Муома алын сүһүөх оскуолатыгар Кыайыы Знамятын көрүстүлэр
Кыайыы Знамятын эстафетата үбүлүөйдээх 75 сылы көрсө сир-дойду устун айаннаан, Муома улууһугар алтынньы ый 18 күнүттэн 21 күнүгэр диэри оскуолалаларынан, тэрилтэлэринэн сырытта. Биир умнуллубат тэрээһин Муома алын сүһүөх оскуолатыгар ыытылынна.
Кыайыы кыыһар былааҕын көрсөөрү Муома начальнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ уһун көрүдүөр устун икки өттүнэн сэлэлэлии тураллар. “Школа, равнение на Знамя!” диэн хамаанда бэриллээтин кытта, чиҥ атах тыаһа иһиллэр. Ыраахтан кыһыл былааҕы күөрэччи көтөхпүт дьон, байыаннай былааҕы арыаллаан иһэр таҥастаах оҕолор колонналара көстөллөр. Кинилэр атахтарын тыаһынан доҕоһуоллатан иһэрин көрөн, ыҥырыллан кэлбит үлэ бэтэрээннэрэ сүһүөхтэригэр туран Кыайыы былааҕын көрүстүлэр. Кинини оскуола директорыгар Михалева Марианна Петровнаҕа ытыс тыаһа доҕуһуоллаах туттараллар. Марианна Петровна Кыайыы былааҕа оскуолаҕа кэлбитинэн үөрэн-көтөн туран эҕэрдэ тылы этэр.
Киэҥ фойеҕа “Эр санаа уруога” буолла. Уруогу учуутал Надежда Константиновна Иванова ыытар. Кини оҕолорго уонна үлэ бэтэрээннэригэр сэрии аҕалбыт алдьархайын, элбэх өлүүнү-сүтүүнү, элбэх куорат, бөһүөлэк, дэриэбинэ алдьаммытын-кээһэммитин, онно оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ сэриилэспиттэрин, тыылга үлэлээбиттэрин туһунан экраҥҥа көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ.
40 сыл доруобуйа харыстабылыгар бэриниилээхтик үлэлээбит, доруобуйа харыстабылын туйгуна Ирина Прокопьевна Шкулева, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын бочуоттаах бэтэрээнэ, бэтэрээннэр оройуоннааҕы сэбиэттэрин председателэ Евдокия Ивановна Слепцова, үйэ аҥара улуус үөрэҕириитигэр үлэлээбит, үөрэнээччилэр билиниилэрин ылбыт, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна Антонина Яковлевна Слепцова уонна улуус бочуоттаах олохтооҕо, бэчээт туйгуна, отут сыл үөрэхтээһиҥҥэ үлэлээбит биллэр фольклорист Григорий Михайлович Федотов бэйэлэрин олохторуттан сэрии туһунан ахтыылары оҥордулар. Ол кэнниттэн хаартыскаҕа түстүлэр.
Үлэ бэтэрээннэрэ салгыы оскуола музейыгар сырыттылар, элбэҕи көрдүлэр-иһиттилэр, төгүрүк остуолга олорон сылаас чэй истилэр. Марианна Петровна: “Бу музейга кырдьаҕас учууталбыт Мария Гаврильевна Сидорова аатын иҥэрээри, туруорса сылдьабыт. Кини тэрийбит музейыгар аатын иҥэриэхтэрэ диэн эрэнэбит”, – диэбитин бэтэрээннэр үөрэ, сэргии иһиттилэр.
Ааптар: М. ФЕДОРОВ.