Күндээдэ үҥкүүһүттэрэ «Артекка» умнуллубат сайыҥҥы сынньалаҥы атаардылар
Куйаас күннэр сатыылаан турдахтарына Арассыыйатааҕы үрдүк көрдөрүүлээх Күндээдэ нэһилиэгин «Кэскил» оҕо үҥкүүтүн ансаамбыла ыраах «Артек» лааҕырга дуоһуйа сынньанна. Оҕолор элбэҕи билэн-көрөн, саҥа доҕоттордонон, үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ.
Ньурба улууһун Күндээдэтээҕи «Кэскил» үҥкүү ансаамбыла «Бриллиантовые нотки» фестивальга кыттан, Гран при үрдүк аатын ылан, «Артекка» барар путевканан наҕараадаламмыта. Ансаамбыл салайааччыта, СӨ култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ Галина Прокопьевна Степанова ол туһунан сэһэргиир:
— Аан дойдутааҕы оҕо киинин «Артек» лааҕыры (фонд поддержки) Алена, Андрей Макаровтар хаһыс да сылларын араас омук оҕолоругар аналлаах улахан, интэриэһинэй тэрээһиннэри тэрийэн ыыталлар эбит. Биһиги аҥардас Саха сирин эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа аатыттан бэйэбитин киэҥ эйгэҕэ көрдөрөн, билиһиннэрэн кэллибит. Лааҕыр аһыллыыта наһаа үрдүк таһымҥа ааспыта. Стадиоҥҥа туох баар оҕо лааҕыр ырыатын, речевкатын, үҥкүүтүн барытын толорбуттара. Түмүгэр салюту көрүөххэ, истиэххэ олус кэрэ этэ. Ол курдук биһиги оҕолорбут хаһан да буола илик саамай элбэх омук оҕолоро мустубут сменаларыгар түбэспиттэрэ. Лааҕыр 8-с сменатыгар «Мы разные — мы равные» диэн девиһинэн 76 дойдуттан 3451 оҕо, 550 баһаатай үлэлээтэ. Салайааччыларга араас маастар-кылаастар буоллулар. «Артек» аренатыгар лааҕыр сабыллыыта наһаа кыраһыабайдык барбыта. Онно лааҕыр кэрэ аҥаардарыгар артековскай роза түҥэтэлээбиттэрэ. Манна Айаал Степанов кыттыыны ылбыта. Оҕолор лааҕыртан олус астынан кэлбиттэрэ, — диэн үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэр Галина Прокопьевна.
9 кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ, туохха барытыгар көхтөөх, ансаамбыл тутаах үҥкүүһүтэ Настя Варламова бу курдук сиһилии кэпсээтэ: «Барыта 9 лааҕыр үлэлээтэ: Полевой, Кипарисный, Речной, Морской, Лазурный, Хрустальный, Лесной, Янтарьный, Озерный. Биһиги Полевойга 10-с этэрээт быһыытынан сырыттыбыт. Лааҕыр салайааччыта — Роман Борисович Грановскай. Биһиги этэрээппитигэр немецтэр, французтар, украинецтар, арабтар, японецтар, Нидерландыттан уонна биллэн турар сахалар бэйэбит биир иллээх дьиэ кэргэн курдук тапсан сырыттыбыт. Баһаатайдарбыт үстэр, устудьуоннар. Күн аайы араас тэрээһин ыытыллар. «Артекка» хас смена аайы биллиилээх суруйааччылар оҕолорго аналлаах кинигэлэринэн ону-маны толкуйдатан ыыттараллар эбит. Марк Твен «Приключения Тома Сойера» биһиэхэ түбэһэн, араас куонкурустарга билиибитин тургуттубут, элбэҕи биллибит. Ону туоһулуур элбэх диплом ылбыппыт. Лааҕыр иһинэн үлэлиир эдэр кэрэспэдьиэннэр биһигиттэн интервью ылаллара уонна фейсбукка таһаарбыттар этэ.
Маны таһынан хас биирдии оҕо интэриэһинэй куруһуоктарга дьарыктанныбыт, бэйэбит оҥоһуктарбытын илдьэ кэлбиппит.
