Хонууга Арчы дьиэтигэр дьон-сэргэ астына кэлэр
Хонуу бөһүөлэгин Арчы дьиэтигэр киэҥ хайысхалаах араас тэрээһиннэр буолаллар. Аҕам, орто саастаахтар бу сылаас эйгэлээх, ураты тыыннаах дьиэҕэ үөрэ-көтө түмсэллэр.
Хонууга биир умнуллубат тэрээһининэн Кыайыы Знамятын көрсүү буолла. Үлэ бэтэрээннэрэ, сэрии оҕолоро түөстэригэр мэтээллэрин кэтэн “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн Арчы дьиэтигэр ыытыллыбыт ахтыы киэһэтигэр кэллилэр. Оройуон баһылыга Павлов И.П. аҕатын сэрии бэтэрээнэ Павлов П.И., Арчы дьиэтин салайааччыта Слепцова И.Н. сэриигэ сырдык тыына быстыбыт эһэтин туһунан, сэрии оҕолоро Старков И.С., Слепцова Л.Г. ыарахан оҕо саастарын кэпсээтилэр. Кыайыы Знамятын аттыгар өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Ийэ күнүн тэрээһинигэр эдьиийдэр, эбэлэр бырааһынньыктыы таҥнан, кыра ас астаан кэллилэр. Слепцова Е. И. ырыаҕа сыһыаннаах викторина ыытта. Остуол тула олорон урукку ырыалары ыллаатылар. Захарова С.С., Скороходкина М.Р. көтөрдөр олохторун туһунан көрдөөх кэпсээннэри кэпсээтилэр. Слепцова Л.Г. таабырын бөҕөтүн таайтаран, барыларын сөхтөрдө. Ол кэнниттэн урукку музыкаларынан үҥкүүлээн, үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.
Итини таһынан 10 хонуктаах Сааһырбыттар декадалара Арчы дьиэтин салайааччыта Слепцова И.Н. көҕүлээһининэн тэрээһиннээхтик ааспытын аҕам дьон махтана саныыллар. Көрдөөх күрэхтэһиилэр, сүүрүү, скандинавскай хаамыы зарядката, умнуллан эрэр городки оонньуута сонун буоллулар. Дуобат, хаамыска, хабылык онтон да хаалсыбатылар.
Буоларын курдук, ый аайы ыытыллар алгыс элбэх киһи болҕомтотун тардар.
Биир табыллыбыт тэрээһиҥҥэ — эбэлэр күннэригэр “Эдэрбин, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыбын” диэн уларыйыы (макияж, бүрүчүөскэ, киэһээҥҥи былааччыйа) киэһэтигэр кыттан үөрдүлэр, “киһи уларыйар да эбит” диэн астыннылар. Манна барыта 11 далбар хотун кытынна. Кинилэри кэрэ сэбэрэлээх оҥорорго 7 визажист кыһаллан-мүһэллэн үлэлээтилэр. Манна ордук парикмахер идэлээх Е.Н. Готовцева уонна М.И. Барашкова оҥорбут бүрүчүөскэлэрин биһирээтилэр. М.Ф. Филиппова, Дьахтар Сэбиэтиттэн Т.А. Гермогенова, Д.С. Захарова, «Осикат» этнокиин үлэһиттэрэ Е.Д. Тарабукина, И.А. Слепцова киһи билбэт гына макияж оҥорон кыраһыабай оҥорбуттарыгар махтал тылларын тиэрдэллэр.
Өссө былырыыҥҥыттан Учуутал күнүгэр “Үөрэнэр хаһан да хойутаабат” диэн девизтээх оскуола оҕолорун курдук сананан, оскуола форматын кэтэн, маҥан баанчык баанан, тэтэрээт тутан үөрэнэллэрэ элбэх киһини үөрдэр. Ол курдук быйыл физкультура уруогун А.В. Андреев, химияны А.В. Старкова, географияны С.С. Захарова, историяны Л.Г.Степанова, английскай тылы В.Г. Тарабукина, технология урогун Нь.А. Корякин, А.А. Варламов сэргэхтик ыытан, элбэҕи биллилэр.
Бу тэрээһиннэри былааннаан, ис сүрэҕиттэн кыһаллан ыытар Арчы дьиэтин салайааччытыгар И.Н. Слепцоваҕа олохтоохтор махталларын тиэрдэллэр. Өссө да үчүгэй тэрээһиннэр буолуохтара диэн эрэнэллэр уонна күүтэллэр.
Ааптар: Г.И. ЧУГУНОВА-СЛЕПЦОВА.