Үгүс киһи фэн-шуй үөрэҕин, илиҥҥи астрологтар таайыыларын олоҕор туһанара баар чахчы.
edersaas.ru
Кэлиҥҥи кэмҥэ киһи олоҕун “энергетическэй хаартатын” эбэтэр “дьылҕа хаартатын” — төрөөбүт күнүн, сылын, чааһын сыыппараларынан ааҕар-суоттуур кытай “Бацзы” ньыматын хото туһанар буоллулар. Дьикти ньыма туһунан бу эйгэҕэ үлэлиир Нарыйа Охлопкованы кытта анаан көрсөн кэпсэттим.
“Тус олохпун уларыппытым…”
— Нарыйа, “бацзы” курдук “дьылҕа хаартата” дэнэр аныгы ыччат интэриэһиргиир эйгэтэ ыал буолууга, дьиэ кэргэн олоҕор туох оруоллааҕый?
— Бастаан холобур быһыытынан, бэйэбиттэн саҕалыым дуу. Бу ньыма көмөтүнэн мин тус олохпун уларыппытым. Улахан тапталынан ыал буолбутум. Кэргэмминиин иккиэн биир тэрилтэҕэ үлэлиир буолан, үлэбит биһигини холбообута. Сэттэ сыл олорбуппут да, кыайан оҕоломмотохпут. Кэлин “Бацзыны” – “дьылҕа хаартатын” ньыматын үөрэтэн баран, ол төрүөтүн билбитим. Бэйэ-бэйэлэрин Үөһээ Айыылар анаан алҕаан холбообут дьоно ис айылгыларыгар сөп түбэспэт өрүттээхтэр эбит. Оннук түбэлтэҕэ оҕо үөскээмиэн сөп. Мин иккиэммит төрөөбүт сылбыт, күммүт, чааспыт сыыппараларын ааҕан-суоттаан баран, көннөрөн-тэҥнээн (“коррекциялаан”) биэрбитим. Ол түмүгэр икки сыллааҕыта уолламмыппыт.
— Тыый, олох остуоруйа курдук дии?
— Омос иһиттэххэ, кырдьык, оннук курдук. “Бацзы” курдук “дьылҕа хаартатын” ааҕарга үөрэнэн баран, тус бэйэбэр туһаммытым үгүс. Холобура, идэбин уларыппытым. Баан үлэһитэ этим. ХИФУ ФЭИ-тин бүтэрэн баран, дойдубар Тааттаҕа улуус киинигэр Ытык Күөлгэ “Таатта-бааҥҥа” экэнэмиистээбитим. Оо, түөрт сылы нэһиилэ тулуйбутум. Идэбин сыыһа талбыппын өйдөөн, ханна да барыахпын билбэт этим. Өрүү тугум эрэ тиийбэт курдуга, ис уйулҕам олус тууйуллубута. Устунан ньиэрбинэйдиир буолан барбытым. Ону барытын чугас дьонум – ийэм уонна кэргэним тулуйаллара. Онтон куоракка көһөн кэлэн баран, “бэйэбин көрдөөбүтүм”: сетевой маркетиҥҥа да үлэлээбитим, страховка хампаанньатыгар экэнэмиистээбитим. Биир күн фэн-шуй исписэлииһин маастар-кылааһыгар сылдьан баран, кытайдар “Бацзы” диэн ньымаларынан олоххо уларытыыны киллэриэххэ сөбүн билбитим. Страховкалааһын агенынан үлэлиир кэллиэгэм көрдөһүүтүнэн кини “энергетическэй хаартатын” суоттаан таһааран, “Бацзы” тылынан “харчы тыынын күүһүрдүбүтүм”. Арай биир күн кэллиэгэм үөрэн аҕай кэллэ: “Дьылҕам хаартата үлэлээтэ – дьиэ ылан эрэбин!” Аны бэйэбэр “энергетическэй хаартаны” оҥордум. Биллэн турар, соругум – оҕолонорго. Сотору кэминэн “Бацзы” хаартатын көмөтүнэн тус олохпун “коррекциялаан” биэрбитим.
