Хоту сир хоһуун дьонугар, өлөөннөргө, умнуллубат бэлиэ түгэн буолла. Оройуон киинигэр «Үрэн Хоһуун сыдьаана» диэн боруонсаттан бэртээхэй пааматынньык туруорулунна. Улуус мунньаҕын дьокутаата, бастыҥ уопсастыбанньык, Арассыыйаҕа ыытыллыбыт куонкуруска кыайыы көтөллөммүт «Кэнчээри» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Алла Петрова үөрүүлээх сонунун төлөпүөнүнэн кэпсээтэ.
—Хотугу норуокка таба сүрүн баайбыт буоларынан итиэннэ чулуу табаһыттарбыт үтүө ааттарыгар сүгүрүйэн, эдэр көлүөнэ ыччакка уонна оройуоммут хас биирдии олохтооҕор сырдык өйдөбүл туоһута буоллун диэн, боруонса пааматынньык туруоруллубута дьону-сэргэни улаханнык долгутта, үөртэ. Ытын батыһыннара сылдьар табаны мииммиит уолчаан чочуллан тахсыбыта дууһаны манньытар, сүрэҕи үөрдэр.
Үөрүүлээх түгэн аал уоту аһатыыттан саҕаланна. Ыҥырыылаах ытык ыалдьыт Леонид Саввин-Түмэр Ойуун аал уоту аһатта, арчылаата, алгыс баһын сыалаата. Салгыы улууспут баһылыга Александр Иванов бар дьоҥҥо истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Кини бу пааматынньык кэнчээри ыччакка өбүгэлэрин үгэстэрин, олохторун-дьаһахтарын туһунан умнубакка өйдүү-саныы сылдьалларыгар, билэллэригэр-көрөллөрүгэр, ытыгылыылларыгар анаммытын бэлиэтээн эттэ. Сүрэҕи-быары улаханнык долгуппут маннык бэртээхэй үлэ ааптара, СӨ үтүөлээх худуоһунньуга, скульптора Афанасий Романов кэргэнэ Валентина Романова кэлэн ыалдьыттаабыта сүргэни көтөхтө.
Күүтүүлээх күммүт ырыа-тойук, үҥкүү-битии доҕуһуолланна. Норуот маастардарын үлэлэринэн быыстапка бэртээхэйэ буолла. Ыччаттар хотугу спорт көрүҥнэригэр өрө көтөҕүллэн туран күрэхтэһэн күннээтилэр. «Наһаа да үчүгэй пааматынньыктанныбыт. Өбүгэлэрбит барахсаттар үйэлэри уҥуордаабыт үгэстэрэ, олохторо-дьаһахтара, үлэлэрэ-хамнастара бүүс бүтүннүү түмүллүбүтүн киһи эрэ кэрэхсии, сөҕө көрөр. Дириҥ ис хоһоонноох. Киэн тутта көрө-истэ, харыстыы сылдьыахпыт. Манна кэлэн сынньанар буолуохпут», — диэн эдэрдэр санааларын үөрэ-көтө этэллэр, — диэтэ Алла Тарасовна.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru