Таркаайы нэһилиэгин баһылыга Владислав Васильев дуоһунаһыгар киирдэ

Таркаайы нэһилиэгин баһылыга Владислав Васильев дуоһунаһыгар киирдэ

Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Таркаайы нэһилиэгин саҥа баһылыга Владислав Васильев официальнайдык дуоһунаһыгар киириитин сиэрэ-туома ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ньурба улууһун салайааччылара, ыаллыы сытар нэһилиэктэр баһылыктара, улуус Сүбэтин дьокутааттара, нэһилиэк олохтоохторо уонна уопсастыбаннаһа кытыннылар.


Нэһилиэк быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Наталья Слепцова Владислав Анатольевич Васильев балаҕан ыйын 8 күнүгэр куоластааһыҥҥа кыттыбыт быыбардааччылар 75,9% куолаһын ылан Таркаайы нэһилиэгин баһылыгынан талыллыбытын бигэргэтэр туһунан быыбар хамыыһыйатын быһаарыытын ааҕан иһитиннэрдэ, саҥа баһылыкка дастабырыанньатын туттарда.

«Талба» норуот айымньытын дьиэтин киэҥ-куоҥ саалатын толору мустубут дьон бары сүһүөхтэригэр туран, улуус биир улахан нэһилиэгин саҥа баһылыгын көхтөөх ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрүстэ. Владислав Васильев төһө даҕаны 25 саастаах эрэ буоллар, кылгас кэм иһигэр нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээн бэйэтин кэскиллээх салайааччы быһыытынан номнуо көрдөрбүт, бу саас «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа барыллаан куоластааһынын кыайыылааҕа буолар.

Владислав Васильев: «Таркаайы нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин үтүө суобастаахтык толоруом, РФ уонна СӨ Төрүт сокуоннарын, баар сокуоннары, «Таркаайы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии Устаабын эҥкилэ суох тутуһуом, хас биирдии киһи быраабын ытыктыам, кинилэр тустарын көмүскүөм, нэһилиэгим салгыы сайдарын туһугар туох-баар билиибин, сатабылбын, дьоҕурбун аныам диэн, бэйэм үтүө ааппынан уона дьоһуммунан андаҕайабын«, — диэн халбаҥнаабат андаҕарын биэрдэ.

Арасссыыйа, СӨ уонна Ньурба улууһун гимнэрэ өрөгөйдөөхтүк дуорайаллар. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Анна Антонова СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Антонина Григорьева уонна Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев Владислав Васильевы нэһилиэк баһылыгынан талыллыбытынан истиҥ тыллардаах эҕэрдэ тэлигирээмэлэрин ыыппыттарын ааҕан иһитиннэрдэ.

Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев улуус салалтатын, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа олохтоох салаатын Политсоветын аатыттан саҥа нэһилиэк баһылыгын үтүө алгыс тылларынан эҕэрдэлээтэ, итиэннэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччыта Евгений Федоров иһирэх эҕэрдэтин тиэртэ.

Салгыы улуус баһылыгын үпкэ, экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырайыактары салайыыга солбуйааччыта Николай Бурнашев, улуустааҕы Ытык Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Михаил Иванов, Акана, Үөдэй, Түмүк нэһилиэктэрин баһылыктара Ефрем Семенов, Мария Николаева уонна Иннокентий Саморцев, улуус дьаһалтатын персоналы салайар сулууспатын салайааччыта Ольга Алексеева, улуус Сүбэтин дьокутаата, үөрэх управлениетын начаалынньыга Алевтина Аргунова, улуус дьаһалтатын нэһилиэктэри кытта үлэҕэ кылаабынай исписэлииһэ Лариса Николаева, улуус Сүбэтин дьокутаата, «Арыылаах» ХЭТ дириэктэрэ Алексей Тихонов, Таркаайы нэһилиэгин маҥнайгы баһылыга Макар Федоров эҕэрдэлээтилэр, үтүөнү баҕарыыларын анаатылар. Киров оскуолатын дириэктэрэ Георгий Добрецов үөрэнээччитигэр эҕэрдэтин уонна алгыһын Өксөкүлээх Өлөксөй «Ортоку олох алгыһа» айымньытынан ылбаҕайдык ыпсарда, Моргусовтар уонна Добрецовтар дьиэ кэргэттэрин аатыттан өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда.

Тэрээһин Владислав Васильев харда махтал тылынан уонна бэртээхэй эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.

Ааптар: Геннадий Антонов.