Төбүлэх аҕам саастаах үбүлүөйдээхтэрин чиэстээтилэр

Төбүлэх аҕам саастаах үбүлүөйдээхтэрин чиэстээтилэр

Төбүлэх нэһилиэгэр аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Оскуола иһинэн «Саһарҕа» түмсүүгэ (салайааччы Никифорова С.С.) сылдьар үөрэнээччилэр сэрии сылларын оҕолоругар В.С. Корякинаҕа, Д.А., М.Г. Шкулевтарга уонна Е.Г. Хабароваҕа, ону тэҥэ герой-ийэ В.П. Соркомоваҕа биирдии биэдэрэ отону бэлэх биэрдилэр. Аҕам саастаахтарга оҕолор дьиэ, хотон тастарын хомуйдулар, мас хайытан дьаарыстаатылар.


Сааһырбыттарга остуол оонньуулара (хабылык, хаамыска, дуобат, лотуо) ыытылынна. Олохтоох сынньалаҥ дьиэтигэр быйылгы үбүлүөйдээхтэри чиэстээһин тэрилиннэ. М.М.Эверстова истиҥ-иһирэх тылынан бэтэрээннэри, ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ. Кини үбүлүөйдээхтэргэ бэлэх туттарда. Төбүлэхтээҕи пенсионнай түмсүү салайааччыта Стручкова Л.А., ырыанан Эрчим Эверстов, Сулустаан, Талбан Никулиннар, Дьулустаан Кудрин, «Сулусчаан» уһуйаан уолаттара луоскалаах үҥкүүнэн эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Салгыы «Биэс бэһиэлэй эбээлэр (М.Е. Соркомова, Л.В. Быковская, А.П. Хабарова, Т.И. Кириллина, Л.А. Стручкова)», «Биэс бэһиэлэй эһээлэр (С.Е. Кудрин, Н.П. Старков, А.И. Никулин, Н.И. Потапов, В.С. Хабаров)» диэн көрдөөх куонкурус саҕаланна. Күрэҕи М.М.Эверстова иилээн-саҕалаан ыытта. Куонкуруска «Улуустар нэһилиэктэрин таайыы», «Аптаах дьааһык», «Көрөөччү ыйытыыта», «Таабырын», «Музыка эйгэтэ», «Болҕомтолоох буол», «Сымнаҕас оонньуулар», «Бастакы буукубаларынан тыллары таһаарыы» түһүмэхтэр ыытылыннылар.  Күрэҕи анал эксперт, сынньалаҥ дьиэтин дириэктэрэ А.П.Никулина сыаналаата.

Бэрт эриэхэбэй, көрдөөх түһүмэхтэр кэннилэриттэн икки эрэ очукуонан инники түһэн «5 бэһиэлэй эбээлэр» кыайдылар. Кыттааччыларга өйдөбүнньүк бириистэр туттарылыннылар.

Нөҥүө күн итии чэйдээх, эгэлгэ астаах остуол тула олорон, Сэбиэскэй Сойуус эрдэҕинээҕи сылларыгар төннөн, октябренок, пионер, комсомол буолан ыллылар. Эдэр саас кэрэ кэмнэрин санаан, оонньоон-көрүлээн, күлэн-үөрэн биэрдилэр. Оттон А.П. Никулина, Н.П. Старков, М.П. Николаева ол саҕанааҕы ырыалар ааттарын, ким ыллыырын таайаннар, араас боппуруостарга эппиэттэһэннэр, ССРС эрдэҕинээҕи биирдии, үстүү, биэстии солкуобайдаах харчыларынан элбэх очукуо ыланнар, Баай Байанай биэрбит булдугар тигистилэр. Итини таһынан атын кыттааччылар эмиэ кыра бириистэри ыллылар.

Ити курдук илии тутуурдаммыт, үөрүү аргыстаммыт аҕам саастаахтар кэрэ сынньалаҥ киэһэлэри тэрийбит сынньалаҥ дьиэтин үлэһиттэригэр, дириэктэр Анастасия Никулинаҕа, культурнай тэрийээччи Марина Эверстоваҕа барҕа махталларын тиэрдэллэр.

«Индигир уоттара»