Сунтаардар «Кросс наций» кыттыстылар, күһүҥҥү дьаарбаҥканы тэниттилэр
Бүгүн, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, Сунтаар нэһилиэгин сорох оскуолаларыгар күһүҥҥү дьаарбаҥка тэрилиннэ. Күн иккис аҥаарыгар сунтаардар күргүөмүнэн сүүрүүгэ туруннулар.
Күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа Сунтаар оскуолаларын үөрэнээччилэрэ атыы эгэлгэтин аныгы олох сиэринэн араастаан рекламалаан «батардылар». Атыыга кус, балык арааһа, тыыннаах хоруолуктар, черепаха, оҕуруот аһын эгэлгэтэ, бурдук ас о.д.а баар. Кураан сайын буолан быйыл дьэдьэнтэн ураты сир аһа үүммэтэҕин тэҥэ. Ол да иһин атыыга турбут аҕыйах барыанньа хамаҕатык атыыланна.
Күн иккис аҥаарыгар үгэскэ кубулуйбут «Кросс наций» тэрээһиҥҥэ нэһилиэк аҕа саастаахтара, оскуола оҕолоро, тэрилтэлэр көхтөөхтүк сүүрдүлэр. Бастыҥ көрдөрүүлээх сүүрүктэр мэтээл, грамота тутан үөрүүлэрэ үксээтэ.
Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА.