Арыылаах бигэ хаһаайыстыбата хороҕор муостааҕы элбэтэр

Арыылаах бигэ хаһаайыстыбата хороҕор муостааҕы элбэтэр

Үөһээ Дьааҥы улууһун Арыылаах нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Марфа Афанасьевна Ефимова «Сыырдаах» бааһынай хаһаайыстыбаны  салайар. Быйылгы сылга тоҕус уон ынах-сүөһүнү иитэн-харайан туруорар. Кыстыкка киириэх иннинэ хотонноругар өрөмүөн үлэтин ыыппыттар.


«Сыырдаах» бааһынай хаһаайыстыбаҕа 31 ыанар ынахтаахтар, ону тэҥэ субан сүөһүлээхтэр, биир атыыр уонна көлүүр оҕустаахтар. Хотоннорун көҥдөйүн ПК дириэктэрэ Николай Гуляев тутан биэрбит. Водопровод оҥостубуттар, ууну бодобуоһунан түһэттэрэллэр, сороҕор бэйэлэрэ тиэнэллэр. Былырыын ДТ тыраахтар атыылаһан, оту-маһы онон таһаллар. Билигин сүөһү элбэх буолан, хотоннорун оттубаттар.

Быйылгы кураан дьылга сүөһү кыстыгы туорууругар 40 туонна оттоохтор. Ол, биллэн турар, элбэх сүөһүгэ тиийбэт. Сыырдаах, Хайбааҥкылаах, Арыылаах сирдэригэр оттууллар. Бу сылга Сыырдаахха от үүнүүтэ мөлтөх буолан, онтон-мантан оттообуттар, Арыылаах сиригэр уу ыстараннар, 25 туонна оту кээспиттэр. Окко тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар сайаапка түһэрбиттэр. Нэһилиэккэ туонна от былырыын 10 тыһыынча эбит буоллаҕына, быйыл 20 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит.

Тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматын гранынан МТЗ тыраахтар, от кээһэр сэбин-сэбиргэлин, от охсор хотуур, икки электродойка ылыммыттар. Онон дойкаланан, илии үлэтэ арыый чэпчээбит. Ынах-сүөһүнү көрүүгэ-харайыыга кэргэнэ, эдьиийэ, уола көмө буолаллар.
Бөдөҥ хаһаайыстыбаны көрө, иитэ олорор киһи үлэтэ сарсыарда биэс аҥаар чаастан саҕаланар. Ынахтарын ыан баран сайынын мэччирэҥҥэ сырытыннараллара, билигин отордотоллор. Үүттэрин ытыйан сүөгэйдииллэр, арыылыыллар. Эбии аһылыкка күҥҥэ биирдэ көөнньөрбө сиэтэллэр. Көөнньөрбөҕө лабыктаны, уотурбаны, оҕуруот аһын сэбирдэхтэрин эбэллэр.
Ынах-сүөһү күннээҕи ыамыттан биэс уонча киилэ үүтү ылабыт диэн хаһаайка этэр. Үүт тутар пуун үлэһититтэн хаһаайыстыбата үүтэ элбэҕинэн, сыата үрдүгүнэн хайҕанар. Сыата элбээбитэ 4,5% диэри тиийэ сылдьыбыт. Сарсыарда 3,8-тан түспэт, киэһэ 4,2-гэ тэҥнэһэр.
Үүт сыата түспэтин туһугар туспа ньымалааҕын Марфа Ефимова маннык этэр: «Ынах үүтүн сыата үрдүгэ-намыһаҕа киһи хайдах ыырыттан тутулуктаах. Холобура, ыксаан ыатахха – сыата кыччаан хаалар. Онон бытааннык, эмиийин этэрэн ыахтааххын».

Дьиэ-уот үлэтигэр-хамнаһыгар улахан уолун кэргэнэ Маргарита көмө буолар. Кини Арыылаах агрооскуолатыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлиир, омук тылын учуутала.
Марфа Афанасьевна хаһаайыстыбатын көрүү-харайыы таһынан нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар. «Эрэл» түөлбэ салайааччыта буолар, «Күбэйэ» үҥкүү бөлөҕөр сылдьар.
М.А. Ефимова сыралаах үлэтин түмүгүнэн кэккэ ситиһиилэрдээх — СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, «Тыа хаһаайыстыбатын», «Урбаан сайдыытыгар уратытын иһин» мэтээллэрдээх.

Марфа Афанасьевна кэргэнинээн Иван Семеновичтыын алта оҕо күн-күбэй ийэтэ уонна амарах аҕата, биэс сиэн эйэҕэс эбээтэ, эһээтэ буолаллар. Улахан уоллара Василий бэтэринээр, кэргэннээх, биир оҕолоох. Орто уоллара Николай быйыл МЧС үөрэҕин бүтэрэн, Дьокуускайга үлэлиир, кэргэннээх. Кыра уол Иван аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар, орто анал юрист үөрэхтээх. Улахан кыыс Светлана Арыылаах орто оскуолатыгар лаборанныыр, кэргэннээх, биир оҕолоох. Орто кыыс Варвара киин балыыһаҕа терапияҕа сиэстирэлиир, икки оҕолоох, кэргэннээх. Кыра кыыс Акулина физкультура учуутала идэлээх, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун бүтэрбит, Арыылаах агрооскуолатыгар үлэлиир. Ииттэ ылбыт кыыстара Валентина М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Естественнай наукаларга институтугар биолог идэтигэр үөрэнэр.

Элбэх оҕолоох ийэ, хаһаайыстыба салайааччыта ыччакка маннык сүбэлиир-амалыыр, баҕа санаатын тиэрдэр: «Хороҕор муостааҕы эспэккэ, салгыы ииттэн, бэйэ аһын бородууксуйатынан аһаан-сиэн олоруҥ. Хаһаайыстыбалаах буолуу — дохуот биэрэр. Кэлэр көлүөнэ биһигини солбуйуоҕа, элбэх сүөһүнү ииттиэҕэ».

Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА