Маалыкайдар көҕүлээһиннэрэ олоххо киирэр

Былырыын күһүн “Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр” өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар Ньурба Маалыкайыгар икки эбийиэги киллэрэргэ туруммуттара. Дьаһалта үлэһиттэрэ уонна нэһилиэк сайдарын туһугар кыhаллар дьон бииргэ ылсан үп министиэристибэтэ ыытар куонкурсугар кыттан бырайыактарын ситиhиилээхтик көмүскээбиттэрэ. Ол түмүгүнэн сэлиэнньэ киинигэр спортплощадка уонна Маалыкайга киирии-тахсыы суолларыгар туруохтаах стела иккиэн бырагыраамаҕа хапсыбыттара.


Күһүҥҥэ диэри бу эбийиэктэри үлэҕэ киллэрэр санаалаахпыт. Малдьаҕар өттүттэн киирэргэ туруохтаах стеланы сэлиэнньэҕэ чугаһатан биэриэхпит уонна фотозоналаан, олорон сынньанар сирин бэлэмнээн, уоттаан-күөстээн тупсаҕай көрүҥнүөхпүт. Нэһилиэк хайдах туруктааҕа кэлии дьоҥҥо итинник бэлиэлэртэн сонно көстөр”, – диэн Маалыкай баhылыга Леонид Владимирович Ушканов эппитэ олоххо киирдэ.

Ол курдук, ДЮСШ саалатын таhыгар турбут эргэ остолобуойу бэйэлэрин кыахтарынан көтүрбүттэрэ. Ол сиргэ Маалыкайдааҕы ДЮСШ дириэктэрэ Сергей Арсеньевич Можуков салайааччылаах бастакы бырайыакпыт — элбэх «функциялаах» спортплощадка үөрүүлээх аhыллыыта балаҕан ыйын 6 күнүгэр буолбута.

Оттон билигин киирии суолга олус кыраhыабый, сүдү үрдүк «Маалыкай» диэн Бордоҥ сиригэр-уотугар дьону-сэргэни уруйдуу көрсөр суруктаах стелабыт оҥоhуллан бүттэ. Сотору өрөгөйдөөх аhыллыыта буолуо.

Ааптар: Элиза Стручкова.

Добавить комментарий