Эр киһи уонна дьахтар уратылара
— “Дьылҕа хаартата” олох бары өрүттэригэр “үлэлиир” дуо?
— Киһи олоҕун тутулун: тус олох, үп-харчы, оҕо, дьиэ кэргэн, үлэ – маны барытын ааҕан-суоттаан таһаарыахха сөп. Экэнэмиис үөрэхтээх буолан, миэхэ ааҕарга-суоттуурга чэпчэки. “Дьылҕатын хаартатын” толорторор киһиэхэ “Бацзы” суотунан сорудах биэрэҕин. Ол сүбэни толордоххуна, “энергетическэй хаартаҥ” олоххун уларытар.
— Ол хайдах?…
— Үөрэтэн билбитим, “Бацзы” ньыматыгар “тапсар уонна тапсыбат пааралар” диэн өйдөбүл баар эбит. Ааҕыы-суот түмүгэр, эр киһи уонна дьахтар уратытынан мин кэргэмминиин тапсыбат пааралар эбиппит. Сыыппараны ааҕыы ньыматынан иккиэммит сыһыаммытын “көннөрөн” биэрбитим. Хомойуох иһин, төһөлөөх элбэх бэйэ-бэйэлэрин күндүтүк саныыр дьон оҕолоро суоҕуттан кыыһырсан арахсаллара буолуой? Биһиги бастаан бу ньыманы билбэт эрдэхпитинэ, “экону” туһанаары гыммыппытыгар: “Эдэр, доруобай дьоҥҥут. Бэйэҕит оҕолонуоххут”, — диэн аккаастаабыттара. Биһиги эрэ буолуо дуо, өрөспүүбүлүкэбитигэр “оҕоломмот буолуу диагноһа” олус тэнийбит кыһалҕа эбит. Бу туһунан мин Медкииҥҥэ көрдөрүнэ сылдьан билбитим. Бырааска уочаракка олорон, эдэр дьахталлар олохпутун кэпсэтэр этибит. Онно, нууччалыы эттэххэ, “первое бесплодие” диэн диагнозтаах ыччаттар хоту уонна соҕуруу улуустартан наһаа элбэх этибит. Аны бастакы оҕо кэнниттэн иккис оҕолонууларыгар кыһалҕалаах эмиэ үгүс.
— Эн хас оҕолооххунуй?
— Биир. 2020 сылга өссө оҕолонорго былаанныыбыт.
— Ол тоҕо чуо кэлэр сылга? Туох эрэ төрүөттээх дуо?
— Илиҥҥи халандаарга 12 кыыл, харамай баар дии. Мин Оҕус сылыгар төрөөбүт буоллахпына, “Бацзы” ньыматынан Крыса сылыгар оҕолоннохпуна, оҕом ситиһии аргыстанар.
Оҕо төрүүрүн эрдэттэн суоттуур ордук
— Биһиги Ийэ күнүн бэлиэтээри олоробут. Бэйэҥ саастыы эдэр ийэлэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Оҕолонорго санаммыт дьахтар оҕотун “дьылҕатын хаартатын” эрдэттэн аахтарара ордук. Ол аата оҕо төрөөһүнүн сылын эрдэттэн суоттатан, ханнык сылга төрөөтөҕүнэ, оҕото ситиһиилэнэрин ааҕан билиэххэ сөп. Эдэр ыал былааннанан оҕолоноро ордук. Сорох дьахтар оҕото төрөөт, туга эрэ табыллыбакка, өлөн хаалар. Ол аата табыгаһа суох кэмҥэ былаана суох кэлбит оҕо оннук дьылҕаланар. Оҕолоругар бэйэлэрэ идэ “булан биэрэр”, санаабыттарынан оҕолорун үөрэттэрэн баран, ол ыччат идэтин сөбүлээбэккэ уларытара эмиэ баар. Холобура, бу мин курдук. Оччотугар оҕо төһөлөөх элбэх бириэмэтин сүтэрэрий?
