Маалыкай оскуолата кэрэ уруһуйдарынан саҥалыы тыыннанна

Маалыкай оскуолата кэрэ уруһуйдарынан саҥалыы тыыннанна

Маалыкай орто оскуолатыгар «Точка роста» цифровой уонна гуманитарнай хайысхалаах Киин соторутааҕыта үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Оскуола истиэнэлэрэ араас дьэрэкээн ойууларынан киэркэйэ түспүтэ сөхтөрөр. Худуоһунньук Юлия Иванова оскуола дьаһалтатын сакааһыгар ылсан, кыһа ис бараанын тупсарыыга балтараа ый сыралаһан үлэлээтэ. 


Хайдах бу курдук киэҥ иэҥҥэ кичэйэн-хачайан уруһуйдуохха сөбүн билээри талааннаах эдэр худуоһунньук Юлия Иванованы кытары билистим.

— Үтүө күнүнэн, бэйэҥ тускунан кыратык билиһиннэриэҥ дуо?

Үтүө күнүнэн, мин аатым Иванова Юлия, 1993 сыллаах төрүөхпүн. Аҕам Сунтаартан төрүттээх, оттон ийэм Ньурбаттан. Ийэм дойдутугар олорбуппут, улааппытым. Ньурбатааҕы техническэй лицейи бүтэрбитим, ону тэҥэ Искусство оскуолатыгар уруһуй кылааһыгар 3 сыл дьарыктаммытым. Оскуоланы бүтэрээт Департамент нөҥүө Новосибирскай куорат Сибиирдээҕи Судаарыстыбаннай Университет телекоммуникация уонна информатика салаатын ситиһиилээхтик бүтэрэн инженер идэтин баһылаабытым. Идэбинэн үлэ булбакка «Камелек» иhит уонна сувенир оҥорор хампаанньаҕа художник-деколиһынан 3 сыл үлэлээбитим.

Маалыкай оскуолатыгар уруhуйдуурга хаhааҥҥыттан туруммуккунуй? Ханнык ньыманан, тугу тутуhан, хайдах кыраасканан оҥоhуллубут ойуулар буолалларын сырдатыаҥ дуо?

Бастаан Маалыкайдааҕы орто оскуола дириэктэрэ Ф.Ф. Ушкановы кытары сибээскэ тахсыбыппыт, хайдах ойуулары уруhуйдатыан баҕарарын истээт, тутатына эскизтарбын интернет нөҥүө ыыппытым. Сөбүлэҥи ылан от ыйыгар Маалыкайга кэлэн оскуоланы көрбүтүм, уруһуйдуур сирдэрим кэриҥнэрин үөрэппитим. Ол кэннэ атырдьах ыйын 12 күнүттэн үлэбин саҕалаан барбытым. Аан маҥнай лиискэ эскизтарбын түһэрээт электроннай барыйааҥҥа уларытан көмпүүтэргэ угаттаабытым. Хас биирдии эскизпын Федор Федоровичка көрдөрөн, бигэргэтэн баран проекторынан истиэнэҕэ тыктаран уруhуйдаан барбытым. Кырааскам акриловай, үчүгэйэ диэн түргэнник хатар, сыта суох уонна оҕоҕо туох да буортута суох.

Эрдэ бу курдук уустук бырайыактарга ылса сылдьыбытыҥ дуо? Маннык үлэ төһө бириэмэни ылар эбитий?

Бу мин бастакыбын маннык улахан иэҥҥэ уруhуйдааhыным буолар. Балтараа ый иhигэр оҥорон бүтэрдим.

Уруhуйун эскизтарын хантан ылбыккыный? Хас биирдии ойууҥ ис хоhооннорун арыйыаҥ дуо?

— Үксэ өйбүттэн ылыллыбыт уруhуйдар буолаллар. Төhө кыалларынан Маалыкайы кытары сибээстээх гына оҥоро сатаабытым. Холобура, бастакы этээстэн иккискэ тахсыыга бастакынан тиэргэннээх ураһа көстөр — бу аата оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар «мин дьиэм, мин түөлбэм» — диэн санааны киллэрии буолар. Салгыы Мэҥэдьэк сылгыта үөһэ өрө дабайан иһэрэ көстөр, ол таhыгар Маҥан хайабыт, саламалаах сэргэ, «тот, байылыат олохтонуҥ»- диэн толору астаах олбох, ынах-сүөһү ойууламмыттар. Онтон иккистэн үһүскэ тахсыыга өрөспүүбүлүкэҕэ «кэҥээн» сүүнэ улахан Өлүөнэ очуостара, түннүк үрдүгэр Үрүҥ Аар Тойон, киниэхэ олоҥхоттон ылыллыбыт сэттэ кыталык кыргыттар дьиҥ көтөн иһэргэ дылылар. Саамай чыпчаал, үhүс этээскэ киириигэ Новгородов алпаабытынан суруллубут алгыhы ааҕыахха сөп. Мин санаабар, хас биирдии уруhуй төрөөбүт дойдуну таптыырга, харыстыырга, сырдыкка талаhарга угуйар ис хоhоонноох буолуохтаах. Иккис, кэннинээҕи кирилиэс истиэнэтэ олох атын, дириэктэри кытары сүбэлэhэн баран, бу өттүн арыый аныгылыы, оҕолор холкутук сананалларын курдук, араас өҥү-дьүһүнү туттан, art, граффити истииллэри тутуhан уруhуйдаабытым, омук тылынан Стив Джобс курдук өйдөөх дьон үөрэнэргэ «ыҥырар» «цитаталарын» түhэрбитим. Онтон үһүс кирилиэс кэлин хаартыска ыйыырга бэлэмнээн бүтүннүү кыhыл көмүс кыраасканан сотуллубута.

Оскуолабыт бу курдук тупсубутун көрөн бары олус диэн үөрдүбүт, сэҥээрдибит. Эн уруhуйдаргын көрөн биhиги кэнчээри ыччаппыт кэрэни кэрэхсиир, амарах, кыhамньылаах буолуохтара диэн эрэнэбин. Эйиэхэ өссө да элбэх интэриэhинэй бырайыактары олоххо киллэрэргэр, туруоруммут сыалларын сатанан иhэллэригэр баҕарабын, көрсүөххэ диэри.

Барҕа махтал буолуохтун! Бу мин бастакы үлэм буолан миигин үөрэ-көтө көрсүбүт Маалыкай сирин-уотун, үтүө дьонун, Маалыкай орто оскуолатын түмсүүлээх кэлэктиибин сүрэхпэр, өйбөр-санаабар өрүү илдьэ сылдьыам. «Үөрэнээччилэр оскуолаҕа иккис дьиэлэригэр курдук астына-астына кэлиэхтээхтэр» — диэн санаанан салайтаран уруhуйдаабытым, онон, оҕолор, үөрэххитигэр кытаатыҥ, ситиhиилээх дьон буола улаатыҥ.

Ааптар: Элиза Стручкова.

Добавить комментарий