Ньурба улууһугар дьоҕус биисинэһи сайыннарыыга үлэ барар
Ньурба улууһугар дьоҕус биисинэһи сайыннарыыга муниципальнай оройуон дьаһалтатын ИМБТ (иные межбюджетные трансферты) бырагырааматынан нэһилиэктэргэ 23 мөл.солк. көрүллүбүтэ. Тохсунньу ыйтан үлэлэһэннэр, 23 бырайыактан 16 бырайыак куонкуруһу ааста.
Бу туһунан Ньурбатааҕы «Биисинэс-инкубатор» киин менеджерэ Александр Петрович Александров кэпсиир:
— Ньурба куоратыгар култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар аттракционнары атыылаһыыга аукцион ыытыллыахтаах, Дьиикимдэҕэ хортуоппуй үүннэриинэн дьарыктанар ИП Николаев В.В., Чаппандаҕа корпуснай миэбэли оҥорууга, Петров Р.Н., Чуукаарга Семенов А.Д. уһанар мастарыскыай, Федорова И.И. минибэкээринэ, Сүлэҕэ Алексеева А.И.«Анна» ателье, Андреев Г.Г. тимири иһэрдэн оҥорууга сыах, Хаҥаласка «Артыал» Григорьева С.В. үүт бородууксуйатын оҥорууга, Түмүк нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Белолюбская К.А. олох-дьаһах өҥөтүн оҥорууга, Малдьаҕарга Иванова И.А. килиэп астыыр бэкээринэ, Таркаайыга Васильев В.В. уһанар мастарыскыай, Бордоҥҥо Иванова Л.Н. сайыҥҥы уу ситимин киллэрээһиҥҥэ, Өҥөлдьөҕө Васильева Н.В.бэкээринэҕэ саҥа оборудованиелары атыылаһыыга, Мэҥэдьэккэ транспортнай өҥөлөрү оҥоруу, Ньурбачааҥҥа Матвеев В.Д. этнокомплекс, Октябрьскай нэһилиэккэ сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэ тутуута бырайыактарынан аастылар.
Бу ааттаммыт дьоҕус биисинэһинэн дьарыктанааччылартан Малдьаҕар нэһилиэгэр чааһынай бэкээринэ сайыҥҥыттан үлэтин саҕалаабыта. Чааһынай урбаанньыт Инга Афанасьевна Иванова минньигэс, тотоойу үрүҥ, хара килиэби, бурдук ас арааһын астаан нэһилиэгин дьонуттан махталы ылыан ылла. Олохтоохтор улуус, нэһилиэк салалталарыгар бу күннэргэ махталларын биллэрдилэр.
Октябрьскай нэһилиэккэ сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэ тутуутугар 2 100 000 солк үп көрүллэн электрическэй тэриллэр, тутуу матырыйааллара атыылаһыллыбыттар. 210 кв.м. иэннээх тэпилииссэни чааһынай урбаанньыт Александр Николаевич Капустин, КФХ Василий Васильевич Куприянов буоланнар кыттыһан үлэлииллэр. Тулатыгар баар бааһына-оҕуруот сирин чөлүгэр түһэрии, экологическай ыраас оҕуруот аһын үүннэрэн нэһилиэнньэҕэ батарыы, үлэ миэстэтин таһаарыыга сыал-сорук туруорунан үлэлииллэр. Тэпилииссэни бу сыл сэтинньитигэр үлэҕэ киллэрэргэ үлэ тэтимнээхтик барар.
Сүлэҕэ ИП Алексеева А.И. «Анна» ателье, Чуукаар нэһилиэгэр бэкээринэ, Хаҥаласка үүтү пастеризациялааһын сыаҕа үлэлэрин саҕалаатылар. Түмүк нэһилиэгэр тутуу саҕаланна, атыттарга уот ситимэ киирдэҕинэ, кыһыҥҥы суолунан эбии тэриллэрэ кэллэҕинэ үлэлээбитинэн барыахтара, — диэн Александр Петрович түмүк оҥордо.
Ааптар: Антонина СЕМЁНОВА.