Дьааҥы ааптара Тэрэкэ Куонаанап айар куттаах киэһэтин тэрийдилэр

Дьааҥы ааптара Тэрэкэ Куонаанап айар куттаах киэһэтин тэрийдилэр

Дьааҥы улууһун култуураҕа салалтата Петр Егорович Слепцов – Тэрэкэ Куонаанап айар үлэтигэр аналлаах «Көмүс ыллык» диэн ааттаах истиҥ киэһэни тэрийдэ. Кини  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, оройуон Бочуоттаах олохтооҕо, «Эчий» түмсүү чилиэнэ, биэс кинигэ ааптара, үгэһит, поэт, «Дьааҥы аартыга» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.


Тэрээһин аан алаһатын сахалыы арчылааһын сиэринэн-туомунан Дьааҥы улууһун култуураҕа салалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ, Дьааҥы улууһун Алгысчыта – Василий Колесов арыйда. Кинигэлэрин, хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларын быыстапката тардылынна. «Көмүс ыллык» айар түһүлгэ үс түһүмэҕинэн ааста: «Дьиэ кэргэн, олоҕо», «Үлэ, үөрэх, доҕор-атас», «Айар үлэ». Бастакы түһүмэҕи уола Егор Петрович дьиэ кэргэнин, олоҕун сырдатан билиһиннэрэн арыйда.

Петр Егорович биһигин ыйаабыт сирэ Суордаах нэһилиэгэ буоларын, кыра сааһыттан Сартаҥ нэһилиэгэр көһөн кэлэн оҕо сааһа, эрчимнээх эдэр сааһа, үөрэх-билии алаһатыгар үлэлээн-хамнаан олоҕун бүк аҥаарын анаабыт. Педагогическай үлэтин Нам улууһун Үөдэй аҕыс кылаастаах оскуолатыттан саҕалаабыт. Кини бу оскуолаҕа үлэ, уруһуй, черчение учууталынан уонна 4-с кылаас салайааччытынан үлэлээбит.

Кини оҕолоругар анаабыт хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ. Бэлиэ түгэнинэн бастакы оҕото, улахан кыыһа күн сирин көрбүтэ буоларын эттэ. Оҕо иитиитигэр эйэҕэс сыһыан баар буолуохтааҕын эттэ.

Бу бэлиэ күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга оройуоннааҕы Оҕо сайдар киинигэр оройуон баһылыгын солбуйааччы Михаил Игнатьевич Осипов, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Ноговицына, Култуура салалтатын салайааччыта Надежда Васильевна Саввинова, Кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Оксана Степановна Горюнова, Үөрэҕирии салалтатын мэтэдьииһэ Ульяна Шишигина, «Эчий» түмсүү салайааччыта Раиса Чирикова, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Петр Слепцов, чугас дьоно, үөрэппит оҕолоро: Римма Никифорова, Николай Неустроев, Розалия Находкина, Алина Павлова кэлэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр, эҕэрдэ тыл үтүмэнин эттилэр.

Култуура салалтатын үлэһиттэрэ «Күндү төрөппүттэр», Баатаҕай орто оскуолатын  4 кылааһын үөрэнээччилэрэ (сал. Рожина У.П.) «Учуутал» диэн ырыаны,  5-с кылаас үөрэнээччилэрэ (сал. Неустроева Ю.П.) хоһоон этэн айар киэһэни киэргэттилэр. Маны таһынан аныгы үйэ тэтиминэн үөрэппит оҕолоруттан видеонан эҕэрдэ, Нам улууһуттан эҕэрдэ сурук кэлэн учууталларыгар, кэллиэгэлэригэр үтүө ытыктабыллаах сыһыаннара көһүннэ.

Тэрээһин быыһыгар Дьааҥы улууһугар Саха араадьыйатын общественнай кэрэспэндьиэнэ Ульяна Шишигина, Петр Егорович айар үлэтин туһунан, сырдатарын эрдэттэн кэпсэтэн, “Тэтим” араадьыйа эрэдээктэрэ Иван Тарасов сөбүлэҥин ылан быһа эфирга таһаарарыгар көмөлөстө. Петр Егорович: «Үгэ – олоххо баар араас көстүүлэри көрдөрөөрү, онон сирдэтэн олоххо баар итэҕэһи-быһаҕаһы сэмэлиир айымньы буолар. Ол эрэн бу сэмэлээһин буолбатах. Биһиги олохпут тубустун, баар сыыһа аҕыйаатын диэн сыаллаах суруллар. Онон үгэни интэриэһиргээммин суруйабын», – диэн кэпсээтэ.

Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оройуон литературатыгар сүҥкэн кылааттааҕын бэлиэтээтилэр. Бэчээккэ тахсыбыт кинигэлэрин сэгэтэн көрдөрдүлэр, айымньыларын ырыттылар. Олоҕун устата тэҥҥэ хардыылаан кэлбит идэтин, истиҥ иһирэх хоһооннорун билиһиннэрдилэр. Баатаҕайга көһөн кэлиэҕиттэн, 2008 сыллаахтан бастакы ааҕааччыбыт. 1952-1953 сс бастакы хоһоонун 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут. 2002 с «Таас Күрүлгэн» хомуурунньукка тахсыбыта. Маны тэҥэ, биир оонньуулаах пьеса суруйан турарын кэпсээтилэр.

«Хомоҕой хоһоон хоннохтоох, олоххо баары дьиҥ чахчы уот харахха бэргэнник үгэнэн үһүйэр, айар куттаах, кэрэни кэрэһилээччи, айар суруйар алаһатын биир саарына Петр Егорович Слепцов – Тэрэкэ Куонаанап» — диэн чочуллубут ураты уус тылларынан Култуура салалтатын салайааччыта Надежда Васильевна Саввинова эҕэрдэтин тиэртэ. «Көмүс ыллык» истиҥ тэрээһини Култуура салалтата, Кииннэммит бибилэтиэкэ, Үөрэҕирии салалтата тэрийдэ. Дьоһун мааны түһүлгэни СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Вера Семеновна Слепцова сахалыы тыынынан ыытта.

Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА