Ил Дархан Айсен Николаев V Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум кэмигэр «Коммерсантъ» общественнай-политическай хаһыакка эрэгийиэн инники сайдыытын туһунан интервью биэрдэ. Баара-суоҕа биир сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай эйгэ табыгастаах өрүтүнэн национальнай рейтинг 52 миэстэтиттэн отучча үктэли дабайан, 22 миэстэҕэ өрө көтөн тахсыбыта.
edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат
Айсен Николаев дойду биир саамай улахан хаһыатыгар «Роснефть», Silver Bear Resources хампаанньа Саха сиригэр айылҕа баайын туһаҕа таһаарар бырайыактарын, ньиэби-гааһы, ойуур маһын переработкалааһын туһунан кэпсээтэ. Инникитин өрөспүүбүлүкэ Японияны, Кытайы, Кореяны, Индияны кытта бииргэ үлэлэһэр санаалааҕын, олохтоох бородууксуйаны омук сиригэр таһаарыы, туризмы сайыннаран, араас дохуоттаах айанньыттарга турпакеттары оҥоруу о.д.а. сырьеттан тутулуга суох экэниэмикэ салааларын ырыынакка киллэрии туһунан сырдатта.
Сиһилии интервьюну «Коммерсантъ» саайтыгар https://www.kommersant.ru/doc/4073440 киирэн ааҕыҥ.
edersaas.ru
0
0