Дьарҕаалаахха ийэ күнүн иһирэхтик бэлиэтээтилэр
Эбээн Бытантай Дьарҕаалааҕар Ийэ күнүн сэргэхтик көрүстүлэр. Оскуола оҕолоро сонун ис хоһоонноох кэнсиэри күндү күн күбэй ийэлэригэр бэлэхтээтилэр.
Дьарҕаалаах нэһилиэгин эдэр исписэлииһэ Саина Васильева туруоруутугар сонун үҥкүүлэр көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Бу кэнсиэри тэрийэн ыыппыт, бэлэмнээбит эдэр оҕолорго махтаннылар. «Ийэлэр мөссүөннэрэ» оҕолор харахтарынан уруһуй быыстапката болҕомтону тарта.
Иккис чааһыгар нэһилиэк ийэлэрин эҕэрдэлээн бырааһынньыктааҕы остуол тэрийдилэр. Манна кырдьаҕас саҥастар, эдьиийдэр А.Е.Никитина, А.Г.Колесова, Е.Е.Стручкова, Л.Г.Старостина мааны ыалдьыт буолан кэлбиттэрэ үөртэ. Эҕэрдэ тыл эгэлгэтэ этилиннэ, ырыа — тойук арааһа бэлэхтэннэ. Быыһыгар көрдөөх оонньууларга бары көхтөөхтүк кыттан, бэртээхэй сынньалаҥ киэһэ буолла. Маны таһынан, «Эриэккэс бүлүүдэ» күрэҕэр бастыҥнары быһаардылар.
Ааптар: Марта Горохова.