Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов быыбар барыллаан түмүгүн иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
28,8 % диэн элбэх дуу, аҕыйах дуу?
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр ыытыллыбыт муниципальнай таһымнаах быыбарга быыбардааччылар 28,8 %-нара кыттыбыта, атын сыллар көрдөрүүлэригэр тэҥнээтэххэ, олус намыһах курдук. Бу биричиинэтинэн быыбардааччы 47 %-а, ол эбэтэр 55 337 киһи олорор Нерюнгритыгар куорат дьокутаатын эбии быыбарыгар быыбардааччы 9,36%-а, оройуон Сэбиэтин быыбарыгар 10,96 %-а эрэ кыттыбыта буолла. Атын улуустарга быыбарга кыттыы көхтөөх. Ол курдук, быыбардааччылар Өлөөн улууһун Солоҕонугар 100 %, Дьааҥы улууһун Эһэ Хайатыгар 89,4 %, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Араҥас нэһилиэгэр 82 %, Бэдьимэҕэ 75 % куоластаабыттар. Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар буолбутунан ааҕылынна.
Үс улууска (Аллайыахаҕа, Аллараа Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ) уонна “Жатай” куораттааҕы уокурукка, 18 нэһилиэккэ дьаһалта баһылыктара, итиэннэ уон алта улууска, “Жатай” куораттааҕы уокурукка, улуустар Сэбиэттэрин уонна нэһилиэктэр дьокутааттара талылыннылар.
Улуустарга уонна Жатайга — саҥа баһылыктар
Аллайыаха улууһун дьаһалтатын баһылыгын быыбарыгар биэс хандьыдаат регистрацияламмыттан, «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйаттан турбут «ОДьКХ» СУТ управлениетын начаалынньыга Яков Елисеев туох да мөккүөрэ суох кыайда. Улуус олохтоохторун 58,33 %-а киниэхэ итэҕэйэрин биллэрдэ.
Аллараа Халыма улууһун дьаһалтатын баһылыгын быыбарыгар эмиэ биэс хандьыдаат регистрацияламмытыттан, быстах кэмҥэ үлэтэ суох Валерий Сентяков быыбардааччылар 45,45 % итэҕэллэрин ылан хотто. Кини эмиэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан турбут.
Өлүөхүмэ улууһун баһылыгын быыбарыгар сэттэ киһи киирсибититтэн, бэйэтэ туруоруммут, В.П. Ларионов аатынан Хотугу сир физико-тиэхиньиичэскэй проблемаларын институтун научнай үлэһитэ Николай Харбин хотто. Улуус олохтоохторун 36,55 %-нара куоластарын киниэхэ биэрбиттэр.
Куорат таһынааҕы Жатай бөһүөлэгин баһылыгын быыбарыгар сэттэ хандьыдаат регистрацияламмытыттан Жатай баһылыгын солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Евгения Исаева 65,54 % куолаһы хомуйан, чахчы да, чаҕылхай кыайыыны ситистэ.
Көстөрүн курдук, Евгения Исаеваттан уратылар, ааспыт өттүгэр дьаһалтаҕа үлэлээбэтэх дьон баһылык буолар итэҕэли ыллылар. Итини өрөспүүбүлүкэ балысхан сайдыылар аартыктарыгар үктэммит кэмигэр нэһилиэнньэ хамсааһыны таһаарар кыахтаах эдэр, аныгылыы көрүүлээх дьон баһылык буолалларын ордорбутун, кинилэртэн элбэҕи күүтэрин быһыытынан сыаналыыр сиэрдээх. Оттон бу түөрт баһылыктан, Николай Харбинтан ураты, бары «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа туруорбут хандьыдааттара буолаллара – норуот былаас баартыйатын эрэнэрин кэрэһилиир.
Алта нэһилиэк баһылыга салгыы үлэлиэҕэ
Нэһилиэктэр баһылыктарын быыбарыгар туруоруллубут хандьыдааттар испииһэктэринэн көрдөххө, уон үлэлии сылдьар баһылык быыбарга киирсибитэ. Кинилэртэн салгыы үлэлиир кыаҕы алта киһи ылла: Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга Эдуард Филиппов, Күндэйэ нэһилиэгин баһылыга Иван Константинов, Уус Маайа Солнечнай бөһүөлэгин баһылыга Александр Пахомов, Ленскэй улуус Мурбай нэһилиэгин баһылыга Любовь Иванова, Нам улууһун I Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Василий Жирков, Өлүөхүмэ улууһун Дабаан нэһилиэгин баһылыга Валентина Жирохова. Атын 12 нэһилиэккэ атын эйгэҕэ үлэлээбит эдэр дьон быыбарга кыайдылар. Итинэн барыта 18 нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга быыбарданна.
Референдум кыаллыбата
Быыбар күнүгэр “Аллараа Халыма улууһа” муниципальнай тэриллиигэ “национальнай” диэн ыстаатыһы иҥэрэр туһунан олохтоох референдумҥа 1595 киһи, ол эбэтэр быыбардааччы 48,69 %-а эрэ кытынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Олохтоох референдуму ыытыы туһунан” сокуонун быһыытынан, быыбардааччы 50 %-ыттан аҕыйах киһи кыттыбыт түбэлтэтигэр, олохтоох референдум ыытыллыбатаҕынан ааҕыллар. Ону таһынан, бу боппуруоска олохтоох референдум аны икки сылынан эрэ хаттаан ыытыллар кыахтаах.
Болдьоҕун иннинэ куоластааһын
Быыбары бэлэмнээн ыытыы халандаарынай былаанын быһыытынан, ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх сирдэргэ, балыктыыр учаастактарга, таба ыстаадаларыгар, ыраах бириискэлэргэ болдьоҕун иннинэ куоластааһын быыбар буолуо сүүрбэ хонук инниттэн тэриллиэхтээх. Бу быыбарга олдьоҕун иннинэ куоластааһын атырдьах ыйын 18 күнүттэн саҕаламмыта. Онуоха муниципальнай таһымнаах быыбардар буолалларынан, улуустар бэйэлэрэ үбүлээн, Аллараа Халыма табаһыттарыгар бөртөлүөтүнэн, Аллайыаха, Орто Халыма, Өлүөхүмэ уонна Нерюнгри ыраах учаастактарыгар олорор быыбардааччыларыгар массыынанан, уу суолунан тиэрдэн, барыта 2032 киһини куоластаттылар.
Улахан кэһии суох
Быыбар кэмигэр туох да улахан кэһии таһаарыллыбата, быыбардыыр учаастактарга кэтээн көрөр тэриллэр туруорулланнар, хандьыдааттар уонна бэлитиичэскэй баартыйалар өттүлэриттэн уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлээннэр, куоластааһын сиэр быһыытынан, чиэһинэйдик ыытылынна.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru