Быыбар саҕаланна

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнэ, Арассыыйа үрдүнэн быыбар биир кэлим күнэ!

edersaas.ru

Бүтүн Арассыыйатааҕы быыбар биир кэлим күнүгэр Хабаровскай кыраай, Новгород, Орел уонна Свердловскай уобаластар биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктарыгар Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын эбии быыбара, 16 субъекка үрдүкү былаас уорганнарын, 13 субъекка бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын быыбардара ыытыллар.

Өлүөхүмэ улууһун 450-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагар бастакы быыбардааччы 9 чаас 15 мүнүүтэҕэ кэллэ!

Саха сиригэр үс улууска (Аллайыахаҕа, Аллараа Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ) уонна “Жатай” куораттааҕы уокурукка, 18 нэһилиэккэ, ол иһигэр Сунтаар, Орто Халыма улуустарын киинигэр дьаһалта баһылыктара итиэннэ уон алта улууска дьокутааттар быыбарданаллар. Онон, 22 муниципальнай тэриллии баһылыга уонна 123 дьокутаат талыллыахтара.

Лоп курдук 9 чаастан быыбардыыр хамыыһыйалар ааннарын тэлэччи астылар. Быыбардааһын саҕаланна!

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий