Таатта талба талааннаахтарын чиэстээтилэр

Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта тыйаатырын киэҥ уораҕайыгар «Таатта талба талаана-2019» диэн  быйылгы сылга норуот тылынан уус-уран айымньытын толорууга күөн күрэстэргэ кыттан үрдүк ситиһиилэммиттэри,  бастыҥтан-бастыҥнары чиэстээһин дьоро түһүлгэтэ тэрилиннэ.


Тэрээһин туһунан сиһилии улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга  управлениетыттан норуот айымньытын дьиэтин  фольклору сүрүннүүр исписэлииһэ Майя Егорова уонна Дьохсоҕон нэһилиэгиттэн Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Анна Константинова иһитиннэрдилэр.

Фольклору сүрүннүүр исписэлиис Майя Егорова:

— Тэрээһин «төгүрүк остуолтан» саҕаланна. Олоҥхо алыптаах хомуһунун иҥэриммит Таатта, Эдьигээн улуустарын уонна Чөркөөх нэһилиэгин бочуоттаах  гражданина, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, ЮНЕСКО стипендиата, Сахабыт сирин аар-саарга аатырдыбыт Ийэ Олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Айыы Дьураҕастай. Уордайа Хаан»  олоҥхолорун кинигэтин  тула кэпсэтии, ырытыы, санааны үллэстии олус сэргэхтик ыытылынна. Олоҥхону сэҥээрээччилэр кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. Олоҥхо тыла-өһө уратытын, уранын, баайын сөҕөн-махтайан бэлиэтээтилэр, холобурдаатылар. Эдэрдэр ыйытыыларыгар толору хоруйдары ыллылар, санааларын үллэһиннилэр. Кэпсэтиини дьохсоҕоттор кийииттэрэ, киин бибилэтиэкэ методиһа Сардаана Кычкина ис сүрэҕиттэн кыһаллан, болҕомтотун ууран бэлэмнэнэн иилээн-саҕалаан ыыппыта кэрэхсэннэ.

Салгыы Илин эҥэр, өрөспүүбүлүкэ, аан дойду таһымыгар  норуот тылынан уус-уран айымньытын тиэрдиигэ ситиһиилээхтик үлэлэспит фольклор бөлөхтөрө, биирдиилээн дьон бу күн дуорааннаахтык ааттаннылар. Киэн туттар бастыҥ дьоммут дьон-сэргэ ортотугар долгуйа, күөгэлдьиһэ хааман киирбиттэрэ көрүөхтэн чахчы да астык уонна ураты долгутуулаах буолла. Кинилэргэ улуус баһылыга Михаил Соров, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын салайааччыта Гаврил Вырдылин,  управление кэлэктиибэ, уо.д.а. махтал тылларын маанытын, баҕа санааларын бастыҥын эттилэр, анал бэлиэлэр туттарылыннылар.

«Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» (Дьохсоҕон), «Дьолуо», «Удьурҕай», «Оһуор», «Күн чөмчүүк» (ытык күөллэр), «Көһөҥө ситим», «Күбэйэ», «Далбар» (Чөркөөх), «Дорҕоон тойук», «Чыпчаххай» (Харбалаах), «Кылыһах» (Тыараһа), «Иэйии» (Туора Күөл) уо.д.а. фольклор бөлөхтөрө, биирдиилээн  дьон төрөөбүт дойдуларын аатын киэҥ сиргэ өрө тутан ааттаталлара, норуот тылынан уус-уран айымньытын сүрэхтэригэр иҥэрэн, болҕомтолорун ууран, үрдүк эппиэтинэһи сүгэн үлэлэһэллэрэ, сыраны эрэйэр үлэлэригэр эдэрдэри угуйаллара барыбытыгар үтүө холобур буолуоҕун буолар. Биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох, — диэтэ.

—Үөрүүлээх тэрээһин үрдүк сыанатыгар дорҕоонноохтук ааттанан, анаан ыҥырыллан, кыһыл көбүөрүнэн өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылаахтара «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» тахсыылара саала иһигэр олорооччулары улаханнык үөртэ, ытыс тыаһа уҕараабата.  Оттон нэһилиэккэ олоҥхону толорууну  бастакынан саҕалаабыт, куруук ыллаан-туойан, оһуохайдаан дьону-сэргэни үөрдэр  ытык кырдьаҕаспыт, сыана бэтэрээнэ Валентина Харайданова-Эбээ Валя сиэннэрин кытта киириитэ, бу кэнчээри ыччат олоҥхону, тойугу сэҥээрэрин өссө төгүл бигэргэттэ.

Түгэнинэн туһанан, «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» бөлөх салайааччытыгар Афанасий Николаевич Поповка биһигини, олоҥхону сэҥээрээччилэри, толорорго холонооччулары уонна эдэр ыччаты болҕомтотугар ылан, түмэ тардан дьаныардаахтык, дьулуурдаахтык үөрэтэригэр-такайарыгар, бэлэмнииригэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран улахан махталбытын тиэрдэбит.  Кини кыһамньытынан бэлэмнэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ ааты ылар улахан чиэскэ тиксибиппититтэн олус үөрэбит, киэн туттабыт.

Ытыктыыр, киэн туттар дьоммутугар, салайааччыбытыгар Афанасий Николаевич Поповка, куруук көх-нэм буолар, олоҥхону толорор, холобур буолар дьоммутугар Иван Иванович Потаповка,  Владимир Петрович Колотинскайга, Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валяҕа уонна эдэр ыччаттарбытыгар: Майя Беленковаҕа,  Маша Карбакановаҕа,  Лариса Поповаҕа,  Алик Макаровка,  Илларион Ефремовка, Семен Баснаевка, о.д.а., биһигини куруук өйүүр, көх-нэм буолар, бэйэтинэн үтүө холобуру көрдөрөр, олоҥхону тэҥҥэ толорсор нэһилиэкпит баһылыгар Петр Захаровка дьохсоҕоттор үлэлэригэр-хамнастарыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Тус бэйэм бу бөлөххө сылдьан олоҥхону  толорорго үөрэнэрбиттэн-такайылларбыттан, уһуйулларбыттан наһаа үөрэрбин, хас бэлэмнэниибит ахсын санаам уратытык көтөҕүллэн тиийэрбин бэлиэтээн этэбин.

Түмүккэ, үөрүүлээх дьоро тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, ыҥырыллыбыт бар дьоҥҥо биир дойдулаахтарбыт мэлдьи үтүө холобур буола туруҥ диэн эппит алгыс тылларын тиэрдэбин, — диэтэ Анна Константинова.

Бары ыҥырыылаахтар, ыалдьыттар, тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт, тэрийбит дьоҥҥо махтанан, дьоро күнтэн астынан, дуоһуйа сынньанан тарҕаспыттар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

0
0