Дьэлиҥдэҕэ «Тугутчаан» уһуйаан ийэ нэдиэлэтин сэргэхтик тэрийдэ
Дьэлиҥдэҕэ «Тугутчаан» уһуйааҥҥа Ийэ күнүгэр аналлаах олус сэргэх, интэриэһинэй нэдиэлэ буолан ааста. Ийэ туһунан араас бэсиэдэлэри иһиттилэр, хоһооннору, ырыалары үөрэттилэр, оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан, саамай күндү киһилэригэр бэлэх оҥорон бэлэхтээтилэр.
Дьэлиҥдэҕэ «Аарык» култуура киинигэр күн-күбэй ийэлэргэ «МАМА — первое слово, главное слово в каждой судьбе…» диэн ыҥырыылаах семинар-практикум үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Ийэлэр тэрээһинтэн түөскэ иилинэр өйдөбүнньүк бэлиэтин туттулар. Манна кыттыыны ыллылар: Павлова О.Ю. — «Тугутчаан» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Николаева М.В. — Дьэлиҥдэ нэһилиэгин аҕа баһылыгын солбуйааччыта, Ужинская М.Г. — нэһилиэк тутаах бырааһа, Иванова А.С. — дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саввина Ж.С. — орто оскуолаҕа оҕо уйулҕатын үөрэтээччи, Лавицкая Н.И. — алын кылаас учуутала, МО салайааччыта, Егорова О.Ю. — уһуйаан иитээччитэ, Алексеева В.В. — маастар иистэнээччи, Николаева М.П. — уһуйаан бэтэрээн үлэһитэ, элбэх оҕо ийэтэ.
Кырачаан уһуйаан иитиллээччилэрэ эҕэрдэ ырыаларын ыллаан чуопчааран, үөрүүлээх биэчэр арылынна.
Уһуйаан сэбиэдиссэйэ күн күбэй ийэлэргэ эҕэрдэ тылын тиэртэ. Ыалдьыттар оҕо иитиитигэр, оҕо доруобуйатын чэбдигирдэргэ араас лекциялары, сүбэлэри-амалары кэпсээн ийэлэри сэргэхситтилэр.
Ийэлэр, эбээлэр дьиэлэригэр тугунан сөбүлээн дьарыктаналларын, ким туохха дьоҕурдаахтарынан маастар-кылаас көрдөрөн, эдэр ийэлэри сэҥээртилэр. Николаева Е.И., Саввина Ж.С. оҕуруонан араас дьэрэкээн ойуулаах илин кэбиһэрдэри, ытарҕалары, илии киэргэллэрин, унтуу билэлэрин, Аммосова С.В. оҕуруонан симэммит үтүлүктэри тигии, Николаева В.А. унтуу ойуутугар кыыл таба тыһын кырааскалааһын, трафаретынан ойуу түһэрэр ньымаларын билиһиннэрдилэр. Эдэр ийэлэр тыҥырахха маникюр-шеллак (Пен Э.Н.), сарсыардааҥҥы, күнүскү, киэһээҥҥи макияж (Николаева А.А.) туһунан кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр. Юшкевич Х.В. бургеры, фри хортуоппуйу астааһын туһунан үллэһиннэ. Алексеева В.В., иискэ маастар изолонтан улахан наһаа кэрэ сибэккилэри оҥорбутун ийэлэр сэргээтилэр, фотозонаҕа хаартыскаҕа түстүлэр.
— Салгыы Дьэлиҥдэ орто оскуолатын саалатыгар улахан уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах 12 оҕо ийэлэрин кытта «Ийэ баар буолан олох баар!» диэн девизтээх спортивнай күрэххэ күөн көрүстүлэр. Уоттаах-күүстээх, бэһиэлэй киирсии түмүгүнэн «Истребители» хамаанда «Ракета» хамаандаттан аҕыйах очконан чорбойон кыайыы өрөгөйүн тутта. Бу олус бэһиэлэй, ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһии кыттыылаахтара минньигэс туорду уонна махтал суруктары тутан үөрдүлэр, — диэн кэпсээтилэр бэлэмнэнии бөлөх иитээччилэрэ Е.В.Стрекаловская, М.М.Николаева.
«Сардаҥа» хаһыат