Дьокуускайга Уустаах Избеков аатынан уулусса баар буолла

Дьокуускай куорат Сайсары уокуругар  Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, култуура, ускуустуба биллиилээх диэйэтэлэ, драматург, суруйааччы, худуоһунньук, үҥкүү туруорааччы, бөдөҥ этнограф Иоаким  Дмитриевич Избеков аатынан уулусса ааттанна.

edersaas.ru

Кинини, саха омук мусукаалынай инструменнарын сөргүтээччини, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кыталык” норуодунай үҥкүү ансаамбылын консультанын, аатырбыт “Оһуор” үҥкүүнэн эмиэ эндэппэккэ билэллэр. Иоаким Дмитриевич — бу ансаамбыл салайааччытын,  РФ, СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитин,  Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреатын Василий Винокуров-Кыталык Баһылай учуутала, уһуйааччыта буолар. Василий Павлович бүгүн манна Майаттан ансаамбылын кытта кэлбит.

Быйыл, төрөөбүтэ 110 сылыгар, Уустаах Избеков аата Сайсары уокуругар, Билиибин уулуссата Геологтар бөһүөлэктэригэр туоруур быһа охсуһуутуттан саҕаланар саҥа уулуссаҕа иҥэрилиннэ. Билиҥҥитэ бу — аспаал өссө уурулла илик, гравийынан сытар, омос көрдөххө, кылгас уулусса курдук.   Ол эрээри, куораты тутааччылар былааннарынан, инникитин кэҥиэҕэ, тупсуоҕа, элбэх саҥа дьиэнэн дьэндэйиэҕэ, 2,5 километрдаах сиринэн,  Сэргэлээх шоссетыгар тахсан, Медцентргэ тиийэ тыргыллыаҕа.

РФ үтүөлээх кэлэктиибэ «Кыталык» норуодунай үҥкүү ансаамбыла.

Уулусса үөрүүлээх аһыллыытыгар, үтүөлээх артыыс Иоаким Избеков өр айымньылаахтык үлэлээбит Былатыан Ойуунускай аатынан Сахатын тыйаатырыттан, дириэктэр, РФ үтүөлээх, саха норуодунай артыыһа Анатолий Николаев эҕэрдэ тылы эттэ. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кини салалтатынан бүтүн дэлэгээссийэ кэлбит. Ол курдук, артыыстар Ефим Степанов, Изабелла Николаева, Софья Баранова, Матрена Седельникова, Домна Уйгурова, Ньургуйаана Шадрина, Николай Протасов, о.д.а. манна баалларын бэлиэтии көрдүм.

 

Уустаах Избеков аатынан уулусса аһылынна!

Оттон СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий КУПРИЯНОВ:

– Тыйаатыр сылынан Дьокуускайга артыыс аатынан уулусса аһыллыбытынан барыгытын истиҥник эҕэрдэлиибин! Талааннаах артыыс, драматург, норуот ырыаһыта Иоаким Дмитриевич Избеков-Уустаах Избеков саха норуотун култууратыгар, тыйаатыр ускуустубатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Култуура, ускуустуба диэйэтэллэрин ааттарын уулуссаҕа иҥэрии Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэҕэ бүттүүнүгэр үтүө үгэһинэн буолуоҕа диэн эрэнэбит, — диэтэ.

Юрий Степанович: “Иоаким Дмитриевич Сайсарыга олорон, дэҥҥэ көстөр иллэҥ кэмнэригэр урут бу сирдэринэн сөбүлээн сылдьара, мантан чугас күөлгэ ардыгар  кустуура эбитэ үһү…”, — диэбитин мустубут дьон сэргии иһиттибит.

Уустаах Избеков сиэнэ, Альбина Иоакимовна кыыһа юрист идэлээх Майя.

— 60-70-с сылларга биһиги дьиэ кэргэн бу куоракка, Сайсарыга оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ олорбуппут. Аҕам сарсыарда аайы олус эрдэ туран, оһоҕун оттон баран,  үлэлии олорор буолара. Онтон тапталлаах тыйаатырыгар үлэтигэр тиэтэйэрэ… Испэктээк кэнниттэн киэһэ хойут кэлэрэ. Аҕам хайдах барытын ситиһэрэ эбитэ буолла?! Билигин санаатахпына, кини букатын эрдэттэн – өссө 30-40-с сыллартан, фольклору чинчийэр сыалы-соругу бэйэтигэр  туруоруммут эбит. Наһаа элбэҕи үлэлиирэ. Суруйара, айара, уруһуйдуура, саха төрүт былыргы мусукаалынай инструменнарын чинчийэрэ, сөргүтэрэ. Оттон бириэмэ буллар эрэ, улахан дьиэ кэргэн аҕата,  тыаҕа тахсан бултуура, мантан чугас күөл баар буолуохтаах, онно кустуура…  Онон, бэйэтэ бэркэ сөбүлээн сылдьыбыт сирдэринэн барар уулусса аҕам аатын сүкпүтэ олус үөрүүлээх. Куорат дьаһалтатыгар, дьокутааттарыгар, олохтоохторугар, биир дойдулаахтарбытыгар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун  “Кыталык”  норуодунай ансаамбылыгар — бука барыгытыгар махталбын биллэрэбин!, — диэтэ Иоаким Дмитриевич кыыһа, биллэр-көстөр суруналыыс, суруйааччы Альбина Избекова.

 

Уустаах Избеков кыыһа Альбина Иоакимовна, хос сиэнэ Лева, уола Иоаким Иоакимович (ортоку тураллар), сиэннэр, доҕоттор.

Саха тыйаатырын артыыстара, доҕоттор уонна ыччаттар.

 

Итиэннэ, Тыйаатыр сылыгар артыыс аатынан уулусса аһыллыытыгар Ил Түмэн Сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуодунай дьокутааттарын оройуоннааҕы Сэбиэттэрин бэрэссэдээтээлэ Павел Сазонов, Сайсары уокуругун управатын салайааччы Леонид Бэстиинэп эҕэрдэ тыл эттилэр.

Чахчыта да, Арассыыйаҕа Тыйаатыр сылыгар Дьокуускайга артыыс аатынан уулусса ааттанара – бу улахан суолталаах, чаҕылхай  сабыытыйа! Этэргэ дылы, бүгүн биһиги бука бары устуоруйаҕа хардыыны оҥордубут.

Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru

Ааптар уонна Ангелла Попова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

0
0