Суоттутааҕы детдом төрүттэммитэ 75 сылыгар анаан Мэҥэ тааһы арыйдылар
Суотту нэһилиэгин Хоноҕор бөһүөлэгэр Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө “Оҕо саас ахтылҕана — Суотту детдома” төрүттэммитэ 75 сылыгар аналлаах детдом урукку турбут сиригэр – уотугар өйдөбүнньүк Мэҥэ таас арылынна. Бу үйэлээх махтал бэлиэтэ 1950-с сыллардааҕы иитиллээччилэр көҕүлээһиннэринэн турда.
Сэрии кэмигэр Суоттуга детдом арыллыытын аан бастаан туруорсубут киһинэн уус алданнар биир дойдулаахтара, саха биллиилээх бэйиэтэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччыта, оччолорго Кыһыл Кырдал оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбит С.С. Васильев-Борогонскай буолар. Детдом дириэктэрдэринэн араас сылларга Бурцев Николай Петрович (1943-1946), Румянцев Г.Р. (1946-1949), Кычкин И.С. (1949-1953), Бубякин Н.П. (1953-1959), П.Я. Постников (1959-1960) үлэлээбиттэрэ. Сэрии муҥутаан буола турар кэмигэр 1943 с. детдом оҕотун ахсаана 55 этэ. Оҕолор биир ороҥҥо иккилии-үстүү буолан утуйаллара, ас-таҥас кырыымчыгыттан, ыарыы-дьаҥ түмүгэр оҕо ахсаана аҕыйыыра баар суол этэ. Кэлин сэрии бүтэн, олох тупсан тулаайах оҕо ахсаана лаппа аччаабыта. Онон детдомнары холбооттооһун үлэтэ барбыта. Ол түмүгэр 1953-1954 сс. Суотту детдомугар өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуонуттан Амматтан,Тааттаттан, Намтан, Горнайтан, Мэҥэ- Хаҥаластан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан сабыллыбыт детдомнар иитиллээччилэрэ кэлитэлээбиттэрэ. 1955 с. Бубякин Н.П. Кыһыл Кырдалга оскуолаттан чугас туспа остолобуойдаах саҥа детдом дьиэтин туттарбыта. Суотту детдомугар иитиллэн улааппыт, киһи – хара буолбут дьон элбэх. Кэлин 1960 с. бу детдом иитиллээччилэрэ Курбуһах интернат-оскуолатыгар көһөрүллүбүттэрэ.
1943 -1960 сс. тэриллэн үлэлээбит Суоттутааҕы тулаайах оҕолору көрөр-харайар, иитэр-үөрэтэр дьиэ үгүс оҕо сырдык тыынын быыһаабыта, кинилэргэ үөрэнэргэ – үлэлииргэ киэҥ суолу арыйбыта.
“Оҕо саас ахтылҕана – Суотту детдома” диэн Суоттуга детдом төрүттэммитэ 75 сылыгар анаан Кыһыл-Кырдал ытык сирин дьоллоох туонатыгар ааспыт кэми кэрэһэлиир, үйэтитэр аналлаах бэлиэ туруоруутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Детдом дьиэтэ урукку турбут сиригэр манна 1950-с сс. детдомҥа олорбут оҕолор көҕүлээһиннэринэн өйдөбүнньүк Мэҥэ таас турда. Бу Мэҥэ таас ийэ-аҕа тапталын билбэтэх, тулаайах иитиллии кыһалҕатын эттэринэн-хааннарынан билбит оҕолор оччотооҕу Суотту дьонугар, аһыныгас, амарах, үтүө сыһыаннарыгар, сүрэхтэрин сылааһыгар угуттаан улаатыннарбыт детдом үлэһиттэригэр ис сүрэхтэн этиллэр махталларын үйэлээх бэлиэтэ буолар.
Бу историяны кэрэһэлиир бэлиэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Ем. Ярославскай аатынан түмэл үлэһитэ Илларионова Юлия Владимировна салалталаах детдом иитиллээччилэрэ, Суотту нэһилиэгин олохтоохторо, оскуола үлэһиттэрэ, нэһилиэк, улуус салалталара.
Хомойуох иһин оҕо саастара ааспыт, киһи гыммыт биһиктэрэ – детдомнарын дьиэтиттэн-уотуттан сыл-хонук суурайан туох да хаалбатах. Үүнэр көлүөнэ нэһилиэгин уруккутун билиэх тустаах диэн санааттан өйдөбүнньүк суруктаах Мэҥэ таас турара буоллар диэн санаа аан бастаан детдом иитиллээччитин Данилова Татьяна Исаковна кыыһыгар Илларионова Юлия Владимировнаҕа киирбит. Кини санаатын өйөөн, олоххо киллэрэргэ сорук туруорунан детдом иитиллээччилэриттэн саамай эдэрдэрэ 72 саастаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын туйгуна, спорт, үлэ бэтэрээнэ, остуол тенниһигэр СӨ спорт маастарыгар кандидат, «2000 үтүө дьыала» мецената Старостин Яков Миронович үлэлэстэ. Кини бииргэ үөрэммит, улааппыт доҕоро, Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Пермяков Дмитрий Николаевич айылҕа анаан чочуйбутун курдук сүүнэ тааһы булан Яков Мироновичка биллэрбитигэр. Яков Миронович өр өтөр буолбакка Суотту дьаһалтатыгар тахсан, кэпсэтии ыытан сотору кэминэн бу дьыл бэс ыйын 30-р Андросов Василий Николаевич, Заровняев Иннокентий Трофимович, Киренскай Василий Иннокентьевич көмөлөрүнэн тааһы тиэйэн аҕалан туруортарбыта. Амма дьоно Назаров Дмитрий Петрович, Барабанов Ариан Мироновичтыын Мэҥэ таас күрүөтүн эрдэттэн бэлэмнээн, тиэйэн аҕалан туруордулар.
Мэҥэ таас арыллыытыгар тыл эттилэр Уус — Алдан улууһун муниципальнай тэриллии солбуйар баһылыга Борисов М.В., Суотту нэһилиэгин дьаһалтатын солбуйар баһылыга Ксенофонтов С. И., улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Калининскай И.С. уонна детдом иитиллээччилэрин аатыттан Старостин Я.М.
Детдом иитиллээччилэрэ, Кыһыл Кырдал оскуолатыгар бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ Мэҥэ тааска тыыннаах сибэккилэри уурдулар, сахалыы салама баайан баҕа санааларын ситиигэ тистилэр, үйэлээх мастары олортулар.
Суотту бибилэтиэкэтэ түмпүт матырыйаалларынан Мэҥэ таас ис хоһоонун арыйар баннер оҥоһулунна.
Мэҥэ Таас арыллыытын чааһын долгутуулаахтык Хоноҕордооҕу “Түһүлгэ” СК уус-уран салайааччыта Бубякина В.С. ыытта.
С.С. Васильев-Борогонскай аатынан Хоноҕор сүрүн оскуолатыгар “Оҕо саас ахтылҕана – Суотту детдома” тэрээһин үөрүүлээх чааһа буолла. Оскуола үөрэнээччилэрэ сэрии тулаайахтарыгар анаан литературнай мантааһы ис сүрэхтэриттэн долгуйан туран аахтылар (сал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна Соловьева М.В.).
Итии — истиҥ эҕэрдэлэри эттилэр уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар олохтоох дьаһалта аатыттан Ксенофонтов С.И., улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Калининскай И.С., оскуола дириэктэрэ Шамаева Т.Д. уонна детдом иитиллээччилэрин ааттарыттан Илларионова Ю.В.
Истиҥ иһирэх ахтыылары оҥордулар: детдом бастакы дириэктэрин — Бурцев Николай Петрович уола, наука доктора, СӨ уустарын ассоциациятын салайааччыта Бурцев Н.Н. уонна детдом иитиллээччилэриттэн Старостин Яков Миронович.
Эмиэ итинник иһирэх тылынан ахтан аастылар Суотту нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Суотту нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо С.Д. Черкашина, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Заровняева М.В.,
Дьокуускайдааҕы сэрии кэмин оҕолорун түмсүүтүн аатыттан З.Д.Винокурова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, ”Учууталлар учууталлара”, улуус, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, детдом иитиллээччилэригэр 2005 с. уонна 2010 с. истиҥ көрсүһүүлэри иилээн-саҕалаан ыыппыт С.В. Захарова, детдомҥа иитиллибит кэлин онно иитээччинэн үлэлээбит П.Е. Заровняев кыыһа Л.П.Заровняева, детдомҥа учууталынан үлэлээбит Ф.К. Решетникова уола С.К.Николаев ис сүрэхтэн тахсар этиилэрэ, ахтыылара элбэх киһи болҕомтотун тартылар.
«Тэрээһин үөрүүлээх чааһын иилээн-саҕалаан ыыттылар Хоноҕор сельскэй бибилэтиэкэтин үлэһитэ Осипова И.А., “Мичээр” СК үлэһитэ Портнягин А.А.
Мустубут дьон умнуллубат үтүө көрсүһүүнү тэрийбит нэһилиэк салалтатыгар, «Доҕордоһуу» музей кэлэктиибигэр, тэрийээччилэргэ улахан махталларын эттилэр«, — диэн кэпсээтилэр Черкашина Р.Н., Бубякина В.С.
«Мүрү саһарҕата» хаһыат