Ахсынньы 4 күнүгэр бары оскуоланы бүтэрээччилэр түмүктүүр өйтөн суруйууну (аахпыттан суруйууну) туттарыахтара. Бу эксээмэҥҥэ киирэр быраабы биэрэр. Доруобуйаларынан хааччахтаах үөрэнээччилэр аахпыттан суруйууну (изложение) туттарыахтарын сөп. Оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр өйтөн суруйууну (аахпыттан суруйууну) ыйыллыбыт ханнык баҕарар күҥҥэ суруйуохтарын сөп.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Түмүктүүр өйтөн суруйуу абитуриент тус ситиһиитинэн ааҕыллар, онон үрдүк үөрэххэ туттарсарыгар биир кэлим эксээмэн баалыгар өссө баал эбиллиэн сөп.
Манна кыттар туһугар уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар хойутаабыта тэрээһин буолуо икки нэдиэлэ иннинэ сайабылыанньа суруйуохтаахтар. Оскуоланы бүтэрээччилэри үөрэнэр оскуолаларыгар бэлиэтииллэр. Онтон урукку сылларга бүтэрбиттэр олорор сирдэрин оскуолатыгар сайабалыанньа биэрэллэр.
Урукку сылларга курдук, түмүктүүр өйтөн суруйууга “зачет”/”незачет” диэн туруоруохтара. Эксээмэҥҥэ киирэргэ көҥүл быһыытынан — болдьоҕо суох.
Убаастанар төрүөтүнэн эбэтэр кыайан ааспатахтарына өссө икки төгүл, 2020 сыл олунньу 5 уонна ыам ыйын 6 күннэригэр, суруйарга кыах бэриллэр.
Тиэмэлэр хайысхалара манныктар:
- “Война и мир”
- Надежда и отчаяние
- Добро и зло
- Гордость и смирение
- Он и она
Өйтөн суруйууну (аахпыттан суруйууну) 3 чаас 55 мүн. (235 мүн) устата суруйаллар. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, инбэлиит оҕолорго уонна инбэлииттэргэ бириэмэтэ өссө 1,5 чаас уһаан биэрэр.
Өйтөн суруйуу (сочинение) 350 тыл буолуохтаах диэн сүбэлииллэр, саамай кыччаабыта 250 тыл көҥүллэнэр. Онтон аахпыттан суруйуу (изложение) 200 тыл, саамай аҕыйаабыта 150 тыл буолуохтаах.
Өйтөн суруйуу (аахпыттан суруйуу) туһунан сиһилии http://fipi.ru http://cmkosakha.ru/ http:// ege.edu.ru/ru/classes-11/sochinenie/ саайтка ааҕыаххытын сөп.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын пресс-сулууспата.