— Ити “Бацзы” ньымата үөһэттэн айдарыы дуо?
— Киһи төрүүрүгэр ол күн сулустар хайдах салаллыбыттарынан олоҕо түстэнэр эбит. “Бацзы” ньымата – киһи төрөөбүт күнүнэн, сылынан, чааһынан суоттанар. Бу ньыманан дьылҕата эрдэттэн ааҕыллар оҕо иитиигэ ордук бэринимтиэ. Оттон баҕата кэмигэр учуоттамматах оҕо, туга эрэ табыллыбакка хаппырыыстыыр, сыыйа өсөһөн, бэйэтигэр киирэн, “сабыллан” хаалыан сөп. Билигин обургу оҕо “дьылҕатын хаартатыгар” кини туох идэни талара сөптөөҕүн, ханнык хамнастаах идэни булуон сөбүн ааҕыахха сөп.
Ыал буолууну түргэтэтии
— Оттон ыал буолууну “Бацзы” ньыматынан эмиэ эрдэ аахтарыахха сөп буолуо?
— Ыал буола илик киһи “дьылҕатын хаартатын” эрдэттэн суоттатыан наада. Эр киһи уонна дьахтар сыһыаныгар сыһыаннаах сүбэ үгүс. Ол энергияны сөптөөхтүк туһанарга үөрэннэххэ, сыыһаны-халтыны оҥорортон туттунарыҥ чахчы.
— Хаарыан уолаттар уонна кыргыттар ыал буоларга тиэтэйбэттэр дии. Ол ону хайдах “түргэтэтиэххэ” сөбүй?
— Биллэн турар, ыал буолуон ким баҕарбат үһү. Өр кэргэн тахсыбакка сылдьар кыргыттар көрдөһүүлэринэн дьиэлэригэр фэн-шуй компаһынан “эр киһи” секторын күүһүрдэбин. Ыал буолаллар.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ эдэр дьон баҕата тугуй, туохха ордук болҕомтолорун ууралларый?
— Саҥа дьыл ыраах курдук эрээри, ыччат үксэ 2020 сылыгар ситиһии тартарар. Соторутааҕыта Москваҕа “Бизнес аудита” диэҥҥэ үөрэнэн кэллим. Урбаанньыттары кытта саҥа бырайыакка ылсалларыгар үлэлэһэбин. Оннооҕор “Бацзы” ньыматынан, ханнык ый ханнык чыыһылатыгар дьыалаҕа ылсыахтарын сөбүн аахтараллар.
— Оттон өлүүнү таайтаран билиэххэ сөп дуу, онтон сэрэтиэххэ сөп дуо?
— Киһи олоҕор, биллэн турар, табыллар-табыллыбат кэмнээх. “Бацзы” ньыматынан суоттаан, уоннуу сылы инники көрүөххэ сөп. Онно ыарахан түгэннэр баар буоллахтарына, ааҕыы-суот көмөтүнэн оннук кэмнэри аһардарга үлэлэһиэххэ сөп. Киһи олоҕо үксүгэр быстахтан быстар. Ол ону сыыппара көмөтүнэн көннөрөн-тэҥнээн (коррекциялаан) биэрэҕин.
— Ити ньыманан үлэлээччилэр наһаа элбээн эрэр курдук истибитим.
— Уопсайынан, Дьокуускай куорат олохтоохторо сонун сүүрээни олус ылынымтыалар, олоххо түргэнник киллэрэллэр. Арааһа, ол иһин да буолуо, «пилотнай бырайыак» дэнэр хамсааһын үксэ мантан кынаттанан тахсар. Түмүгэ көстөр, дьыалаҕа биһиги дьоммут ылсан иһэллэринэн маладьыастар. Ол иһин олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыбыт.
Күндү ааҕааччым, итэҕэй-итэҕэйимэ, оттон мин дьикти идэлээх сэһэргэһээччини кытта кэпсэтэн, олоҕу атыннык көрөр буоллум.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, «edersaas.ru
Хаартыска Нарыйа Охлопкова дьиэтээҕи архыыбыттан.