Аллараа Бэстээх биэрэгин массыынанан дабатан иһэн кэпсэтиибит быыһыгар биир тоҕоостоох түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн: “Халадаайы хас күн тигэҕиний?”, – диэн ыйытан баран, санаабар “икки-үс күн” диэн хоруйдууругар бүк эрэллээх олорбут киһи, оҕо ырбаахытын биир киэһэ, дьахтар халадаайын икки киэһэ, – диэбитин улаханнык соһуйа истэбин. Бу – хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр суруйар дьоруойум, Аллараа Бэстээхтээҕи олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын начаалынньыга, уус, тарбаҕар талааннаах Сергей Лавернов.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Аччыгый түмэл
Сергей Виссарионович маһынан, тимиринэн уһанарын эрдэттэн истэрим. Дьэ, ол иһин бүгүн эрдэттэн бириэмэ болдьоон, өрүс суола хаалыан иннинэ баттаһаары, Аллараа Бэстээххэ мотуорунан туораан Валентина, Сергей Лаверновтар дьиэлэрин боруогун атыллаан эрэбин.
Уус киһи дьиэтэ маннык буолуохтааҕын быһа холоон эрдэттэн сэрэйбитим эрээри, хайдах даҕаны түмэл курдук буолуо дии санаабатаҕым. Тэлгэһэтин ааныттан саҕалаан барытын бэйэтэ туппут-оҥорбут. Дьиэ аанын аһан киирээт, хараҕым тута куукунаҕа киириигэ турар туртас муоһуттан киэргэлгэ хатанар. Саала хос эркинин былаһын тухары быыһа суох хартыыналар, харысхаллар ыйаммыттар.
Уһанарын таһынан иистэнэр, уруһуйдуур, хартыына араамаларын оҥорор. Араамаларын чороон, чаппараах, о.д.а. быһыылаан мастан кыспыт. Маҕаһыыҥҥа атыыланар араамалартан чыҥха атын. Аны сувенирдара көрүөхтэн эриэккэстэр. Чүмэчи уурар иһиттэрин быраҕыллыбыт тимиртэн иһэрдэн, кырааскалаан оҥорбут. Чэ, саас-сааһынан кэпсиим.
Удьуордааһын
Ийэлэринэн эһээлэрэ Николай Константинович Турантаев Уус Алдантан төрүттээх, Уһун Уус Турантайдартан тардыылаах эбит. Өссө оччолорго биллэр-көстөр уус (тимир, мас ууһа, көмүһүнэн да дьарыгырара үһү) 1920-1930-с сылларга Өлүөхүмэ Троицкайыгар тиийэн олохсуйбут. Аҕатынан аймахтара эмиэ уустар эбит.
Түөрт уон сыл буолан баран
– Сэттис кылааска үөрэнэр сылбар сайын Троицкайга бара сылдьан, Төрүт диэн арыыга эһээм өтөҕөр сылдьыбытым. Килиэп астыыр оһохтооҕор үс-түөрт төгүл улахан тимири уһаарар оһох турара. Уонна үс-түөрт сүүнэ кыстык, балта, бэйэ оҥоһуу ыйааһын бааллара. Ол ыйааһын сыаптардааҕа уонна алтан тэриэлкэлэрдээҕэ. Түөрт сыллааҕыта дойдубар бара сылдьан, Төрүккэ таарыйан, өтөхпүтүн балачча өр көрдөөн булбуппут. 40 сыл анараа өттүгэр көрбүт эһээм ыйааһынын булан олус үөрбүтүм, мэктиэтигэр уйадыйан ылбытым. Сураҕа, эһээбит бэйэтэ тутан-хабан оҥорбута үһү”, – диэн ахтар.
Бэйэ холобура
Сергей талаана арылларыгар удьуордааһыны ааһан, тус холобур элбэҕи дьайбыт. Ол курдук, ийэлэрэ олохтон эрдэ баран, икки эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр уолаттары ийэлэрин дьүөгэтэ, бэйэтэ түөрт оҕолоох огдообо Вера Александровна Корнилова иитэлээбит. “Эдьиийбит түннүк тааһын бэркэ быһара, кирпииччэ үктүүрэ, оһоҕу көтүрэн баран биир күнүнэн тутара — быһатын, сатаабатаҕа диэн суоҕа. Итини барытын көрө сылдьан оҕолор элбэххэ үөрэммиппит, бэйэтин холобурунан уһуйара. Үйэбэр балачча элбэх оһоҕу туттум”, — диэн санаатын үллэстэр.
Быысыпкалаах соттортон саҕаламмыта
Сергей аан маҥнайгы оҥоһугун күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр. Өссө ийэтэ тыыннааҕар, уончалаах уол маҥан сотторго кыһыл өҥнөөх роза сибэккилэри быысыпкалаабыт. Оҕо сылдьан оонньуур бэстилиэтин, аптамаатын барытын бэйэтэ кыстара үһү. Онтон 14 сааһыттан номнуо наскы, бэрчээкки баанан саҕалаабыт. Ыал буолан дойдутугар Өлүөхүмэҕэ көһөн тиийэн баран дьиэтин бэйэтэ туттубут. Аллараа Бэстээххэ кэлээт, эмиэ икки мэндиэмэннээх дьиэни соҕотоҕун дьэндэппит.
Халадаайы – биир күнүнэн
Саха сиригэр Тарбаахаптан саҕалаан асчыт эр дьон элбэх эбит буоллахтарына, иистэнньэҥ эр дьону уон тарбах иһинэн ааҕыахха сөп. Олортон биирдэрэ – Сергей Виссарионович. Маҥнай утаа, иискэ, уруһуйга олоҕум орто омурҕанын ааһан эрэ баран ылсыбытым диэбитэ эрээри, кэпсэтиибит түмүгэр, таҥаска оҕо эрдэҕиттэн сыстаҕаһа биллэн таҕыста.