Бэйэбитигэр эмиэ араас тэрээһиннэри толкуйдаан ыытарбытын ирдииллэр. Быйыл Тыйаатыр сыла биллэриллибитинэн, онно аналлаах «Театр масок» тэрээһини бэйэбит тэрийэн ыытан, үчүгэйдик ыыппыппыт иһин дипломунан наҕараадаламмыппыт. Онно түмүгэр флешмоб ыытаммыт биир да оҕо, улахан киһи туора турбакка бары кыттыыны ылбыттара. Уонна быйыл «Обмен книги на разных языках начали свое путешествие по миру из Артека» тэрээһин аан бастакытын ыытыллыбыт, онно «Артек» дириэктэрин Константин Альбертович Федоренконы көрүстүбүт. Баһаатайдарбытын икки Дашаны уонна Ангелинаны наһаа сөбүлээбиппит».
Эмиэ 9 кылаас үөрэнээччитэ, успуорка сүүрүү көрүҥэр кыахтаах кыыспыт Юлиана Ананьева кэпсэтиигэ кыттыһар: «Бастаан Аю-Даг хайаҕа тахсан, хас биирдии оҕо дьиҥнээх артековец аатын ылбыппыт. Араас моһоллору туораан тиийбиппит. Онно этэрээт аатын, уонна сирэйбитин уруһуйдаабыттара. Үөһээ тахсарга сылаалаах этэ эрээри, наһаа астыммыппыт уонна өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүппүт. Мин «Маяк Дружбы» тэрээһиҥҥэ минньигэс бирээнньиктэринэн доҕордоһуу былааҕын уурарга Арассыыйа аатыттан кыттыспытым наһаа долгутуулаах этэ. Мин «Артек» былааҕын, онтон шеф-повар Константин Сорокин Арассыыйа былааҕын уурбуппутун хаһан да умнуом суоҕа. Итини таһынан уолаттарбыт Проня, Арсен, Алик этэрээттэрин иһинэн футбольнай сборнай хамаандаҕа дьарыктаммыттара. Онтон артболга мин бэйэм, Алик, Павлик, Арсен сылдьыбыппыт».
Онтон Айгуна Хардарысова: «Автобуһунан экскурсияҕа сылдьыбыппыт. Симферополь куоратынан, Воронцовскай, Левадийскай дыбарыастарынан күүлэйдээбиппит. Хара муоранан борохуотунан устубуппут. «Запуск воздушных змей» тэрээһиҥҥэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Арсен Герасимов эмиэ Арассыыйа аатыттан былааҕы ыытар чиэскэ тиксибититтэн наһаа үөрбүппүт. Манна биһиги 4 үҥкүүнү үҥкүүлээбиппит.
Биир улахан тэрээһиммит «Ярмарка национальных культур» буолбута. Онно 1000 кэриҥэ оҕо кыттыбыта. Хас биирдии дойду балааккалаах этибит. Биһиги Ямало-ненецкэй өрөспүүбүлүкэ оҕолорун кытары бииргэ буолбуппут. Сахабыт сирин, Арассыыйабыт култууратын, итэҕэлин туһунан көрдөрбүппүт, саламаны хайдах ыйыырга үөрэппиппит, «Чороон» үҥкүүбүтүнэн эҕэрдэлээбиппит уонна «Северный танец у моря» үҥкүүнэн түмүктээбиппит».
Сэмэй, нарын кыыспыт Алина Иппатьева лааҕыр туһунан өссө ситэрэн биэрэр: » «Хоровод Дружбы» улахан тэрээһиҥҥэ «Чороон» үҥкүүнү дохсун ытыс тыаһынан толорбуппут. Манна салайааччыбыт керамикаттан сахалыы таҥастаах куукула оҥорбутун 11 кылаас үөрэнээччитэ Саша Долгунова көрдөрөр чиэскэ тиксибитэ биһиэхэ улахан үөрүү этэ уонна өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүтэ. Онтон 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Айаал Степанов, Изамира Евсеева Япония туруйатын оҥорон дьон-сэргэ болҕомтотун тарпыттара. Хас киэһэ аайы утуйуох иннинэ, күннээҕи түмүгү истэбит уонна этэрээтинэн бары куустуһан туран, сарсыҥҥы күммүтүгэр үтүөнү баҕарабыт. Лааҕыр биһиэхэ элбэх үөрүүнү, билиини, кэрэни, Сахабыт сирэ Арассыыйа састаабыгар баарынан, баай ис хоһоонноох историятынан доҕордуу буоларбытын өссө төгүл бигэргэттэ. Биһиги онон киэн туттабыт».
Ааптар: Таисия ИВАНОВА.