“Былыргытын билбэт норуот кэскилэ кэхтэр”
Бу этиини өссө 1749-1750 сыллардаахха Михаил Ломоносов оччотооҕу кэмҥэ Герхард Миллер уонна Готлиб Байер нуучча историятын саҥалыы суруйбуттарын утаран эппитэ диэн үһүйээн баар. Көр, ол оччоттон баччаҕа диэри нуучча былыргы историятын токурутуу баар эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Михайло Ломоносов физиканан, химиянан эрэ үлүһүйбэккэ, нуучча былыргы историятыгар олус улахан болҕомтотун уурара. Хомойуох иһин, кини өлбүтүн кэннэ, ити үлэлэрэ сураҕа суох сүппүттэрэ. Онон бу этии норуокка туох да историческай чахчыта суох көннөрү “Ломоносов киэнэ” диэн буолар. Хайа да былаас, ханнык да систиэмэ баһылаан олорор кэмигэр, туох да диэбит иһин, олус күүстээх, итиэннэ дириҥ ис хоһоонноох этии.
Саха сирэ Арассыыйа империятыгар холбонуутун түмүгэр түөрт үйэ кэриҥэ биир историялаах, быстыбат ситимнээх. Араас кэмнэргэ идеологическай догмаларга олоҕуран, историк учуонайдар икки ардыларыгар, оннооҕор “көҥүл өттүнэн киирии” эбэтэр “күүс өттүнэн холбооһун” диэн тиэрминнэргэ мөккүһүү баара. Төһөтүн да иһин, хаһан эрэ кэлэр көлүөнэлэр биһиги олорбут кэммит туһунан туох эрэ диэн суруйуохтара турдаҕа. Онуоха биһиги, хаһыат үлэһиттэрэ, күннээҕи үлэбит түмүгэр бэйэбит кэммит историятын баары баарынан, токуруппакка сырдатыах тустаахпыт. Холобур, былыргы хаһыаттар саһарбыт страницаларын арыйа олорон, оччотооҕу кэм тыынын, үөрүүтүн-хомолтотун син биир сэрэйэҕин. Ол курдук, төһө да күннээҕи үлэҕэ түбүгүрэ сырыттарбыт, син эмиэ кыра да буоллар бэйэбит кэммит историятын кэрэһиттэрэ буоллахпыт.
Бэрт сотору кэминэн биһиги өрөпүүбүлүкэбит суверенитетын биллэрбитэ 29 сылын туолуо. Аныгы кэм дьалхааныгар ылларан, бу историческай событие туһунан умна да быһыытыйдыбыт. Ааттыын-суоллуун да суверенитеппыт күнэ судаарыстыбаннас күнүгэр кубулуйда. Отучча сыл ааспытын кэннэ, билигин даҕаны суверенитеты өрө тутар, сиилиир да дьон баар. Туох да диэбит иһин, бу историческай чахчы. Ону хайдах да суоран, сотон кэбиспэккин. Арай кылгастык, хаһыат кээмэйинэн ырытан көрүөххэ сөп.
Сорох политологтар суверенитеты ылыныы кэмин иккис өрөпүүбүлүкэни кытары ситимнииллэр. Ол эбэтэр, бастакы өрөпүүбүлүкэ 1922 сыллаахха тэриллибит буоллаҕына, 1990-с сыллаахха Саха сирэ саҥа статуһун ылбытын “иккис өрөпүүбүлүкэ» диэн ааттыыллар. Бу историческай чахчылар бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнээхтэрин бэлиэтииллэр. Саха сирин историятын итинник кэрдиис кэмнэргэ араарыы төһө сөптөөҕүн, сыыһатын түөһэ сатыыр сорук туруорбаппыт. Ол оннугар ааспыт кэм суолтатын, ис хоһоонун ырытан көрөрбүт ордук тоҕоостоох.
Көҥүл тыына
Ыраахтааҕы саҕаттан сахалар бырааптарын туруорсубут үгүс дьонноохпут. Нуучча казактара Өлүөнэ эбэ кытылыгар үктэммиттэрин саҕаттан Тыгын Дархан уонна кини сыдьааннара көҥүл туһугар охсуспут эбит буоллахтарына, кэлин Маһары Бозеков, Соппуруон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап күн ыраахтааҕы иннигэр Арассыыйа империятын чиэски сытар сиригэр аҕыйах ахсааннаах инородецтар кыһалҕаларын аччатар соруктаах үлэ бөҕө ыыппыттара. Бу туһунан наука дуоктара, юрист Михаил Федоров «Памятники обычного права якутов» диэн үлэтигэр сиһилии ырытыллар, итиэннэ саха омук былыргыттан көҥүлгэ тардыһыытын кэрэһилиир.
ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар Александр II ыраахтааҕы Арассыыйаҕа киэҥ хабааннаах реформа бөҕөнү ыытар, крепостной быраабы көтүрэр, дьүүллүүр систиэмэҕэ, байыаннай сулууспаҕа уларытыы киллэрэр, бэйэни салайыныы олугун охсор. Арассыыйа историятыгар Петр I кэнниттэн биир саамай сүрүн уларытыылары киллэрбит, экэнэмиичэскэй сайдыыны түстээбит салайааччы буолар. Норуокка Александр II көҥүлү биэрбит ыраахтааҕы диэн дэлэҕэ ааттыахтара дуо? Сотору кэминэн Саха сиригэр ити көҥүл өйгө-санааҕа иитиллибит дьон үөскээн тахсаллар. Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Гаврил Ксенофонтов бэйэни салайаныы боппуруостарын күүскэ туруорсаллар, саха литературатын төрүттэниитэ, «үрүҥ көмүс үйэтэ» Алексей Кулаковскай, онтон да атын саха классиктарын аатын кытары ситимнэнэр. Биллэн туран, маннык «төлө тэбии» дьон тууйуллуутун, көҥүл тыыныгар тардыһыытын түмүгэ диэн этиэххэ сөп. 1917 сыллаахха буолбут олунньутааҕы революцияны Күлүмнүүр, Ксенофонтов уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэрэ. Бэл диэтэр, дьаһааҕы төлүүртэн аккаастанан, Саха сирин уобалаһын салайыыны Земскэй мунньахха, сири-уоту саха бас билиитигэр биэриини, Государственнай Дуумаҕа Саха уобалаһа туспа депутаттанарын туруорсубуттара. Көҥүл тыына, политическай романтизм кэмэ этэ диэтэхпитинэ, арааһа, сыыстарбаппыт буолуо. Быһа түһэн, нөҥүөлээн эттэххэ, маннык быһыы-майгы кэлин, сэттэ уонча сыл буолан баран, эмиэ хатыланыа. Хомойуох иһин, бу романтик политиктар, саха норуотун интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ, кылгас кэм иһигэр күлүмүрдээн ааспыттара. Маны тэҥэ, утуу-субуу да диэххэ сөп, большевик баартыйа иитэн таһаарбыт уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов уонна атыттар инники күөҥҥэ тахсаллар.
Дьиҥэр, бу сүрдээх бутуурдаах, өй-санаа мөккүһүүлээх үйэлэр кирбиилэрин биһиги өссө да сыта-олоро үөрэтэрбит, толкуйдуурбут ирдэнэр. Аҥаардастыы “бу сыыһа – ити сөп” диэн этэрбит сүрдээх күчүмэҕэй. Биири бэлиэтиэххэ сөп. Күлүмнүүрдээх да, Ойуунускайдаах да саха норуотун көҥүлүн туһугар тыыннарын толук уурбуттара. Ол эрэн, ол көҥүлү тобулар туһугар тус туспа суоллары батан барбыттара. «История не терпит сослагательного наклонения” диэн этэллэр. Арай, бассабыык баартыйа былааһы бэйэтин илиитигэр ылбатах буоллун?.. Итинник диэн сабаҕалыыр сатаммат. Ол оннугар кинилэр идиэйэлэрэ кэнэҕэски көлүөнэ сарсыҥҥытын салайарыгар сирдьит буолуохтара диэн эрэнэбит.
Бэйэни салайыныы уонна норуот бырааба
“Право наций на самоопределение” диэн концепцияны Ленин олоххо киллэрбитэ диэн билинэбит. Бу концепция ис хоһооно, омос көрдөххө, олус үчүгэй. Ордук аҕыйах ахсааннаах, кыра норуоттарга көҥүлү биэрэр диэн өйдөбүл биһиэхэ күүскэ киирбит. Ол эбэтэр баттабылга олорбут норуот бэйэтин государственноһын тэрийэн, автономия ылыахтаах, бэйэтин бэйэтэ салайыныахтаах диэн. Бу идиэйэни өрө тутан, М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов уонна да атыттар 1922 сыллаахха Саха сирин государственноһын төрүттээбиттэрэ. 1924 сыллаахха Саха сирин автономиятын Конституцията ылыллыбыта.
