Ньурба улууһун икки оскуолатыгар «Точка роста» Кииннэр аһылыннылар

Ньурба улууһун икки оскуолатыгар «Точка роста» Кииннэр аһылыннылар

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Маалыкай уонна Марха орто оскуолаларыгар «Точка роста» цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах Кииннэр үөрүүлээхтик аһылыннылар. «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак «Аныгы оскуола» федеральнай бырайыак чэрчитинэн тэрилиннилэр. Бу Кииннэр биир сүрүн соруктарынан «Технология», «Информатика», «ОБЖ» предметтэринэн үөрэтии ис хоһоонун саҥардыы уонна үөрэх ньымаларын тупсарыы буолар. 


Михаил Мегежекскэй аатынан Маалыкай орто оскуолатыгар «Точка роста» федеральнай үөрэх киинэ аһыллыытыгар улуус салайааччылара уонна ыаллыы Малдьаҕар уонна Мэҥэдьэк нэһилиэктэриттэн кэлэн, олохтоохтор үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Улуус баһылыгын үпкэ, экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырайыактары салайыыга солбуйааччыта Николай Бурнашев, улуустааҕы үөрэх управлениетын уопсай үөрэхтээһиҥҥэ отделын салайааччыта Марфа Кузьмина, Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Леонид Ушканов, Маалыкай орто оскуолатын дириэктэрэ Федор Ушканов итии-истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр. Кинилэр ыаллыы атын нэһилиэктэри эмиэ хабан, үөрэнээччилэр уонна олохтоохтор ис кыахтарын сайыннарарга уонна олох бары ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн үөрэх хаачыстыбатын сайыннарыыга улахан көмөлөөх Киин аһыллыбытын бэлиэтээтилэр.

Аалай лиэнтэ быһа кырыллыбытын кэннэ, ыалдьыттар «Точка роста» кэбиниэттэринэн сылдьан көрдүлэр-иһиттилэр. Информатика учуутала Роман Сивцев гуманитарнай-цифровой компетенциялар кэбиниэттэрэ хайдах үлэлиэҕин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. «Бырайыактыыр үлэ» кэбиниэтигэр Киин үлэтин чэрчитинэн учууталлар үлэлэлэрин уонна оҕолор бырайыактарын иһитиннэрэн-көрдөрөн презентациялаатылар.

«Үөрэхтээһин» федеральнай бырайыак «Точка роста» диэн хайысхата тыа сирин оскуолаларын инфраструктураларын, үөрэх ис хоһоонун уонна учуутал методикатын, үөрэтэр ньымаларын сайыннарарга туһумаламмыт саҥа бырыайыак буолар, — диир Маалыкай оскуолатын дириэктэрэ Федор Ушканов. — Быйыл Ньурба улууһугар бастакынан Марха уонна Маалыкай оскуолалара киирдибит.


Биһиги оскуолабытыгар 2 кэбиниэт: бырайыактыыр үлэ, итиэннэ гуманитарнай уонна цифровой комперенциялар кэбиниэттэрэ бүтүннүү саҥа оборудованиенан хааччыллар. Улуустан ирээттэһэн үбүлээһининэн 800-тэн тахса тыһ. солк. көрүлүннэ, кэбиниэттэри бүтүннүү саҥардан өрөмүөннээтибит уонна миэбэлин атыыластыбыт. Федаральнай бүддьүөттэн 1 мөл. солк. суумаҕа оборудование ылылынна. Билигин баарын эттэхпинэ — «ОБЖ» киэнэ бүтүннүү уонна технология киэнэ барыта кэриэтэ уонна информатика киэниттэн аҕыйах кэллэ. 10 ноутбук уонна күүстээх саҥа көмпүүтэрдэр Дьокуускайга кэллэ диэн биллэрдилэр эрэ, баран аҕалыахтаахпын. ОБЖ манекеннара киһи эчэйиитин хайдах эмтииргэ, бэйэни хайдах көмүскэнэргэ көрдөрөн үөрэтэр аналлаахтар. Технология олус эриэккэс уларыйыылардаах. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүҥҥэ диэри оскуола үксүн оҕо илиитинэн уһанарга үөрэтэ олорор. Ол эрээри «Точка роста» бырайыакка киирбиппитинэн көрдөххө, үксэ роботизированнай уонна автоматизированнай технологияларга көһүү эбит. Инньэ гынан хайысхата уонна оборудованиета атын. Билигин илиинэн туттар малларбытыттан арай электролобзик, электродрель эҥин эрэ курдуктар кэлэллэр. Бырайыактыыр үлэ кэбиниэтигэр инникитин 3D принтеры, автоматизированнай үлэ көрүҥүн туһанар буолуохпут. Оскуолаҕа аналлаах буолан, кыамтата кыра, улахан производственнай сыалга кыайан оҥоһуллубат. Ол эрээри 3D принтер кыаҕын туһанан сувенирнай бородууксуйа араас көрүҥнэрин оҥорон таһаарыахтарын сөп. Үчүгэйэ диэн — сувенирнайга туох баар ыарахан шестеренкаларын, массыына мотуорун сөптөөх бырагырааманы суруйан биэрдэххэ, ону 3D принтер оҥорон таһаарар.

Маалыкай орто оскуолатын иһэ бүтүннүү уларыйбыт, кирилиэс икки ардынааҕы эркиннэрэ тупсаҕайдык уруһуйданан киэркэйбит-тупсубут. Дизайнер Юлия Иванованы кытта дуогабардаһан балтараа ый устата үлэлэппиттэр.

Маннык цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах үөрэх Киинэ Марха орто оскуолатыгар аһыллар тэрээһинигэр улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Алевтина Аргунова, улуус дьаһалтатын персоналы салайар сулууспатын салайааччыта Ольга Алексеева уо.д.а. кытыннылар.


Бу Кииннэр үөрэнээччилэр билии ылар кыахтарын кэҥэтэн, оҕолор технологическай уонна гуманитарнай үөрүйэхтэрин аныгы ньымалар көмөлөрүнэн сайыннаран, оскуола оҕону үөрэтиигэ саҥа үрдүк таһымҥа тахсар кыаҕын күүскэ көҕүлүөхтэрэ.

Ааптар: Геннадий Антонов.

Добавить комментарий