Антоновкаҕа норуот айымньытын дьиэтин бастакы сыбаайата түһэрилиннэ
Бүгүн, алтынньы 18 күнүгэр, Ньурба улууһун саамай улахан, Октябрьскай нэһилиэгэр улахан суолталаах бэлиэ түгэн буолла. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президимун Бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит биир дойдулаахтара Александра Овчинникова аатынан «Түһүлгэ» норуот айымньытын 2 этээстээх дьиэтин бастакы сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэрилиннэ. Нэһилиэк олохтоохторо бу түгэни 55 сыл устата күүттүлэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ньурба улууһун, нэһилиэк салайааччылара, олохтоохтор уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Бочуоттаах ыалдьыттарынан билигин үлэлии турар кулууп дьиэтин 1964 с. тутуспут нэһилиэк ытыктабыллаах кырдьаҕастара Николай Захаров, Семен Афанасьев уонна Семен Самсонов буоллулар. Сахалыы сиэри-туому норуот талааннааҕа Валентина Сухаринова ситэрэн аал уокка айах тутта, эҕэрдэ тойугунан алҕаата. Тэрээһини сахалыы сиэдэрэй таҥастаах Эбэлэр түмсүүлэрин кыттыылаахтара киэргэттилэр.
Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев эҕэрдэ тылыгар Арассыыйаҕа Тыйаатыр, СӨ-гэр Сомоҕолоһуу сылларыгар уонна Ньурба улууһугар Киһи ис кыаҕын арыйар сылын чэрчитинэн улууска култуура эйгэтигэр элбэх тутуу үлэтэ барарын, бу дьон олоҕо тупсарыгар уонна нэһилиэнньэ бары араҥата иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарарыгар аналлааҕын бэлиэтээтэ. Ол курдук быйыл Маалыкайга норуот айымньытын дьиэтэ, эһиил Хорулаҕа элбэх аналлаах култуура дьиэтэ үлэҕэ киириэхтэрэ. Ньурба куоракка 400 мөл. солк. суумалаах тыйаатыр дьиэтэ тутуута саҕаланна, 2021 с. үлэҕэ киириэхтээх. Ксенофонт Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын музейа таас дьиэҕэ көһөрүллэн, ис өттө аныгы технологияларынан саҥардыллан оҥоһуллан, эһиил кулун тутар 1 к. үлэҕэ киирэрэ былааннанар. 2021 с. Түмүк нэһилиэгэр саҥа култуура дьиэтэ тутуллуоҕа.
Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Семен Корякин, улуустааҕы култуура департаменын салайааччыта Розалия Тихонова, «Түһүлгэ» НАДЬ дириэктэрэ Мотрена Захарова, нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Самсонов уонна бэдэрээтчит «Строй-Импульс» ХЭТ гендириэктэрэ Анатолий Протопопов эмиэ истиҥ эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Бу кэнниттэн өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга бастакы сыбаайа түһэрилиннэ. Антоновкаҕа бу саҕаланар 130 мөл. солк. суумалаах баараҕай култуура эбийиэгэ эһиил номнуо бүтэн үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Ааптар: Геннадий Антонов.