Ити сыл Ленин өлөр. Дьэ, ол кэнниттэн саҥа салалта кини киллэрбит концепциятын токурутан барбыта диэн этиллэр. Саха сирин ситэриилээх кэмитиэтэ киин былаастан автономияны кэҥэтэн, эбии политическай, экэнэмиичэскэй бырааптары туруорсубута өйөбүлэ суох хаалбыта. Киин былаас автономияны ылбыт өрөпүүбүлүкэлэри кытаанах ытарчыга улам ылан испитэ. Ол түмүгэр гражданскай сэрии саҕаламмыта. Колчак, Пепеляев салайбыт үрүҥ гвардия хамсааһынын аахпатахха, Саха сиригэр бассабыыктар былаастарын утары саха дьоно турбуттара. Павел Ксенофонтов уонна Михаил Артемьев салайааччылаах “Младо-якутская партия конфедералистов” Саха сирэ автономията ситэтэ суоҕунан ааҕан, союзнай статус туруорсубуттара. Биллэн туран, оччотооҕу кэм идеологиятыгар сөп түбэһиннэрэн, бу дьону шовинизмҥа буруйдаабыттара, тутан ылан ытыалаабыттара.
Дьиктитэ диэн, кэлин бу «ксенофонтовщинаҕа» сыһыары тутан Аммосовы, Ойуунускайы, Бараховы уонна да атыттары эмиэ суорума суоллаабыттара. Оччотугар Ленин киллэрбит «право наций на самоопределение» диэн бириинсибин ис дьиҥэр бассабыык былааһы былдьаһыыга, диктатураны олохтуурга инструмент быһыытынан туттубуттара. Ленин бу идиэйэтин аан дойдуга революция уотун күөдьүтэр сыаллаах-соруктаах толкуйдаабыта биллэр. Ол түмүгэр Арассыыйаҕа бастаан утаа пролетариат, онтон биир баартыйа диктатурата олохтоммута. Төһө да көҥүл тыыннаах идиэйэ буоллар, оннооҕор күҥҥэ да күлүк баар дииллэр.
Оччотугар норуот көҥүлэ, бэйэни салайыныы туохха олоҕуруон сөбүй? Бу ыйытыкка тута хоруй биэрэр олус уустук. Бэт соторутааҕыта Чувашияҕа Альберт Разин диэн учуонай удмурт тылын көмүскээн, Судаарыстыбаннай Сэбиэт иннигэр бэйэтин уоттаан, сырдык тыына быһынна. Ол аата билигин даҕаны норуот көҥүлэ, тыл уонна култуура сайдыыта Арассыыйаҕа сүрүн боппуруос буолара саарбахтаммат. Маны үөһэттэн аҥаардастыы экэнэмиичэскэй партикуляризм политикатыгар олоҕуран дьаһайар омсолооҕо көстөр.
Суверенитет сырдык уонна күлүк өттө
90-с сыллар дьалхааннаах кэмин эппинэн-хааммынан билбит киһи быһыытынан, сырдык уонна күлүк өттүн арааран көрүүм. Оччотооҕу кэми өйдүүр дьон көҥүл тыына норуот өйүн-санаатын сайа охсубутун ордук сылаастык, иһирэхтик ахтар. Кырдьык даҕаны, бэйэни салайыныы, сиртэн хостонор баайы норуот туһатыгар таһаарыы, саха тылын, култууратын саҥалыы сайыннарыы боппуруостара сытыытык турбуттара. Ол эбэтэр аллараттан көҕүлээһини үрдүкү былаас өйөөн, биир санаанан салайтаран, саҥа олоҕу тутан барбыттара. Политикаҕа эрэ буолбакка, экэниэмикэҕэ, атыы-эргиэн, бас билии эйгэтигэр уларыта тутуу саҕаламмыта. Ыччат кимтэн да ыҥырыыта суох болуоссаттарга тахсан оһуокайдыыра, ким эргиэнинэн, ким уус-уран култууратынан күүскэ дьарыктанан барбыта.
