Өймөкөөн ыччата өбүгэлэрин утумун салҕыыр

Билигин Өймөкөөн нэһилиэгэр олохсуйан олорор Иван Винокуров сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыта төрдүс сыла буолла. Хаһаайыстыбатыгар уопсайа 20 төбө ынах сүөһү иитиллэн турар. Хоту сир тыйыс усулуобуйатыгар хороҕор муостааҕы тэнитии уустуктардаах. 


Иван Винокуров Томтор сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, ийэтэ Ирина Григорьевна олоҕун тухары дьоҥҥо ытыктанар балыыһа ыстаарсай сиэстэрэтэ этэ, оттон аҕата Дмитрий Дмитриевич Егоров авиапортка үлэлиирэ. Кинилэр дьиэ хаһаайыстыбаларыгар ынах сүөһү ииттэллэрэ, ол үтүө холобурун уоллара ылыннаҕа.

Иван Семенович суоппар идэлээх, бааһынай хаһаайыстыбатын тэриниэн иннинэ кини ити идэтинэн өр сыл үлэлээбитэ. Дьыалатын саҕалыырыгар аҕыйах сүөһүлээх эбит буоллаҕына, билигин хаһаайыстыбатыгар уопсайа 20 төбө, ол иһигэр 8 ыанар ынах иитиллэн-харайыллан турар.

—  Сүөһү көрүүтэ-истиитэ биһиги тыйыс усулуобуйалаах дойдубутугар ыарахаттардаах буоллаҕа. Мин бу ылыммыт дьыалабар убайым Александр сыаналаах сүбэтэ-амата, сатабыллаах туттуута-хаптыыта улахан көмө-тирэх буолар.  Сайынын иитимньилэрбит кыстыгы туоруур отторун бэлэмнээһиҥҥэ дьиэ кэргэнинэн бары тахсан үлэлээбиппит, — диир фермер, үс оҕолоох ыал аҕа баһылыга Иван Винокуров.

Ити курдук Тымныы полюһун ыччат дьоно бэйэ кыаҕын туһанан, аныгы ырыынак кэмигэр түбэһиннэрэн, өбүгэ үтүө үгэһин — сүөһү иитиитин сайыннарарга күүһэ-уоҕа тиийэринэн үлэлиирэ биһирэниэн эрэ сөп.

Ааптар: Мария ЕГОРОВА

Добавить комментарий