Бу күннэргэ СӨ наукатын VII бэстибээлэ ыытылла турар. “Арассыыйа – мин историям” история пааркатыгар икки күн тэриллибит быыстапкалыыр былаһааккаҕа, барыта, 150-ча кыттааччы чинчийиитэ, арыйыыта турда.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева: “Бэрт интэриэһинэй былаһаакка тэриллибит. Эдэр, биллэр учуонайдар инновационнай бырайыактара, саҥа научнай толкуйдар бааллар. Эдэр учуонайдарбытыгар улаханнык эрэнэбит. Саха сиригэр оҥоһуллубут толкуйдар аан дойдуга туһаныллалларыгар баҕарабыт”, — диэн тэрээһин аһыллыытын кэмигэр эттэ.
“Быйылгы сыл 150 сыл анараа өттүгэр арыллыбыт Менделеев табылыыссатын иитинэн ааһар. Бу кэмҥэ фантаст Жюль Верн наука фантазияны куоһарыаҕа диэн этэн турардаах. Ол кэм кэллэ. Наука балысханнык сайдар, аҕыйах сыллааҕыта эрэ олоххо киириэ суох арыйыылар күн бүгүн туһаныллаллар. Эдэрдэр ылсар эрэ буоллахтарына наука сайдар кыахтаах. Ол иһин ыччаты наукаҕа сыһыарыыга улахан болҕомтобутун уурабыт”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров бэлиэтээтэ.
Наука былаһаакката чахчы оскуола иннинээҕи саастаах оҕолортон саҕалаан, кырдьаҕас дьоҥҥо тиийэ барыларын сэҥээрдэр. Тус бэйэм, быйыл кырачааннары кэрэхсэтэр уонна дьон күннээҕи олоҕор туһанар кыахтаах чинчийиилэригэр болҕомтобун уурдум.
Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын ихтиолог-охотовед салаатын 3-с кууруһугар үөрэнэр Лилиана Федосеева остуолугар сытар соболору биир даҕаны киһи тумнан ааспата. Сахаҕа чугас буолан эбитэ дуу, итиэннэ эбиитин эдэркээн чинчийээччилэр балык хатырыгынан хас саастааҕын быһаарыахха сөп диэн сэҥээртилэр. Мин көрдөхпүнэ, иккиэн даҕаны улахан балыктар эрээри, биирдэрэ 5-6, иккиһэ 1-2 саастаах эбит.
Иккис этээскэ тэриллибит киэҥ былаһааккаҕа тустаах академия бэтэринээринэй бакылтыатын устудьуоннара Сайаана Самсонова, Юля Охлопкова, Марианна Михайловна Ершова салайыытынан күннэтэ сиэниллэр аһылык туругун бэрэбиэркэлиир араас прибордары аҕалбыттар. Манна эти бэрэбиэркэлиир трихинеллоскоп, сымыыт, үүт, оҕуруот аһын хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир прибордары туруорбуттар. Оҕуруот аһыгар нитратын бэрэбиэркэлиир прибору дьон дьиэҕэ атыылаһан туһаныан сөп, сыаната 2500 солк. саҕаланар диэн кэпсииллэр.
Онтон Тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумун устудьуоннара сыыр, сакалааттаах арыы араас көрүҥүн, күөрчэх оҥорон аҕалбыттар. Кыргыттар сыыры дьиэҕэ ханнык баҕарар хаһаайка бэйэтэ оҥостор кыахтааҕын, 5-6 чааһынан бэлэм буоларын кэпсииллэр, ону таһынан өссө ырысыабын үллэстэллэр. Аттыларыгар олорор уолаттар маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт үүт хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээн биэрэллэр.
Жатайдааҕы тиэхиньикум 1-кы кууруһун устудьуоннара Артем Соколов, Роман Дорофеев физиканы кырачааннарга быһаччы холобурдарынан көрдөрөргө холоммуттара, бэркэ табыллыбыт. “Физика сокуонугар олоҕуран, ыйааһына тирэҕинээҕэр кыра буолан сууллубат”, — диэн быһаараллар. Хас биирдии кыра оҕо тарбаҕар ууран боруобалаан көрөр, кырачаан матрешкалар тарбахтан тоҕо сууллубаттарын тута өйдүү охсубаттар, устудьуон аатын сүкпүт эдэркээн уолаттартан туоһулаһаллар.
Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Лилиана Замятина:
— Быйыл саас эксээмэн туттарыахтаахпыт. Ол иһин, научнай чинчийиини оҥордум. Эбиэһинэн, сэлиэһинэй бурдугунан, ыраас уунан аһыыр кутуйахтар доруобайдар, сымнаҕастар, холкулар. Оттон кока-коланан, чипсынан аһыыр кутуйахтар мөлтөхтөр, куота сатыыллар, сороҕор ытырыахтарын даҕаны сөп. Кариестаныахтарын, тиистэрэ мөлтүөн сөп. Кутуйахтар олус мөлтөөрү гынан бардахтарына, төттөрү доруобай аска көһөрөбүн, — диэн уопутуттан үллэстэр.
Ити курдук, быйылгы тэрээһин өрүү буоларыныы, куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарга бэрт туһалаахтык ааста. Манна быыстапканы тэҥэ араас тестэри, маастар-кылаастары ыыттылар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru