Бу түбэлтэ 2014 сыллаахха Дьокуускай куоракка буолбута.
Оччолорго мин иккис куурус устудьуонабын, балтым уонна тастыҥ эдьиийдэрим буолан кыттыһан Сайсары оройуонугар икки хостоох кыбартыыраны куортамнастыбыт.
Биһиги иннибитинэ бу кыбартыыраҕа оҕолоох ыал олорбуттар, куорат киинин диэки көспүттэр үһү.
Биһиги утуу-субуу көһөн киирэн, үөрүү-көтүү бөҕө. Бастакы нэдиэлэбит этэҥҥэ ааста. Иккис нэдиэлэбитигэр балтым куһаҕаннык утуйабын, уубун хаммаппын диир буолбута. Онтон уопсайга миэстэ көстүбүт үһү диэн үөрэн-көтөн, хомунан түргэн үлүгэрдик көһөн хаалбыта.
Өтөр буолбата, аны эдьиийим баттатар буолла. Түһээтэхпинэ, хара күлүк түннүк аттыгар кэлэн турар, миигин одуулуур курдук диэн кэпсээннээх буолла. Чэ, ол онон хаалла.
Бары эдэр дьон буоламмыт, дьиэбитигэр наар элбэх киһи кэлэрэ-барара.
Биир киэһэ кыргыттарбыт киэргэнэн-симэнэн бары бырааһынньыкка бардылар. Үөрэхтээх киһи мин уруок аахта хааллым, киинэ көрдүм, ону-маны үлэлээбитэ буоллум, уум ончу кэлбэт. Кыргыттарым таҥнан-симэнэн баран, олоппосторун хос ортотугар хаалларан барбыттар. Олоппос аттыгар таапачыка туран хаалбыт. Ол таапачыканы орон анныгар уктум, олоппоһу орон кытыытыгар сыҕарыттым. Ороммун оҥостон, уоппун арааран утуйардыы сыттым. Ол сытан иһиттэхпинэ, дьиэм үрдэ хайдар курдук тыаһыыр. Мин куттанаммын, уоту холбоотум. Арай, көрбүтүм, орон анныгар уурбут таапачыкаларым хос ортотугар кэлбиттэр. Оччолооҕу көрөн баран ытыы сыстым, уум кэлиэ дуо? Ыксаатым, тугу да гыныахпын билбэккэ олордум. Өй булан, эдьиийбэр “хаһан кэлэҕит?” диэн батсааптаатым. Кыргыттарым сарсыарда биирдэ кэлэрдии барбыттар эбит, хата, “утуй, кэтэһимэ” диэн состороонньолоох эппиэт ыыттылар. Ол курдук, сарсыарда түөрт чааска диэри киинэ көрө сытаммын хайдах утуйбуппун билбэккэ хааллым. Уһуктубутум, дьонум кэлэн чэйдии олороллор эбит. Аны чараас дууһалаах кыргыттар куттаныахтара диэн кэпсээбэтим.
Соторунан уубун олох хаммат буолбутум, куруук утуйар аакка сылдьыбытым. Бэл, паараҕа утуйарым элбээбитэ. Аһары ноҕуруускаламмыппын диэн аахайбат буола сатыырым. Соҕотох хоно хаалар буоллахпына, дьүөгэлэрбин ыҥырарым. Табыллыбат буоллаҕына, бэйэм күүспүнэн ыалга хонорум. Хата, үс ыйынан арыый чэпчэки сыанаҕа аймахтарбыт дьиэлэрин уларсар буолбуттара, онон үһүөн онно көспүппүт.
Дьэ, ол көспүппүтүн кэнниттэн наар ыалдьыттыы кэлэр кыыс кэпсээтэ: “Мин кыра эрдэхпиттэн аһаҕас эттээхпин, ону-маны көрөбүн. Анараа дьиэҕит абааһылаах этэ, туалекка баран иһэн алҕас түгэх хос диэки хара күлүк одуулаан турарын көрбүтүм. Эһигини куттаныахтара диэн олох кэпсээбэтэҕим”. Онтон аны мин тугу көрбүппүн хап-сабар кэпсээччи буоллум. Кыргыттарым олох саҥата суох бардылар.
Ол дьиэҕэ туох буолбутун, туох күлүгэ сылдьыбытын билиҥҥээҥҥэ диэри билбэппин, хаһаайыттартан да ыйыталаһа барбатахпыт. Дьэ, дьиибэ!
“Хараҥа хос” бөлөхтөн.