Ханты-Мансийскайга, алтынньы 7-10 күннэригэр, норуоттар сомоҕолоһууларыгар анаммыт бүтүн Арассыыйатааҕы форум буола турар. Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин дэлэгээссийэтэ кытта сылдьар. Сиһилии СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ пресс-сулууспатыттан маннык иһитиннэрдилэр.
—Форум сүрүн соруга – 2025 сылга диэри Арассыыйа судаарыстыбаннай национальнай политикатын стратегиятын олоххо киллэриини үрдэтии уонна экстремизм көстүүлэрин утары охсуһууну күүһүрдүү. Форуму Ханты-Мансийскай автономнай уокурук бырабыыталыстыбата – Югра Арассыыйа норуоттарын ассамблеятын кытары тэрийдилэр.
Тэрээһиҥҥэ РФ 42 эрэгийиэниттэн уонна тас дойдуттан былаас, коммерческайа суох тэрилтэлэр, култуура, спорт, үөрэх, ыччат бэлиитикэтин бэрэстэбиитэллэрэ уонна иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэртэн барыта 900-тэн тахса киһи кыттара бэлиэтэнэр.
Саха сириттэн СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири бастакы солбуйааччы Владимир Васильев, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин үөрэтэр-методологическай киинин сүрүн исписэлииһэ Николай Никитин, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар улуустарыттан баһылыгы социальнай боппуруоска солбуйааччылар Николай Цыпандин уонна Гаврил Еремеев кыттыыны ылаллар. Түһүлгэҕэ мустубут ыалдьыттар уопсастыбаннай түмсүүлэр, научнай-экспертнэй холбоһуктар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах кэмпириэнсийэҕэ, «төгүрүк остуолларга», семинар-практикумнарга кытталлар, санааларын үллэстэллэр.
«Сахабыт сирин национальнай-култуурунай түмсүүлэрин уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарбыт үлэлэрин өйөөһүн, харыстааһын, сайыннарыы биһиги үлэбит биир сүрүн хайысхатынан буолар. Билигин Саха сиригэр уопсайа 70-тан тахса национальнай-култуурунай уопсастыбаннай түмсүүлэр бааллар. Олор улахан аҥаардара «СӨ норуоттарын ассамблеятыгар» киирэллэр», — диэн СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири бастакы солбуйааччы Владимир Васильев эттэ. Манна даҕаттахха, Саха сирин норуоттарын ассамблеята тэриллибитэ быйыл 25 сыла.
Владимир Васильев форум ситиһиилээхтик ааһарыгар, болҕомтону тардарыгар уонна онно ылыныллыбыт быһаарыылар судаарыстыбаннай национальнай политиканы олоххо киллэриигэ тоҕоостоох, улахан тирэх буолалларыгар эрэнэрин биллэрдэ диэтилэр пресс-сулууспаттан.