Барыластар инники күөҥҥэ

Кылгас сайыммыт бүтэн, көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ. Бу кэмҥэ оҕо-дьахтар аймах үксэ биллэн турар ходуһаттан таҕыстаҕа – оскуолаҕа киирии, дьиэни-уоту кыстыкка бэлэмнээһин түбүгэр оройдорунан түстэхтэрэ. Ол да буоллар билиҥҥитэ 706 киһи ходуһаҕа баар диэн Дьааҥы оройуонун ТХС субуоккатыгар суруллубут.


Былырыын балаҕан ыйын саҕаланыыта 348 киһи оттуу сылдьыбыта. Кинилэр бу кэмҥэ 9779 т от кэбиһиилээх этилэр. Быйыл төһө да кураан буолан үүнүү мөлтөҕүн үрдүнэн, үлэҕэ баһаардар мэһэйдээтэллэр да биһиги хоһуун отчуттарбыт билиҥҥитэ 6081 т оту кээстилэр. Ити былаан-кыраапык 69% (7622 туонна).

Субуокканы ырытыыны үгэс курдук улахан нэһилиэктэртэн саҕалыыбыт. Сайын устатыгар буолбутун курдук улахан нэһилиэктэртэн инники күөҥҥэ билигин да адыаччылар иһэллэр. Манна билиҥҥитэ былааннаах 837 га оннугар 677 охсуллубут (80,9%), кэбиһиилэригэр көрдөрүүлэрэ 832 т, ол кыраапык 86 бырыһыана (967 т). Ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥнээн көрдөххө арыылаахтар көрдөрүүлэрэ лаппа тупсубут. Ол курдук кинилэр 629 т от кээһиилээхтэр (62,5%). Арыылаахха билигин да 64 киһи оттуу сылдьар (былырыын баччаларга 50 киһи этэ). Улахан нэһилиэктэргэ барыларыгар да ааспыт нэдиэлэҕэ кээһии күүскэ барда. Ол курдук боруулаахтар кээһиилэрэ 750 т буолан кыраапыгы 71,2 бырыһыан толорон кэллилэр. Табалаахтар 692 т оттоммуттар(69,6%). Улахан былааннаах нэһилиэктэртэн уустук балаһыанньа Сартаҥҥа баар эбит. Кинилэр 824 т оту бу кэмҥэ кэбиһиэхтээхтэрин оннугар 481 т эрэ оттоохтор, ол эбэтэр былаан-кыраапыктарын 58,4 бырыһыан толорбуттар.

Орто былааннаах нэһилиэктэртэн ордук балаһыанньалаахтарынан остуолбалар буолаллар. Кинилэргэ былааннаах 474 т оннугар 404 т от турда (85,2%). Боронуктар 572 т кэбиһиэхтээхтэрин оннугар 380 т кэбиһэннэр былаан-кыраапыктарын 66,4 бырыһыан толордулар. Куорат отчуттара кыраапыктарын 59,6 бырыһыан толорбуттар (572 т – 341 т). Аллара нэһилиэктэртэн кыраапыгы толорууга саамай чугастарынан элгэстэр буолбуттар (270 т – 212 т – 78,5%). Чөрүмчэлэр бу кэмҥэ көрдөрүүлэрэ  (229 – 176 – 76,9%), сайдыылар киэннэрэ (313 т – 232 т – 74,1%).

Саамай уустук балаһыанньа ыаллаһа сытар Суордаах уонна Дулҕалаах нэһилиэктэригэр үөскээбит. Дулгалаахтар билиҥҥитэ 319 т оту кээспиттэр. Ити былаан-кыраапык 47,2 бырыһыана. Суордаахтар былаан-кыраапыгы толорууларын бырыһыана өссө кыра – 46,4, ол эбэтэр былааннаах 386 т от оннугар 179 т эрэ кэбиспиттэр.

Улуус саамай ыраах нэһилиэгэр – Барыласка былырыын баччаларга оттоон бүппүт эбит буоллахтарына – быйыл 40 киһи билигин да оттуу сылдьар диэн субуокка көрдөрөр (ити, арааһа мобильнай биригээдэлэр дьонун ааҕан туран буолуо). Манна былаан-кыраапыгы толоруу саамай үчүгэй көрдөрүүлээх сирэ. Былааннаах 274 т оннугар 306 т кэбиһиллэн, былааннарын 111,7 бырыһыан толорон иһэллэр.

Быйылгы курдук уот кураан дьыллар урут да тураллара. Оччолорго, сопхуос саҕана Барылас уһун-киэҥ алыыларыгар, Суордаах Алыһардааҕар, Моой Үрэҕэр, бэл Саккырыыр Кустууругар сопхуостар дьону бөртүлүөтүнэн быраҕан оттотоллоро, билигин ол кыаллыбата өйдөнөр суол.

Нэһилиэктэр дьаһалталара бэйэлэрэ мобильнай биригээдэ  тэрийэн дьону онно-манна оттото ыыппыттара үчүгэй, ол гынан баран улуус дьаһалтата ыраата барбакка Остуолба Кумаҕар, Көнчөгөрүгэр, Тэҥтэҥэтигэр, Үөттээх Чолбонугар, Боронук Билиригэр (ити мин чугас баар, билэр сирдэрбин эрэ ааттаатым, дьиҥэр элбэх ходуһа таах хаала сыттаҕа) быһыттары оҥорон, нээкириктэри саҥардан нүөлсүтүү үлэтин сөргүтэрэ буоллар бу кэлээри турар кураан дьылларга улахан көмөлөөх буолуо этэ. Наар өрөспүүбүлүкэ көмөлөһүө дии-дии ытыспытын өрө уунан олорорбут сатаммат курдук. Оннук буолбатах дуо, күндү ааҕааччым?!

Ааптар: Иннокентий КЫСЫЛБАИКОВ