Экэнэмиичэскэй быһыы-майгы төһө да уустугун, инфляция күнтэн күн күүһүрэн иһэрин үрдүнэн, дьон-сэргэ инникигэ эрэлэ олус күүстээҕэ. “Сарсын, сарсын сарсыарда…” диэн эрэллээх уһуктарбыт. Сойууска, Саха сиригэр даҕаны сэттэ уонтан тахса сыл тухары тоталитарнай режимтэн төлө барбыт, утаппыт көҥүл санаа дьону түмпүтэ. Ити кэми биһиги Борис Ельцин уонна Михаил Николаев эпохата диэн ааттыыбыт.
1990 сыл, бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР суверенитетын туһунан Декларация ылыммыта. Онтон үс ый буолан баран, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ эмиэ суверенитет ыларын биллэрбитэ. Оччотооҕу кэмҥэ итини «парад суверенитетов” диэн ааттаабыттара. Көҥүл санаа тыыныгар ылларбыт дьон маны уруйдуу-айхаллыы көрсүбүппүт. Ол оннугар кылгас кэм иһигэр ССРС диэн судаарыстыба эстибитин бэйэбит да билбэккэ хаалбыппыт. Били үөһэ этиллибит “право наций на самоопределение” диэн бириинсип былааһы былдьаһыыга инструмент буолбутун кэриэтэ, Арассыыйа суверенитеты биллэрбитин кэннэ, Сойуус эстибитэ. “Өлбүт ынаҕым үүттээх да этэ”, — диэн эппитин иһин, көтүрбүккүн көннөрбөккүн. Онтон биһиги суверенитеттан төһөнү-хаччаны туһаммыппытын, тугу уонна тоҕо ситиспэтэхпитин билигин кэлэн өйдүүбүт. Хайа да судаарыстыба, хайа да норуот син биир киһи курдук тахсар-түһэр, сайдар-кэхтэр айылгылаах.
Тэҥэ суох субъектар уонна тэҥ быраап
90-с сылларга бастаан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, онтон Арассыыйа сүрүн сокуоннарбытын – Конституцияны – ылынан турабыт. Онно аан бастаан киһи быраабын уонна көҥүлүн үрдүкү сыаннас быһыытынан билиммиппит, демократическай, социальнай судаарыстыбаны тутабыт диэн сорук туруоруммуппут, Арассыыйа дьиҥнээх федеративнай судаарыстыба буоларын түстээбиппит. Федерацияҕа билигин 85 араас статустаах субъектар киирэн олороллор. Ити субъектар сабардаан олорор сирдэринэн, киһитин ахсаанынан, правовой статустарынан тус туспалар.
Холобур, РФ Конституциятын 5 ыстатыйатын 2 чааһыгар Арассыыйа иһигэр киирэр өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыба диэн биллэриллэн тураллар, онтон атын субъектар маннык статустара суох. Ол аата Арассыыйа тэҥэ суох субъектартан турар.
Биһиги бэйэбит судаарыстыбаннай тыллаахпыт, онтон атын автономнай субъектарга оннук быраап бэриллибэтэх. Онон, Арассыыйа субъектарын кытта сыһыаннарыгар үс тус-туспа көрүү баар. Бастакыта, киин былаас бэйэтин көрүүтэ, иккиһэ, өрөпүүбүлүкэ интэриэстэрэ уонна, үсүһүнэн, атын субъектар боломуочуйалара. Дьэ, маны холбуу тутар улахан сорук турар. Онтон быраап өттүнэн ылан көрөр эбит буоллахха, субъектар бары тэҥ бырааптаахтар диэн буолар. Ол эбэтэр уһун, кылгас уонна орто уҥуохтаах дьону тэҥнээн кэбиспит кэриэтэ.
Итинник сыһыан сөбө суоҕа ордук бүддьүөт, үп-харчы сокуоннарыгар, сиртэн хостонор баайы туһаныыга көстөр. Билигин итинник экэмиичэскэй партикуляризм политиката саҥа кэм сыһыаннарын ордук сытыырхатан иһэр. “Тоҕо биһиги сиртэн хостонор баайбытыттан туһаммаппытый, тоҕо дьадаҥытык олоробутуй?” диэн ыйытыылар үксээн иһэллэр. Хомойуох иһин, киин былаас да, субъектар салалталара да итинник ыйытыыга толору хоруйдуур кыахтара суох диэн көрөбүн. Арассыыйа саҥалыы сайдар суолун тобулар национальнай идиэйэ төрөөн-үөскээн таҕыстаҕына эрэ кэскилбит кэҥиэ.
Уодай.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru