэлэктиибэ толору бэлэмнээҕин иһитиннэрдэ. Оттон икки эрэ үлэлиир дизеллээх уот ыстаансыйата эргэрэн, кыаҕа бүтэн алдьанара элбээбит. Кыһыҥҥы тымныылары этэҥҥэ туоруурга хааччахтар үөскээбэттэрин туһугар, «Дьааҥы электричэскэй ситимнэрэ» анал биригээдэ тиийэн өрөмүөн үлэтин ыытан эрэр. Кулун тутар ыйга тиийэр чох, дизельнэй уматык барыта тиэллибит.
Быйылгы ойуур баһаардарыттан сир ирэн булуус уута суолу эмсэҕэлээтэ. Маны таһынан, буруо мэһэйдииринэн бөртүлүөт көтүүтэ аҕыйах. Ыарахан тиэхиньикэ суолу алдьатан айанныыр. Суол туруга улаханнык мөлтөөбүтүн этэллэр. Урбаанньыт С.Х.Потапов Хотон Хайа өттүнэн суол оҥоруутун саҕалаата.
Табалаахха оҕо тэрилтэлэрэ кыстыкка киириигэ бэлэмнэр. Быйылгы үөрэх дьылыттан оскуола дириэктэринэн А.Х. Эверстова ананна.
Манна даҕатан М.И.Осипов, 131 ФЗ -ҥа суруллубутунан олохтоох дьаһалта миэстэтигэр ыытар үлэтин-хамнаһын сүрүн сыаналааччы нэһилиэнньэ бэйэтэ буолуохтааҕын тоһоҕолоон эттэ.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА