Хоту сирин дьоруойдара — Эбээн Бытантай суоппардара
Суоппардар күннэрэ 2019 сылга Арассыыйаҕа алтынньы ый 27 күнүгэр бэлиэтэнэр. Ый бүтэһик өрөбүл күнэ суоппардар идэлээхтэр бырааһынньыктарынан 1976 сылтан баара биллэр. Эбээн Бытантай улууһугар бастакы массыыналар, суоппардар ааттара «Сырдык ыра аартыгынан» Моисей Иванович Захаров кинигэтигэр ахтыллар.
«Бастакы массыыналары онтон да атын техникалары ааспыт ХХ үйэ 50-с сылларыттан оройуон салалтата күүскэ туруорсан үлэни тэрийбит эбит. Ол туһунан, оччолорго оройуоҥҥа араас салайар үлэлэргэ сылдьыбыт Егор Дмитриевич Колесов ахтыытыгар олоҕуран суруйбут: «Бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан колхуос, Дьокуускайтан массыына ыллара миигин көрдөһөн командировкалаабыттара. Онно Осетровоттан массыына аҕалбаккалар ый кэриҥэ хаайтаран олорбутум. Сотору 130 мааркалаах массыынаны атыылаһан, Петр Семенович Савин, Семен Кириллович Решетников диэн суоппардары Дьокуускайтан Хаандыга-Магадан- Баатаҕай трасса суолунан, аара тарыҥҥа түһэ-түһэ 5 суукканан айаннаан кэлэн, массыынабытын сааскыга диэри Верхоянскайга хаалларбыппыт».
«Ыам ыйын 18 күнүгэр Ленин аатынан колхоз бөһүөлэгэр – Кустуурга автомассыына кэллэ. Кустуур олохтоохторо бэйэлэрин колхозтара быйыл атыыласпыт автомассыыната Саккырыыр оройуонугар аан маҥнай кэлбитинэн киэн тутталлар. Билигин автомассыына колхоз быһыттарын тутууга үлэлии сылдьар» С.Борисов.
«Бу массыынаны суоппар Саввин Петр Семенович диэн киһи бэйэтинэн сүүрдэн, оҥоһуулаах суол устун Верхоянскайга Дулҕалаах үрэҕэр диэри аҕалбыт. Бу маҥнайгы массыына 130 мааркалаах, 1.5 туонна уйуктаах, фанера кабиналаах, кэлин эрэ көлүөһэтэ тардар таһаҕас массыыната эбит. Онон, анал суола суох сиргэ – дулҕаларга, аппаларга халты тэбинэн үгүстүк буксуйар, бэйэтэ кыайан тахсыбат эбит. Дьэ, ол иһин колхоз салалтата бэрэссэдээтэл Степан Филиппович Борисов массынаны көрсө, утары солбуйааччыта Константин Афанасьевич Сыроватский салалталаах табалаах дьону көмөҕө ыыппыт». Ол туһунан үлэ, тыыл бэтэрээнэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо Попов Андрей Андреевич маннык ахтан суруйар:
«1957 сыллаахха бастакы массыына аҕалыытыгар Верхоянскайга бара сылдьыбыппыт. Мантан 7 киһи этибит: Сыроватский Иннокентий Гаврильевич, Сыроватскай Владимир Николаевич, Рожин Петр Петрович, мин сорохторун умнубуппун. 17 табанан барбыппыт. Кэлэн иһэн биир сиргэ массыынабытын үрүйэ хаспаҕар түһэрэн кээспиппит. Улахан баҕайы торуос быалаах этибит. 17 табабытын ыттыы көлүйэн баран мин сиэттим, массына газтаабытыгар тартым. Онно табалар ньылбы тардан ылбыттара. Таба оннук күүстээх, сатаан туттар киһиэхэ. Онтон Бытантайга киирэн Кумах сыһыыга тарыҥҥа түһэрэн кээспиппит. Ол сырыттахпытына Горохов Егор Николаевич атынан кэллэ. Мандыйа олохтооҕо эмиэ көмөлөстө. Бары олус түмсүүлээх этибит. Кустуурга тиийбиппитигэр үлдьү массыына үрдүгэр биһиги турбуппут, бастакы массыына кэлбитинэн эҕэрдэлээбиттэрэ. Суоппарбытыгар 2 уостаах сааны бириэмийэлээбиттэрэ, миэхэ 250 солкуобай биэрбиттэрэ, сорохторго 200 солкуобай. Онон, бастакы массыына Кустуурга 1957 сыллаахха ыам ыйыгар кэлбитэ». – Саввин Петр Семенович.
1958 сыллаахха партия, правительство массыына-тракторнай станциялары уларытан тэрийэр туһунан уурааҕа тахсыбыт. Ол уураах быһыытынан колхозтарга, тэрилтэлэргэ араас техникалары: трактордары, массыыналары, пилорамалары онтон да атын техникалары атыылыыр көҥүллэммит».
Үйэ саас тухары суоппарынан, механизаторынан үлэлээн ааспыт чулуу дьоммут: республика транспорын үтүөлээх үлэһитэ, Государственнай бириэмийэ лауреата, оройуон хас да төгүллээх чемпион суоппара, механизатор Егор Егорович Рожин; суоппар – Олейник Виктор Иванович; механизатор – Сотрудников Константин Софронович; суоппар Слепцов Иннокентий Ильич; бэтэрээн механизатор – Иннокентий Алексеевич Стручков; пенсионер механизатор – Колесов Егор Федотович; Кустууртан бастакы суоппар Горохов Гаврил Михайлович; 1960 с. ГАЗ-51 грузовой массыынаҕа үлэлээбит – Степан Прокопьевич Слепцов; ЗИЛ-51 массыынаҕа Руфов Алексей, К.Решетников, ДТ-54 тракторга Леханов Василий, Старостин Дмитрий Петрович үлэлээбиттэр.
Кырдьаҕас механизатор Степан Прокопьевич Слепцов ахтыыттан: «Оройуон бастакы бастыҥ суоппардарынан Горохов Гаврил Михайлович, Слепцов Пионер этилэр. Армияҕа сылдьан суоппар идэтин ылан кэлбиттэрэ. Бастакы трактористарынан, мин билэрбинэн, Старостин Дмитрий Петрович, Колесов Егор Федотович, Стручков Иннокентий Алексеевич этилэр.
Массыыналарбытын, трактордарбытын оҕолорбут курдук көрөбүт-истэрбит, сууйарбыт-соторбут. Сороҕор өрөбүлэ да суох үлэлиирбит. Бары бэйэ-бэйэбитигэр куруук көмөлөһөр этибит. Горохов Гаврил Михайлович куруук күлэ-үөрэ сылдьара биһигини үлэҕэ көҕүлүүрэ».
«Ити курдук, сылтан-сыл араас техника саҥаттан-саҥа кэлэн испиттэр. Кэлии-барыы, таһаҕас тиэйиитэ тупсубут. Оччоттон билиҥҥэ диэри массыына суола оҥоһуута кыайтара илик. Бу саҥа ХХI үйэҕэ үктэнэн баран кутуу суол оҥоһуута саҕаланан бара турар. Билигин да кыһынын быстах көннөрүүнэн «автозимник» диэн ааттаан сылдьабыт. Үүнүү-сайдыы күүһүрэн иһэр. Онон бу оҥоһуллан иһэр суол сүрүн трассаҕа сотору кэминэн холбоһуоҕа, сырыы-айан, таһаҕас тиэйиитэ, өссө тупсуо турдаҕа» – диэн бүк эрэллээхтик Моисей Иванович «бастакы массыына» главатын түмүктүүр.
Тыа сиригэр, ордук биһиги курдук суола-ииһэ күчүмэҕэй сиргэ суоппарынан үлэлиир кырата суох күүс-уох, хорсун-быһыы, эр санааны эрэйэр. Суоппар киһи олус симик, ону бу ыйытык оҥорор кэммэр өссө төгүл бэлиэтээтим, кыратык уустук соҕус буолла эрээри биһиги суоппардарбытын кытта кэпсэттим.
Иннокентий Горохов, ыраах айан суоппара:
— Кустуур нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, улуус киинигэр күтүөт буолан олохсуйан олоробун. Массыынаны ыытарга бэйэм үөрэммитим, онтон 18 сааспын туолан баран автооскуоланы түмүктээн, маҥнайгы правабын ылбытым. Бастаан от мас тиэйэн саҕалаабытым. Онтон уматык тиэйэр массыынанан ньиэп бородуукталарын тиэйэр этим. Билигин «Якутопторг» таһаҕаһын тиэйиинэн дьарыктанабын, быыһыгар чааһынай атыыһыттарга таһаҕастарын аҕалабын. Айанныыр маршруппут үксэ Саккырыыртан – Дьокуускайга диэри. Ардыгар ыраах айаннарга сылдьааччыбын. Биллэн турар итинник айаҥҥа араас быһылааннар тахсаллар. Уу-хаар, алдьаныы ол-бу үгүс. Маннык түбэлтэлэргэ түбэһэ сылдьыбытым, ол эрэн сырдатыахпын баҕарбаппын. Маннык үлэлиир суоппар дьон сүрүн сыалбыт тиэйэр таһаҕаскын этэҥҥэ үчүгэйдик, болдьоммут кэмигэр тиэрдэр туһугар кыһаллар буоллахпыт. Ол баран иһэн алдьанан эҥин хааллаххына, хас эмэ төгүл ночоотуруоххун, аһы-үөлү да буорту гыныаххын сөп. Ол икки өттүгэр охсуулаах. Ол иһин аан маҥнай барытын көрүнэн, алҕас туох эрэ буолар түгэнин барытын учуоттаан баран турунабыт суолга.
Николай Степанов, ыраах айан суоппара:
— Маҥнайгы правабын 18 сааспын туолаат ылбытым. Массыынаны ыытарга аҕам Афанасий Степанов кыра эрдэхпиттэн наар бэйэтин кытта илдьэ сылдьан үөрэппитэ. Эбээн-Бытантай улууһун дьаһалтатыгар суоппарынан өр кэмҥэ үлэлии сылдьыбытым. Билигин улахан массыына уруулугар олорбутум номнуо хас да сыл буолла. Дьокуускайтан араас мал тиэйэбин, чааһынайдар таһаҕастарын, урбаанньыттар атыыларын малларын, бородуукталарын. Ыраах рейстэр туһунан кэпсээ, ханнык-ханнык маршрутунан айанныыгын диэн ыйытыккар эппиэттиир уустук соҕус, тоҕо диэтэр элбэх буоллаҕа дии. Холобур Саккырыыртан — Баатаҕай — Тополинай – Хаандыга — Таатта – Чурапчы — Бэстээх – Дьокуускай. Итинник айаҥҥа араас быһылааннарга түбэһэ сылдьыбытым. Ыраах сирдэр суоллара араас. Тоҥуу-хатыы, алдьаныы да ханна барыай… Манна массыынаҕын эрдэттэн барытын көрүнэн, үчүгэйдик оҥостон баран, тиэхиньикэҕэр эрэллээх эрэ буоллаххына айанныахтааххын уонна сиэри-туому тутуһан, сири-уоту аһатан диэбит курдук. Холобура, Саха сирин суоппардара бары билэллэр, Тополинайга барыыга улахан хас да килэмиэтир усталаах тааҥ тахсар сирэ баар. Онно инники сылдьыбыт массыыналар суолларын батыһыаххын наада. Килэгир мууска сыаптаах массыына барбытынан айанныырыҥ эрэбил. Мууска көстөр. Хоту айанныыргытыгар туох кыһалҕа баара, арааһа барыта биллэрэ-көстөрө буолуо. Бастатан туран бензин, сэлээркэ сыаната күнтэн күн ыараан иһэр, суол куһаҕана, сапчаас сыаната эмиэ дэлби ыараата. Кэлин Россия массыыната тиэйии-таһыы ырыынагыттан үтүрүллэн эрэр быһыылаах диэн этиини кытта биһиги хоту дьоно сөбүлэспэппит, тоҕо диэтэр биһиэхэ барыбытыгар «Камаз» эрэ. Суолбут куһаҕан буолан аныгы омук массыыналар бэттэх кэлбэттэр.
ГИБДД үлэһиттэрин туһунан ыйытыккар этиэм этэ, бастатан туран суол быраабылатын кэспэккэ, тутуһан, докумуонун өттө барыта үчүгэй буоллаҕына туох да кыһалҕа суох буолар уонна хотуттан сылдьаллар диэн дьиҥэ өйдүүллэр ээ. Түмүккэ бары суоппардары идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин! Ыраах-чугас айаҥҥа сылдьар айаҥҥыт этэҥҥэ буоллун, доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!
Михаил, Светлана Копыриннар, такси өҥөлөөх суоппардар:
— Кэргэним Михаил идэтэ тракторист, билигин биэнсийэҕэ олорор. Боростуой суоппар, ыраах рейстэргэ сылдьыбат. Сүрүн кыһалҕабыт диэн суол туруга мөлтөҕө. Суолбут бүтүннүүтэ барыта таас дии, итиннэ кумах кутуллуон наада. Чааһынай суол оҥорооччулары кытта дуогабар түһэрсэн үлэлэтэн эрэ кыайдахха. Суол оҥорор тэрилтэ улууска баар эрдэҕинэ биһиги, ол саҕана дорожниктар ити бөһүөлэк суолун хаста да оҥорон, өрөмүөннээн үлэлиир этибит. Билигин ол тэрилтэбит сабыллан, нэһилиэк иһигэр баар суол өрөмүөннэммитин өйдөөбөппүт да буоллар саҥардан, тупсаран биэриэхтэрэ диэн эрэллээхпит.
Альберт Монастырев, такси өҥөлөөх суоппар:
— 1993 сылга суоппар көҥүлүн ылбытым, онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри уруулга олорор суоппарбын. Маҥнайгы массыынам 52-лээх, норуокка ааттанара «Хаһаайка» диэн массыына этэ. Анаан тэрилтэҕэ диэн суоппардаабатаҕым, ыраах рейстэргэ эмиэ сылдьыбаппын. Кыра массыынанан нэһилиэктэр икки арыдларыгар уонна бөһүөлэк иһинэн сылдьабын. Кэнники сылларга суол тупсубут дуо, диэн ыйытыккар этиэм этэ, нэһилиэк суола мөлтөөн иһэр диэн бэлиэтээн көрөбүн. Суол кытаанаҕар эрэ сүүрэбит, уута-хаара суоҕар. Нэһилиэк иһигэр аныгы омук массыына элбээбитэ көстөр эрээри, биһиги суолбутугар бэйэбит дойдубут (российскай) массыыналара ордуктар, быдан бөҕө буолаллар. ГИБДД үлэһиттэрэ диэн суоппардар таҥарабыт буоллаҕа дии, таҥарабытын хайаан куһаҕан үлэлээх диэхпитий, куруук үчүгэй. Кыһалҕалар диэн, сыана барыта күнтэн күн үрдээн иһэр. Түмүккэ туох кыаллыбатах баҕа санаалааххыный диир буоллаххына, суол оҥоһуута кыаллара ыраах буолуо, ол иһин саатар уматык сыаната Баатаҕайы кытта тэҥнэһэрэ буоллар диэн этиэм этэ. Уматыктаах буоллахпытына бэйэбит отпутун-маспытын аа-дьуо дьаһаныа этибит. Бензин чэпчэки буоллаҕына эрэ, дьоҥҥо оҥоһуллар араас өҥө барыта чэпчиир кыахтаах.
Бу курдук өрүү үлэ үөһүгэр сылдьар суоппардарбыт кылгастык уонна олус симиктик бэйэлэрин ыарахан үлэлэрин туһунан кэпсииллэр. Матырыйаал тиһэх чааһыгар хас биирдии тылын кытта сөбүлэһэн, суоппардарга махтанан, кинилэри эҕэрдэлээн туран «Тойтон» кэнсиэр агентствота бэлэмнээбит «Айан тэтимэ» кэнсиэригэр аналлаах видеоролик тылларын түмүк этии быһыытынан туһанным.
«Хас биирди англичанин олоҕун устата саатар биирдэ эмит Европаны барытын массынанан бүтүннүү кэрийбит киһии, диэн баҕарар. Онтон биһиги суоппардарбыт нэдиэлэҕэ иккитэ ити Европа курдук сири айанныыллар. Аны биллэн турар, биһиги суолбут Европа асфальтын курдук үчүгэй буолбатах буоллаҕа дии, биһиэнин диэн дьэ, бэйэҕит билэҕит хайдаҕын… Ол эрэн, биһиги суоппардарбытын ол тохтоппот. Биһиги дьоммут чахчы киэҥ көҕүстээх киэн туттар дьоммут. Төһөлөөх элбэхтик кинилэргэ биһиги олохпутун эрэннэрбиппитий? Төһөлөөх элбэх уонна ыйааһыннаах малларбытын тастарбыппытый? Толору ааттарын да билбэккэ сылдьан биһиги кинилэргэ эрэнэбит уонна бу эрэлбититтэн олохпут сайдыыта тутулуктаах. Быраас биитэр учуутал курдук, суоппардарбыт биир тэҥнээх таһымҥа дьон ытыктабылыгар тураллар. Төһөлөөх элбэх да араас түгэннэргэ хас биирдиибитин абыраабыттарай? Киһи массыына ылыннаҕына кини супер-герой курдук буолар. Хаһан да биллибэтэх дьон бары эмискэ эйиэхэ биллэллэр, хаһан да биллибэтэх аймахтаргар саамай үчүгэй аймахтара буола түһэҕин. Уонна сүүс киһини таспыккыттан үс киһитэ махтанара биллибэт… Төһө да итинник олох тэтимигэр сырыттарбыт чахчыта мыссыыналаах киһи уопсастыбаҕа оҥорор туһата быраас оҥорор үлэтиттэн хаалсыбат. Хоту сиригэр, орто улуустарга, арҕаа-эҥэр олох тохтуур суоппар айаннаан кэлбэтэ даҕаны. Күн хас да чааһа буоллун киниэхэ ол суолтата суох! Дьыл ханнык да кэмэ буоллун киниэхэ ол суолтата суох! Дьиҥ хоту сирин геройдара, боотурдара буолаллар биһиги суоппардарбыт».
Илана Колесова