Бэйэлэрин, оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын оҕолорун барыларын сахалыы таҥаһынан хааччыйбыт. Эр киһи тикпит таҥаһын аан маҥнай илиибэр тутар буолан, барытын сирийэн көрөбүн. Бу сиигэ көнөтүн, ханан даҕаны “туора ойуу” суох.
“Борохуолка ыстаана”
Өссө устудьуоннуу сылдьан, олоҕун аргыһын Валентинаны кытта саҥа билсэр кэмнэригэр, оччолорго муодунай “варенка” ыстааны тиктибит. Дьиҥэр, 7 солкуобайга матырыйаал ылан бэйэтэ тиктэн баран, кыбыстан “борохуолкаттан атыыласпытым” диэн кистээбит.
1990-с сылларга харчы кырыымчык кэмигэр оҕолорун кууркатыгар, этэрбэстэригэр, үтүлүктэригэр тиийэ бэйэтэ тиктэлээбит. Онтун өссө араастаан быысыбайдаан киэргэтэлиир эбит. Уоллара оскуолаҕа киирэригэр Майаттан сөптөөх көстүүм булбакка, ыксалынан бэйэтин эргэ бүрүүкэтин көтүрэ баттаат, ыстааннаах, сэлиэттээх көстүүм тигэн, дьону соһуталаабыт.
Мангал маастара
Сергей уонча араас дьарыгыттан сүрүннэринэн иһэрдиини (сварка) ааттыыр. Аҕыйах сыллаахха диэри массыына, тыраахтар бырысыабын оҥороро, үһү-түөрдү атыылаатахха, тас дойдуларынан күүлэйдээн кэлэр харчы “лас” гына түһэр эбит. Барыта 40-ча бырысыабы оҥорбут. Манна даҕатан эттэххэ, уопсайа, 14 дойдуга сынньаммыттар.
“Бииргэ үлэлиир дьоммун үгүстэрин сыбааркаҕа үөрэттим. Аныгы кэмҥэ ким даҕаны босхо оҥорон биэрбэт. Күннээҕи олохторугар-дьаһахтарыгар туһаналлар”, – диэн үөрэ кэпсиир.
Тус бэйэм, кинини “мангал маастара” эбит диэн санааҕа кэллим. Тэлгэһэтигэр илэ харахпынан көрбүттэрбиттэн ураты, ааспыт сыллааҕы үлэлэрин кэргэнэ хаартыскаҕа түһэртээн альбомҥа тиспит. Күн талбыт мангала барыта баар – тыраахтар, уу таһар, “КамАЗ” массыына, парус, сөмөлүөт, бөтүүк… быһыылаахтар. Оннооҕор “Нижний Бестях – Москва” диэн бастакы пуойаһы көрсө мангал оҥорбут. Мангалы ааһан, эти, балыгы ыыһыыр оһоҕу оҥорор эбит. Үбүлүөйүгэр барыта сэттэ уонча бэйэтин оҥоһугун бириискэ туруорбут. Супер-бириис – балаҕаннаах, аттаах, эр киһилээх, дьахтардаах сахалыы эриэккэс улахан мангал. “Биир мангалы төһө кэминэн бүтэрэҕин?”, – диэн ыйыппыппар, “түөрт чаас” диэн хоруйдаабытыгар соһуйан эрэ хаалабын. Оттон сибэкки иһитин чаас иһинэн бүтэрэр. Бэйэтэ кыра собуот диэтэҕиҥ!
Талааннаах киһи барытыгар талааннаах
Таһырдьа тахсан тэлгэһэ иһинээҕи оҥоһуктарын көрөбүт. Веранда ойоҕоһугар бэлисэпиэт, таба, тэбиэн, туртас, пушка, о.д.а. быһыылаах сибэкки араас иһиттэрэ эһиилги сайыны кэтэһэн кэчигирэспиттэр. Аттыгар түөрт чооску тэлгэһэ киэргэллэрэ буолан тураллар. Онтон хоруопкалартан биир-биир матасыыкыл-сувенирдар, чүмэчи иһиттэрэ, туһаттан тахсыбыт тимирдэринэн иһэрдэн оҥоһуллубут чаһылар… тахсан иһэллэр.
Бэйэтин кэмигэр кыралаан миэбэл оҥортоон атыылаабыт. Итини таһынан поп-арт ньыматынан сиэннэригэр, аймахтарын оҕолоругар көрүөхтэн эриэккэс, араас быһыылаах альбомнары таҥмыт.
“Бэйэбит тугу эбит сонургуу көрдөхпүтүнэ, көннөрү аҕабытыгар көрдөрөбүт. Аҕыйах хонугунан баар буолан хаалбыт буолар. Үлүһүйдэҕинэ, түүннэри кытта олорон уһаныан сөп. Сүрүн үлэтэ уустук буолан, кыһынын сылаатын араас дьарыгынан таһаарар. Сайын үлэтиттэн ордубат”, – диэн кэргэнэ Валентина кэпсиир.
Баһырхай былааннар
“Быйыл анаан-минээн мастарыскыай тутуннум. Бу эргэ матасыыкылы атыыластым. Уһун кыһыны быһа тугу гыныамый, трициклга кубулутуоҕум. Уонна “Жигули” мотуорунан вездеход, эргэ тыынан кытай двигетэллээн аэросани, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ гиэрбэлээх чаппараахтары тигэр былааннаахпын”, — диэн бөһүөлэк саамай эдэр бочуоттаах олохтооҕо, Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, улуус норуотун маастара чугастааҕы былааннарыттан үллэстэр. Уһун Уус Турантайдар удьуордара салҕанар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru