Киһи аймах төһө даҕаны көп түүтэ суоҕун иһин, аан дойду саамай тымныы сирдэрин баһылаан олорор харамай. Сыгынньах эттээх-сииннээх Африка куйааһыгар үөскээбит өбүгэлэрбититтэн ыраатан, Хотугу Муустаах муораҕа тиийэ тарҕаммыппыт сүрүн төрүөтэ биир – оттугунан ититиллэр дьиэ баар буолуута. Тыйыс айылҕаттан сылаас дьиэнэн хаххаланнахха, төһө баҕар уһун кыһыны туоруохха сөп. Түҥ былыргыга тутуллубут чуумнар, балаҕаннар, билиҥҥи аныгы таас дьиэлэр биир сыаллаахтар – киһини куйаар тымныытыттан өрүһүйэллэр.
…Оттон арай дьиэнэн эрэ муҥурдаммакка, тулалыыр эйгэбит үрдүнэн киэҥ дурда-хахха тутуннахха? Уһун кыһыны быһа дьиэҕэ бүгэн олорбокко, сылаас халлаан анныгар күүлэйдиир төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?! Ити боппуруос фантастика киинэттэн быһа тардан кэпсээһин буолбатах. Бу сайыҥҥыттан саҕалаан, “Синет” хампаанньа уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет холбоһон, сүүнэ улахан научнай суолталаах “Куупал” диэн ааттаах бырайыагы саҕалаатылар.
Кыһынтан саһыахпыт дуо?
Бу, “Шоу Трумена”, “Сфера” курдук араас фантастика киинэлэргэ, сериалларга хоһуйуллубут бырайыак Арсен Томскай салалталаах “Sinet Group” хампаанньа көҕүлээһиниттэн саҕаламмыта. Саҕалааһын туһунан Арсен Томскай маннык эппитэ:
– Саха сиригэр олорор дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар мэһэйдиир сабыдыаллартан биир саамай улаханнара – аһары уһун уонна тымныы кыһын. Бу кыһалҕаны биир күн иһигэр быһаарар кыаллыбат, үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ наада. Ол иһин биһиги “Куупал” бырайыагы тэрийэргэ санаммыппыт. Бырайыак үчүгэй көрдөрүүлэри биэрдэҕинэ, кэлэр кэмҥэ киһи сөҕөр саҕахтарын арыйар. Санаан көрүҥ – итинник хахха анныгар куорат биир кыбартаала, эбэтэр бүтүн бөһүөлэк састын? Онон бу бырайыак табыллыыта аан дойду хоту куораттарыгар барыларыгар көҕүлүүр холобур буолуон сөп.
Этиллибитин курдук, “Куупал” ХИФУ уонна «Синет» холбоһуктаах научнай чинчийэр эспэримиэннэрэ буолар. Куупал анныгар тутуллубут дьиэҕэ биир дьиэ кэргэн олоруохтаах. Чинчийии араас салааларынан ыытыллыаҕа – хахха анныгар ирбэт тоҥ туругун уларыйыыта, олорор дьиэ сылааһа төһө туһалаахтык туттуллара, куупал конструкцията (тутула) айылҕа дьайыытыгар утарылаһыыта уонна да атын элбэх ыйытыыларга хоруй көрдөнүөҕэ.
Чинчийии биир сүрүн салаата – сабыылаах сиргэ олорор дьон туруга. Олохторун тупсаҕайа, доруобуйалара, психофизическэй туруктара – барыта кичэллээхтик кэтэнэн көрүллүөхттээх. Былаан быһыытынан бу дьон күн аайы Ютубка трансляция ыыталлара күүтүллэр.
…Сымыыттааҕар бүтэй?
Куупал Дьокуускай куораттан 40 килэмиэтир кэриҥэ ыраах турар «Кангалассы» Урутаан сайдар сиргэ, ХИФУ боруобалыыр (испытательный) полигонугар тутулла турар. Дьиэ билигин тутуллан бэлэм турар, куупал, хаартыскаҕа көстөрүн курдук, эмиэ бүтэрэ чугаһаабыт. Оттон онно кыстааччылар ааттара биллэр дуо? Арсен Томскай маннык диэн хоруйдуур:
– Баҕалаах дьон элбэх, сайаапка бөҕөтө киирэн сытар. Биһиги маннык диэн быһааран олоробут – бастаан барытын ситэрэн-хоторон баран, хандьыдааттарга хайдах быһыылаах дьиэ-уот буоларын илэ көрдөрүөхтээхпит. Ол кэннэ дьэ бүтэһиктээхтик талыахпыт, кинилэр – биһигини, биһиги – кинилэри.
Ити “психофизическэй туругу кээмэйдээһин” туһунан истэн баран, сымыыт бүтэй куупал анныгар дьон кыһын саҕаланыыта киирэн баран саас биирдэ тахсаллара буолуо диэн санааҕа тиийиэххэ сөп. Ол эрэн, оннук буолбатах. Бу бырайыак тутуутун ХИФУ өттүттэн биир куратора, Автодорожнай институт декана Дмитрий Васильевич Филиппов маннык диэн быһаарар:
– Купол анныгар олорор бырайыак кыттааччылара таһырдьа тахсаллара хааччаҕа суох. Урукку олохторугар улахан уларыйыы тахсыа суоҕа, атын сиргэ көспүттэриттэн ураты. Үлэлэригэр сылдьыахтара, бэйэлэрин массыыналарын кытта туттуохтарын сөп.
Ол да буоллар, кыһын ортото хаара, тыала-кууһа суох эйгэҕэ олорор дьон туруга туох уратылааҕа, кырдьык, хайаан даҕаны наука өттүттэн чинчиллиэх тустаах.
Ити гынан, дьиэ оҥоруута атын дьиэлэртэн улахан уратыта суох. Туспа ититинэр оһохтоох буолар, онтукалара аныгы оҥоһуулаах, “котел длительного горения” дэнэр.
Хоруй ирдиир ыйытыылар
Куупал төһө даҕаны дьоҕус соҕус көрүҥнээх буоллар, фундаменын кытта 6 туонна ыйааһыннаах, диаметра 20 миэтэрэ. Элбэх үс муннуктардаах кэрчиктэртэн таҥыллыбыт сфера, үрдүнэн ураты оҥоһуулаах ПВХ-пленканан бүрүллүөхтээх.
Бу бырайыак үгүс ымпыга-чымпыга элбэх, бүгүҥҥү күҥҥэ биллибэт ыйытыыларга саҥа эппиэт биэриэхтээхтэр. Холобур, саамай судургу ыйытыы – сфера үрдүгэр түһэр хаар ыйааһынын уйуо дуо?
Дмитрий Васильевич этэринэн, куупал саамай оройугар эрэ хаар хаалара сабаҕаланар, уоннааҕы хаар бэйэтин ыйааһынын көмөтүнэн аллараа сырылаан түһүөхтээх. Бу курдук куупал көрүҥнээх холлоҕоһу (каркаһы) аан дойдуга дьон айан оҥорбуттара, туһаммыттара син ырааппыт. Холобур, обсерваториялар, стадионнар бу куупал тутуутугар туһаныллыбыт “сота таҥыыта” ньыманан тутуллаллар. Онон итинник конструкция бөҕөтө өр кэмҥэ туһаныынан бигэргэммит буолар.
Иһигэр төһө сылаас буолара, ол сылаас ирбэт тоҥҥо хайдах дьайара, иһинээҕи салгын хайдах уларыйара, олорор дьон ис туруктара уонна да атын уонунан ахсааннаах тыҥааһыннаах ыйытыылар, барыта бу эспэримиэн устатыгар быһаарыллыахтаахтар.
Маны барытын үөрэтэр-кээмэйдиир сыаллаах ХИФУ-ттан хас даҕаны учуонайдар бөлөхтөрө кыттыахтара. Автодорожнай факультет, геологоразведочнай факультет, инженернэй-тиэхиньиичэскэй, психология, мэдиссиинэ уонна физика-тиэхиньиичэскэй институттар учуонайдара тохтоло суох кэтээн көрүүлэри ыытаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Эспэримиэн кэнниттэн…
Өскөтүн бу эспэримиэн түмүктэрэ үчүгэй көрдөрүүлэри биэрдэҕинэ, саҥа, өссө улахан иэннээх куупаллар тутуллаллара сабаҕаланар. Билигин чахчы маннык буолуо диэн ким даҕаны мэктиэлиир кыаҕа суох да буоллар, кэнэҕэски сайдыы барыллара киһини сөхтөрөр баараҕайдар. Холобур, биир улахан куупал анныгар сайын үүнэр оҕуруот аһын, хортуоппуйу таһынан, араас мастары, талахтары үүннэрэн көрүү туһунан бырайыак баар. Ити куупал анныгар үүнээйилэри тэпилииссэҕэ уонна аһаҕас буорга тэҥҥэ үүннэрэн баран, үүнүүлэрин тэҥниэххэ сөп. Аны бүтүн биир күөллээх учаастагы бүрүйдэххэ, төһөлөөх элбэх гидрологияҕа уонна ирбэт тоҥу чинчийиигэ үлэлэри ыытыахха сөбүй? Куупал анныгар хотугу дойдулар биир тыын боппуруостарын – аспаал суол туругун үөрэтии элбэх саҥа билиини биэриэн сөп.
Дьэ уонна инники саҕахтары арыйан көрдөххө, арай Саха сиригэр уһун кыһын устата сылаас күн анныгар сыламныыр куораттар баар буоллуннар? Олунньу ортотугар үлэҕиттэн футболкалаах уонна биир ыстааннаах хааман кэлэн баран, кэргэҥҥэр: “Тымныыны аҕынным, аҕыйах күн куупал таһыгар тахсан чэбдигирэн киирииһикпин, саҕынньаҕым, хайыһарым ханналарый!” – диир күнүҥ күүппүттээҕэр чугас кэмҥэ баара буолаарай?
Егор Карпов