Сырдыгы тардар уонна тарҕатар Хонуу олохтооҕо
Алтынньы 1 күнүгэр Сааһырбыттар күннэрэ бэлиэтэнэр. Киһиэхэ кырдьыы араастаан кэлэр. Ким эрэ үйэтин тухары ыарахан үлэҕэ үлэлээн, ыарыы-дьарҕа буулаан, наар эмтэнэр кыһалҕаҕа сылдьар. Сорох “кырдьар – кырыыс” диир. Оттон сорохтор кырдьыыны мэлдьэһэллэр, киһи эрэ хараҕа үөрэ көрүөх, сэргэхтик тутта-хапта сылдьар саастаах дьон эмиэ бааллар. Биир оннук куруутун үөрэ-көтө, сырдыгынан тырымныы сылдьар Хонуу олохтооҕо Евдокия Дмитриевна Сен-Дун-Шен буолар.
Муома оройуонугар Евдокия Дмитриевна Сен-Дун-Шены билбэт киһи суоҕа буолуо. Дьахтар сааһын ыйыллыбат диэн сиэринэн сиэттэрэн, кинини сэттэ уонун лаппа ааспыт эрэ диэн кэбиһиэҕиҥ. Евдокия Дмитриевна олоҕун, үлэтин туһунан бүтүн кинигэ да суруйуохха сөп. Ол эрэн бүгүн биһиги кини кырдьыыны киэр кыйдаан, хайдах бачча сааһыгар маннык сэргэхтик сэгэйэ сылдьарын туһунан кэпсэттибит.
– Мин сэттэ уоммар диэри үлэлээбитим. Билигин бу бочуоттаах сынньалаҥ диэҥҥэ олордорбун да, олох туохтан да матыахпын баҕарбаппын. Күн аайы сонуну арыйабын, саҥаны билэбин, туох эрэ кэрэни булан көрөбүн, наар үчүгэйи кэтэһэбин. Сарсыарда ойон тураат да, сэрээккэлиибин. Ыллыы-ыллыы дьиэбин-уоппун өрө тардабын. Биэс сылтан бэттэх скандинавскай хаамыынан үлүһүйэн, онтон ыраах хаама барабын. Күнүс үлэлээх киһи курдук “Арчыга” сылдьабын. Сөбүлүүр дьарыгым иис буолар. Онон иистэнэбин, таҥас кырадаһыннарын аттарыыттан саҕалаан түүлээххэ тиийэ тигэбин. Быысабайдыыбын. Бу кэнники үөдүйбүт “алмазнай мозаиканы” биһирээн, араас хартыыналары таҥан таһаарабын. Ити курдук күн солото суох үлэлиир киһитээҕэр түбүгүм элбэх курдук.
– Оччоҕо куруук хамсана-имсэнэ сылдьар буолан сэргэх, чэбдик сырыттаҕыҥ дии…
– Оннук. Туохтааҕар да айылҕаҕа сынньанарбын ордоробун. Ю хайаҕа, үрэххэ, пааркаҕа сылдьабын. Мастары имэрийэн көрөбүн, хатыҥы кууһан туран кэпсэтэбин. Дьыл кэмиттэн ордук сааһы сөбүлүүбүн. От-мас чэлгийэ тылларын көрөр наһаа үчүгэй! Эрдэтээҥи күһүнү сөбүлүүбүн, күһүҥҥү өҥ-дьүһүн уларыйыытын, хатыҥ сэбирдэхтэрэ тэлээрэ түһэллэрин көрөн төрүт хал буолбаппын. Тыаҕа сылдьан чэбдигирэбин, энергия ылбыт курдук буолабын.
… Евдокия Дмитриевнаны таһыттан көрдөххө, төһө да куруутун күлэ-үөрэ, мичилийэ сырыттар, кинини олох охсуулара, аһыы-аба тумнан ааспатахтара. Кини дьарамай санныгар тулаайах хаалбыт оҕолору атахтарыгар туруоруу, улаатыннарыы сүктэриллибитэ. Ону барытын эрдээхтик туораан, оҕолоро, сиэннэрэ билигин бэйэлэрэ улахан ыал ийэлэрэ-аҕалара буоллулар, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлии сылдьар дьон олоххо миэстэлэрин бигэтик буллулар. Оччотооҕу кэми Евдокия Дмитриевна курустук ахтан ылар: “Киһи буолан баран санааргыыр кэмнэрдээх буоллаҕым дии. Ону кимиэхэ да көрдөрбөккө буола сатыыбын. Ону-маны гынаммын аралдьыйабын, кыһалҕабын умна сатыыбын”. Олоҕу, дьону таптыыр айылгылаах, аһарымтыа майгылаах Евдокия Дмитриевна 1974 сыллаахха кулуупка үлэлии киириэҕиттэн кини олоҕун саамай кэрэ кэмнэрэ саҕаланаллар, көрөөччүлэргэ кини сулуһа чаҕылыйар. Т.К. Апросимова аатынан норуодунай театр тэриллиэҕиттэн биир саамай чаҕылхай артыыс буолар. Кини арыйбыт оруоллара көрөөччүлэр сүрэхтэригэр дириҥник иҥэн хааллахтара.
– Евдокия Дмитриевна, олоҕуҥ усталаах туоратыгар үчүгэйи да, куһаҕаны көрсөн кэллэҕиҥ. Онтон саамай өйгөр хатанан хаалбыт олоҕуҥ чаҕылхай түгэннэриттэн биирдэстэрин тугу бэлиэтиэҥ этэй?
– 2017 сыл сааһыгар 75 сааспын туолар үбүлүөйбүн көрсө режиссер О.Н. Андреева туруоруутунан “Мастар охтубакка кэхтэллэр” испэктээкили Саха театрыгар көрдөрбүппүт. Долгуйуу бөҕө, улахан таһымнаах испэктээкиллэргэ үөрэммит көрөөччүлэр биһигини хайдах көрсүөхтэрэй, оонньуубутун ылыныахтарай диэн. Испэктээк бүттэ. Биһигини сыанаҕа ыҥырдылар. Арай көрдөхпүнэ, тобус-толору залга көрөөччүлэр атахтарыгар туран “Браво! Бис!” бөҕөлөрө. Уой, долгуйдум да этэ. Дьокуускайга Саха театрыгар көрөөччү биһирэбилин ылан, өссө да өрө тэптэн, айыах-тутуох баҕа баар. Билигин да ыҥырдаллар барыам этэ. Комедияҕа оонньуохпун баҕарабын. Дьон кулуупка сынньана кэлэр. Кинилэр кэнсиэр, испэктээкил кэннэ кулууптан дуоһуйан тахсалларын көрөр наһаа үчүгэй!
Эдэрдэри кытта эҥэрдэһэ сылдьар киһи интэриэһэ да киэҥ. Ордук сөбүлээн көрөр жанра боевик эбит.
— Джеки Чаны олус таптыыбын! Манна соҕотоҕун олорон, тэҥҥэ ойон тура-тура салгыны охсуолуубун, “Чэ-чэ-чэ, дабаай!” бөҕө буолан ыһыытыыбын-хаһыытыыбын. “Морские дьяволы” сериалы сөбүлээн көрөбүн.
Аны “ынырык” киэргэмсэхпин. Саҥа таҥас кэттэхпинэ сырдыы түһэбин. Дьон миигин “Гурченко” диэн ааттыылларын истэбин. Ээ, мин өһүргэммэппин. Хайҕаан ааттыыллара буолуо. Хата, “Гурченко” буоларбынан киэн туттабын.
Кэрэни кэрэхсиир киһи олорор дьиэтин подъеһыгар бүтүннүү сибэкки олордубутун сөҕө көрдүм. Маны этэн эрдэхтэрэ “Тула өттүм сибэкки!” диэн. Сибэккилэрин бэйэтэ бүөбэйдиир-бэрийэр, өссө ситэрэн, хартыына арааһын кэчигирэтэ ыйаабыт. Атын дьиэ олохтоохторугар бэрт холобур буолуо эбит. Хайа киһи маннык кэрэни көрө сылдьан санаарҕыы-санньыйа сылдьыай.
– Евдокия Дмитриевна, эн туох баҕа санаалааххыный?
– Уой, баҕарарым наһаа элбэх. Дьахтар киһи быһыытынан куруутун саҥа таҥас кэтиэхпин баҕарабын. Бу бөһүөлэккэ “самая модная” мин буолуохпун баҕарабын.
Үҥкүүлүөхпүн баҕарабын. Ити куоракка араас үҥкүүгэ үөрэтэр кулууптар бааллар дии, онно наһаа ымсыырабын. Уопсайынан даҕаны, киэҥ сиргэ куоракка олоруохпун баҕарабын. Пааркаҕа үҥкүүгэ сылдьыахпын, театр премьераларын көрүөхпүн. Уонна саамай улахан баҕа санаам – Саҥа дьылы Москваҕа Кыһыл болуоссакка аһаҕас халлаан анныгар салют ньиргийэр тыаһыгар көрсүөхпүн баҕарабын. Хаһан эмит баҕа санаам туолар ини…
Кэпсэтиибит былаһын тухары Евдокия Дмитриевна харахтара биир кэм чаҕылыһаллар, көрдөөхтүк саһыгыраччы күлэн ылар. Сотору-сотору “Наһаа үчүгэй!” диэн тылы туттарын бэлиэтии көрдүм.
Биһиги ортобутугар маннык дьон баара олус үчүгэй. Кинилэр олох эргийэр киинигэр сылдьаллар. Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн, позитивнай көрүүлээх дьон бэйэлэринэн сырдыгы тарҕаталлар уонна атын дьону сырдыкка тардаллар. Бу курдук өрүү сырдыгы, кэрэни тарҕата сырыт, күндү Евдокия Дмитриевна!
Ааптар: Валентина СТАРОСТИНА.