Сартаҥ «Сарыал» түөлбэтэ салайааччытынан киэн туттар

Сартаҥ «Сарыал» түөлбэтэ салайааччытынан киэн туттар

Сартаҥ нэһилиэгэр 5 түөлбэ баар. Бары кыайыыга-хотууга ураты дьулуурдаахтар, туохха барытыгар кыайар туһугар үтүө дьүккүөрдээхтэр. «Сарыал» түөлбэни актыбыыс ийэ Евгения Семёновна Аммосова салайар.


Бэйэм олорор «Сарыал» түөлбэм салайааччытын, куруук инники күөҥҥэ сылдьар уопсастыбанньык ийэ, эдэр эрдэхпититтэн «эн-мин» дэһэн кэлбит дьүөгэм туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Евгения Семёновна Аммосова астаабыт минньигэс аһын амсайбатах киһи диэн Сартаҥ нэһилиэгэр суоҕун да кэриэтэ буолуо. Улуус таһымнаах  күрэхтэһиилэр, спартакиадалар, хас дьаарбаҥка тэрээһиннэрэ Евгения Семёновна минньигэс бүлүүдэлэрэ суох буолбаттар, барытын тупсаҕайдык киэргэтэн, үллэрэн суол-суол уурбут астарын көрүҥүн үгүс киһи астына-дуоһуйа амсайан, махтанан ахтар буолуохтаах. Түөрт оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ, тыа ыалын дьоно буоллахпыт диэн букатын бүгэн-оһон хаалбакка, нэһилиэк, улуус иһинэн барар туох-баар тэрээһиннэригэр төһө кыаҕа тиийэринэн күүс-көмө буолан  үлэлиир-хамсыыр. Маннык актыыбынай көрүүлээх, олоххо үтүө дьайыылары оҥорор бириинсиптээх даҕаны буолан, Сартаҥ култуура киинин дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ил Түмэн үрдүкү наҕараадатын — харыга кэтэр кыһыл көмүс чаһынан наҕараадаламмыта. «Азия оҕолоро» оонньууларын хапсаҕайга 3-с миэстэлээх призёрын хаһаайына Сэмэн Аммосов күн-күбэй ийэтэ буолар. Нэһилиэк киэн туттар спортсменын иитэн-такайан таһаарбыт Далбар Хотун үтүө өҥөтүгэр, бүттүүн нэһилиэк чахчы даҕаны махтанар. Иллэҥ кэмигэр ииһин туппутунан сылдьар, тирии, таба, тайах тыһа курдук кытаанах иистэртэн, таҥаһыгар, бэргэһэтигэр тиийэ, араас матырыйааллартан толлубакка туттар идэлээҕинэн биллэр.

Ыал аҕа баһылыга Уйбаан Ньукулаайабыс Аммосов талкыннан туттар имииһит, эмиэ иистэнньэҥ, ааттаах асчыт, эргиччи киэҥ билиилээх, булугас сахалыы мындыр өйдөөх-санаалаах, оҕолоругар холобур буолар үтүө түһүн ыһыктыбакка сылдьар. Элбэх сүөһүтүн хаһаайыстыбатыгар иннин кимиэхэ да биэрбэтэх төһүү отчут буолар. Түөрт оҕолорун барыларын атахтарыгар туруоран,  үөрэхтээх үлэһит дьон оҥортооннор, сайын ахсын сиэн оҕолор минньигэс сыттарынан угуттанан олороллор.

Соҕотох кыыстара Лидия Ивановна улууспут бас-көс хонтуоратыгар (субсидия) таһаарылаахтык үлэлиир. Улахан уолларын Сережа кэргэнэ  Алиса Петровна улуустааҕы ОДьКХ тэрилтэтин эмиэ биир сүрүн төһүү исписэлииһэ. Сережа эмиэ улуус иһинэн ыытыллар күрэхтэр чаҕылхай спортсменнара этэ. Кыра уоллара Уйбаан Уйбаанабыс Сартаҥ олохтоох ДЭС үлэһитэ. Байанайдаах булчут. Эдэр, кэскиллээх ыал аҕата буолар. Хас сайын ахсын оҕолоро көмө-имэ буоланнар, төрөппүттэригэр кэлэн оттоһоллор.  Тупсаҕай, өҥ буордаах «Бөрөлөөх» ходуһатын сиригэр даача туттубуттара балайда ыраатта. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнин аһын-таҥаһын бэрийиитэ, өссө онтон ордорон, нэһилиэккэ ас-таҥас оҥорон аһатан, атыылаан түбүгүрэр диэн, манан аҕай дьыала буолбатах.

Элбэх оҕолоох, иллээх-эйэлээх Омуоһаптар баараҕай дьиэ кэргэннэригэр, оҕолоругар, сиэннэригэр туох-баар дьолу, табыллыыны, ситиһиини уонна доруобуйаны баҕарабын! «Сарыал» түөлбэ эһигинэн киэн туттар.

Ааптар: Галина Стручкова – Табайаана.