Муома оскуолатын оҕолоро ийэлэрин туһунан дьүһүйэллэр

Муома оскуолатын оҕолоро ийэлэрин туһунан дьүһүйэллэр

Муома алын сүһүөх оскуолатын 3 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ учууталларын Надежда Константиновна Иванова такайыытынан сахалыы ыраастык саҥарарга, толкуйдуурга үөрэнэллэр, билиилээх, эйэлээх дьон буола улааталларыгар кыһаналлар. Былырыын оҕолор бары “Ыллык” диэн литературнай куруһуокка дьарыктаммыттара. Бүгүн «Мин ийэм мичээрэ» диэн тиэмэҕэ суруйууларын билиһиннэрэллэр.


“Ыллык” куруһуокка салайааччыбыт Мария Прокопьевна Федотова-Нулгынэт этэ. Онно биһиги хоһоон айарга үөрэммиппит. Хас да араас тиэмэлэргэ хоһоон суруйан холоммуппут. Бастакы кыайыыбыт Орто Дойду оскуолата Василий Дмитриевич Лебедев үбүлүөйүгэр анаан ыыппыт “Мин төрөөбүт дойдум” диэн тиэмэҕэ хоһоон айыыга күрэх этэ. Онно 1-2 кылаастарга Николаева Сандаара, Слепцов Костя – I, Старкова Вика – II миэстэни ылбыттара.

Бүгүн биһиги “Мин ийэм мичээрэ” диэн тиэмэҕэ Ийэлэр күннэригэр анаан суруйбут кэпсээннэрбититтэн билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.

***

Мин ийэм аата Сардаана Владимировна Ильина. Кини оскуолаҕа учуутталлыыр. Үлэтэ олус ыарахан. Ийэм сынньалаҥ кэмигэр ас астыырын, иистэнэрин сөбүлүүр.

Былырыын мин атаҕым ыалдьан балыыһаҕа сыппытым, онтон Дьокуускайга ыыппыттара. Онно эмиэ балыыһаҕа эмтэммитим. Мин ыалдьыбыппар ийэм олус долгуйбута, куоракка барса сылдьыбыта, куруук аттырбар баар буолара, ас арааһын аҕалара. Кини эрдэ төннүбүтэ. Мин өссө да уһуннук сыппытым. Дьоммун наһаа ахтар этим. Ийэбин, аҕабын, балтыбын кытта куруук телефоннаһарым. Мин балыыһаттан тахсыбыппар ийэм барахсан олус да үөрбүтэ. Ийэм үөрбүт хараҕын, мичээрин көрөн олус долгуйбутум. Кинини куруук үөрдүөхпүн баҕарабын.

Тиана.

* * *

Мин ийэм аата Ольга Афанасьевна Жиркова. Кини поликлиникаҕа үлэлиир. Кини наһаа асчыт. Миигин кыра эрдэхпиттэн астыырга үөрэтэр. Билигин “Муравейник”, бисквит, рогалик, бэчиэнньэ астыахпын сөп. Ийэм өссө самса оҥорорго үөрэттэ. Мин кинини кытта тэҥҥэ астастахпына, ийэм наһаа үөрэр. Кини наһаа үчүгэй мичээрдээх.

Нарияна.

* * *

Мин ийэм аата Айталина Спиридоновна Васильева. Кини балыыһаҕа үлэлиир. Ыарыһахтара үтүөрдэхтэринэ, наһаа үөрэр. Ийэм барыны-бары сатыыр. Олус минньигэстик астыыр.

Биирдэ ийэбин кытта куоракка көппүппүт. Маҕаһыыннарга сылдьыбыппыт. Биир улахан маҕаһыыҥҥа киирбиппит, мин олус сылайбыппын көрөн “Манна хаал, олорон сынньан” диэбитэ. Мин олорбутум-олорбутуум, ийэбин кэтэспитим. Санаабар, наһаа уһуннук кэтэспитим. Куттанан киирэн барбытым, ийэбин көрдөөбүтүм. Ийэм миигин хаалларбыт сириттэн тоҕо барбытым буолла, мунан хаалбытым. Онтон биир дьээдьэттэн көрдөспүтүм: “Ийэбэр эрийэххит дуо?” – диэн уонна нүөмэрин эппиттим. Сотору ийэм булбута уонна үөрүүтүттэн миигин сыллаан ылбыта. Онно ийэм олус да үөрбүт этэ. Мин эмиэ.

Каролина.

* * *

Мин ийэм аата Айна Арсеньевна Черова. Кини социальнайга үлэлиир. Ийэм сынньанар кэмигэр балыктыырын, отоннуурун сөбүлүүр. Биһиги дьиэ кэргэнинэн куруук айылҕаҕа тахсааччыбыт. Ол курдук ийэбит төрөөбүт күнүгэр дьиэ кэргэнинэн бырааһынньык оҥорбуппут. Ийэм наһаа үөрбүтэ. Кини үөрэн мичилийдэҕинэ наһаа кыраһыабай буолар. Мин ийэбин олус таптыыбын. Куруук үөрэ-көтө сылдьыан баҕарабын.

Сандаара.

* * *

Мин ийэм аата Анна Васильевна Старкова. Мин ийэбинээн уонна эдьиийбин кытта куруук араас астары астыырбытын сөбүлүүбүт. Кини наһаа асчыт.

Биирдэ маннык буолбута. Мин өссө детсадка сылдьар этим. Арай детсадтан кэлэн иһэн, кып-кыра куоска оҕотун булбуппут. Аһынан дьиэбитигэр илдьэ барбыппыт. Ийэбит мөҕөрө буолуо диэн куттаммыппыт. Ийэм көрөөт сөбүлэспитигэр, бары наһаа үөрбүппүт. Ол куоскабыт төрдүс сылын биһигини кытта олорор. Мин ийэм биһигини туохха барыбытыгар үөрэтэр, сүбэлиир. Кини тугу эмэ эттэҕинэ, хайаан да толорор. Биһиги үөрэхпитигэр наһаа кыһанар. Мин дьиэм аанын аһаат: “Биэс ыллым!” – диэтэхпинэ, ийэм сырдык мичээриттэн бэйэм үөрэбин.

Вика.

* * *

Мин ийэм аата Иванова Татьяна Валерьевна. Кини маҕаһыын директорынан үлэлиир. Кини ас астыырын сөбүлүүр. Араас минньигэс аһы астаан биһигини үөрдэр. Мин ийэбэр көмөлөһөөччүбүн.

Биһиги бары тыаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Биирдэ тыаҕа хоно барбыппыт. Онно икки эһэни көрбүппүт. Мин наһаа куттаммытым. Дьонум аттыбар баар буолан уоскуйбутум. Өссө биирдэ олус үчүгэй күн буолбута. Биһиги эмиэ айылҕа тахсыбыппыт. Биир сиргэ тиийэн тохтообуппут. Арай ол сиргэ биһиги иннибитинэ кимнээх эрэ аһаан барбыттар этэ. Ийэм наһаа хомойбута. Мин убайбынаан түргэн баҕайытык сыыһы-бөҕү ыраастаабыппыт, хомуйбуппут. Эдьиийим ас тарпыта, аҕабыт шашлык буһарбыта.

Наһаа үчүгэйдик сынньаммыппыт. Онтон барарбытыгар эмиэ барытын хомуйбуппут. Ону көрөн ийэм үөрбүтэ.

Ариана.

* * *

Мин ийэм аата Уваровская Ольга Афанасьевна. Кини нефтебазаҕа үлэлиир. Ийэм сынньанар кэмигэр телевизорга киинэ көрөрүн сөбүлүүр.

Мин ийэбин кытта куоракка сылдьыбытым. Биһиги араас түмэллэргэ, театрга сылдьыбыппыт. Ийэм үөрэхтээх киһи буоларбар кыһанар. Элбэх кинигэлэри, энциклопедиялары атыылаһар. Мин үөрэхпин туйгуннук бүтэрбиппэр ийэм наһаа үөрбүтэ.

Ийэ баар бу сиргэ саамай күндү киһи. Кинини харыстааҥ, көмөлөһүҥ, үөрдүҥ!

Эрчим.

* * *

Мин ийэм аата Анна Викторовна Слепцова. Кини оскуолаҕа сиэстэрэлиир. Мин ийэм наһаа асчыт. Наһаа үчүгэй туорт оҥорор.

Биирдэ миигин ыт ытырбыта. Сирэйбин уонна илиибин ытырбыта. Ону ийэм эмтээбитэ. Үтүөрбүппэр ийэм наһаа үөрбүтэ. Өссө үчүгэй сыана ыллахпына үөрэр.

Костя.

* * *

Мин ийэм аата Капитонова Ольга Федоровна. Кини орто оскуола учуутала. Сынньанар кэмигэр Интернети ааҕарын, көрөрүн сөбүлүүр.

Биирдэ кыра быраатым улаханнык ыалдьыбыта. Кинини балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Ийэм эмиэ киирбитэ. Уһун баҕайытык сыппыттара. Мин кинилэргэ ас илдьэр этим. Өссө бырааппын көрсүһэрим. Онно ийэм наһаа үөрэрэ.

Саша.

* * *

Мин ийэм аата Саргылаана Ивановна Неустроева. Кини национальнай паркаҕа бухгалтердыыр. Мин куруук аҕабын кытта тыаҕа сылдьабын. Биһиги барарбытыгар ийэм наһаа элбэх аһы буһаран биэрээччи. Биирдэ аҕабын кытта кустуу сылдьан, биир улахан хааһы өлөрбүтүм. Өссө элбэхтэ балыктыы сылдьыбытым. Биһиги бултаах дьиэбитигэр кэллэхпитинэ, ийэм наһаа үөрэр. Өссө биһиги Кыыстара диэн ыттаахпыт. Урут Стелла диэн ыттаах этибит. Кини наһаа булчут этэ. Мин ийэбин наһаа таптыыбын.

Никита.

* * *

Мин ийэм аата Туйаара Владимировна Никулина. Кини балыыһаҕа үлэлиир. Мин ийэм наһаа үчүгэйдик туорт буһарар.

Биирдэ биһиги тыаҕа тракторынан баран иһэн батыллан хаалбыппыт. Бары түһэн наһаа уһуннук хостообуппут. Мин эмиэ көмөлөспүтүм. Онтон нэһиилэ салгыы айаннаабыппыт. Онно ийэм олус үөрбүтэ.

Максим.

* * *

Мин ийэм аата Лаура Юрьевна Ларева. Кини балыыһаҕа үлэлиир. Иллэҥ кэмигэр иистэнэрин, ас астыырын сөбүлүүр.

Мин ийэбин кытта араас оҥоһуктары оҥорооччубут. Айылҕа матырыйаалларынан оҥоһук оҥорон конкурска бастаабыппар, ийэм олус үөрбүтэ. Өссө “Маленькая принцесса Момы – 2019” кыттыбыппар эмиэ наһаа үөрбүтэ. Мин ийэбэр куруук көмөлөһөбүн, оччоҕо кини үөрэр.

Эмма.

* * *

Бу курдук Муома алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрэ иһирэх кэпсээннэрин күн күбэй ийэлэригэр аныыллар.

«Индигир уоттара»