Орто Дойду оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Лебедев ыллыгынан» сырыттылар

Орто Дойду оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Лебедев ыллыгынан» сырыттылар

Быйылгы үɵрэх дьылыгар Муома улууһун Орто Дойду оскуолатыгар Василий Дмитриевич Лебедев 85 сыллаах үбүлүɵйүн кɵрсɵ «Лебедев күhүнэ», «Лебедев ыллыгынан» диэн ааттаах бэрт сонун тэрээhиннэр ыытылыннылар.


«Лебедев күhүнэ» тэрээhиҥҥэ уhуйаан уонна кыра кылаас оҕолоро кыттыыны ыллылар. Айылҕаҕа тахсан эбээн таҥаһын таҥнан, суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туhунан билистилэр, хаартыскаҕа түстүлэр. Тэрээhини алын кылаас учууталлара, иитээччилэр уонна тɵрɵппүттэр иилээн-саҕалаан ыыттылар. Оҕолор бастакы эбээн учуонайа, суруйааччы туhунан элбэҕи биллилэр-кɵрдүлэр, — диэн кэпсиир оскуола дириэктэрэ А.К. Николаева. 

«Лебедев ыллыгынан» тэрээhиҥҥэ улахан кылаас оҕолоро уонна учууталлар кытыннылар. Бастакы оскуола аhыллыбыт сиригэр «Арҕаа оскуолаҕа» бэрт интэриэhинэй тэрээhиҥҥэ сырыттылар. Сатыы хааман тиийэн, оскуола турбут сирин кɵрдүлэр, билистилэр. Оскуола оннугар билигин сэргэ уонна былыргы паарта турар. Ол устуоруйатын бэркэ сэргээн иhиттилэр.

Тэрээhин саҕаланыытыгар аал уоту аhатан, сиэр-туом оҥоhулунна. Алын кылаас учуутала Корякина Акулина Петровна эбээннии үгэhи тутуhан, аал уотун аhатан, сир-дойду иччилэриттэн кɵрдɵстɵ. Ол кэнниттэн Василий Дмитриевич Лебедев олоҕун, айар үлэтин кэпсээтэ, суруйааччы туhунан ахтыылары аахта.

Салгыы учууталлар, оҕолор суруйааччы хоhооннорун уонна оҕо эрдэҕинэ сɵбүлээн ааҕар, биллиилээх нуучча бэйиэттэрин хоhооннорун аахтылар. Эбээн омук үгэhинэн ɵр сылдьыбатах саҥа сиргэ кэллэххинэ сиэр-туом ыытыллар. Ол курдук, иччилэргэ сүгүрүйэн, баҕа санааны этэн баран маска бэлэх ыйанна, күн уотуттан эбээннии алгыhы иҥэринии оҥоhулунна.

Оҕолор тото-хана аhаан баран, сибиэhэй салгыҥҥа астына оонньоотулар-кɵрүлээтилэр, хайаны дабайан, урут сууллубут самолеты тиийэн көрдүлэр. Ити курдук «Лебедев ыллыгынан» тэрээhин үрдүк таhымнаахтык ааста. Yгэhи салгыы сайыннаран, күhүн аайы маннык тэрээhини ыытыахха диэн биир санааҕа кэллибит, — диир А.К. Николаева, В.Д. Лебедев аатынан Орто Дойду орто оскуолатын дириэктэрэ.

«Индигир уоттара» хаһыат