Таатта лиссиэйэ оҕо искусствотын оскуолатын кытта ситимнээхтик үлэлиир

Таатта лиссиэйэ оҕо искусствотын оскуолатын кытта ситимнээхтик үлэлиир

А. Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйигэр муусука кэрэ эйгэтигэр аналлаах тэрээһин иккис сылын өрө күүрүүлээхтик ааста. Хас биирдии сынньалаҥы классическай муусука кэрэ дорҕооно арыаллаан, үөрэнээччилэри, учууталлары муусука абылаҥар кууста. Нэдиэлэ устата «синтезатор» аһаҕас муннуга үлэлээн, абылаҥнаах ураты эйгэ кэҥээтэ.


Таатта лиссиэйин муусука учуутала Анна Алексеевна Новгородова Ф. С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын кытары ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, интерактивнай-биктэриинэлээх уруогу, бастыҥ көрдөрүүлээх пианино доҕуһуоллаах уруогу, инструментальнай муусука кэнсиэрин тэрийэн ыыттылар. Лиссиэй үөрэнээччилэрэ оҕо искусствотын оскуолатыгар үөрэммит сатабылларын көрдөрөн, төрөппүттэр, учууталлар, үөрэнээччилэр ортолоругар истиҥ биһирэбили ыллылар.

Ону таһынан, фортепиано преподавателэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Татьяна Иннокентьевна Сунхалырова тыыннаах муусука доҕуһуоллаах ураты уруоктары ыытта. Үөрэнээччилэр сүдү талааннаах композитордар муусукаларыттан саҕалаан саха композитордарыгар тиийэ иһиттилэр. Саха норуотун чулуу айымньыта — олоҥхо муусука тылыгар, түһүмэхтэринэн арахсан ураты дорҕоону иһитиннэрэрэ оҕолору олус сонурҕатта. Т. И. Сунхалырова саха норуота бэйэтэ туспа муусукалаах омук буоларын, ураты талааннаах композитордар муусукаларыгар олоҥхо хас биирдии сюжета туһунан ураты дорҕооннооҕун, саха норуотун сиэрэ – туома, алгыс туһунан сиһилии сэһэргээн, оҕолор сүрэхтэрин абылаата.  Тыыннаах муусука доҕуһуоллаах уруоктар үөрэнээччилэр сүрэхтэригэр умнуллубат дьикти иэйиини, хатыламмат түгэннэри хаалларбыта саарбаҕа суох.

«Муусука барыбытыгар» бырайыак чэрчитинэн Таатта лиссиэйигэр оҕо искусствотын оскуолатын преподавателлэрин ситимнээх үлэлэрин түмүгэр инструментальнай муусука кэнсиэрэ үрдүк биһирэбиллээхтик ааста. Кэнсиэргэ үөрэнээччилэр хомус, балалайка, синтезатор, гитара, баян, скрипка кэрэ матыыбыгар оонньоон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, кэрэ түгэннэри бэлэхтээтилэр. Улахан биһирэбили 11 “б” кылаас үөрэнээчитэ Ян Колодезников синтезаторга “BTS” диэн кэриэй ырыа бөлөҕүн “Fake Love” муусуката, дууһаны таарыйар Оля Луковцева скрипката (сал. Попова Д. А.), Анжелика Дайбаннырова хомуска оонньооһуна, Эльдар Колесов, Саша Тарасенко (сал. Павлов В. П.), Айсен Бурнашев, Володя Владимиров (сал. Павлов А. И.) баяҥҥа, хомус ансаамбылларын сахалыы матыыптара (сал. Колодезников С. Г., Федорова Р. Г., Аргунова Л. П.), Айсена Кычкина (сал. Аржакова Е. Е.), Джемма Слепцова, Дайаана Боярова (сал. Сунхалырова Т. И.) синтезаторга, Саина Сыромятникова балалайкаҕа (сал. Павлов В. П.) оонньоон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.  Учууталлар Аргунова Л. П., Борисов П. В., Новгородова А. А. инструментальнай муусука кэнсиэригэр көхтөөхтүк кыттан, үөрэнээччилэргэ үтүө холобуру көрдөрдүлэр.

Оҕо кыра сааһыттан муусукаҕа оонньуур сатабылы иҥэринэн улааттаҕына, кини ис айылгыта сайдан, үтүө киһи буола үүнэригэр олук уурар. Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын преподавателлэрэ үтүмэн үгүс сыл үүнэр көлүөнэни муусука кэрэ эйгэтигэр уһуйан, кэнчээри ыччат үтүө киһи буола үүнэригэр сыаналаммат кылааты киллэрэллэр.  Түгэнинэн туһанан,  Ф. С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Дария Александровна Поповаҕа уонна бииргэ үлэлиир кэлэктиибигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Ааптар: Лиана Заболоцкая 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ.